Аҕам саастаахтар ыйдарын чэрчитинэн тэриллибит «Көмүс саас» лааҕыр кыттааччылара Тойбохой, Кириэстээх айаҥҥа туруннулар. Туристическай айаны ыччат салалтата (сал.Иванов Т.А), МУП АТП (сал. Яковлева Л.С.), Сибиэрэп киинэ (сал.Седалищев А.Д.) тэрийдилэр. Аҕам саастаахтар икки автобуһунан айаннатан бастакы тохтобуллара Тойбохойго Г.Е.Бессонов тэрийбит баай ис хоһоонноох түмэлэ буолла. Түмэлгэ хартыына галереятын, айылҕа уратытык чочуйан таһаарбыт дьикти-дьиибэ көстүүлэрин, саха былыргы олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр мал-сал баарын сэргии көрдүлэр. Түмэли көрөн-истэн баран салгыы Кириэстээх нэһилиэгэр айан туттулар. Манна кинилэри «Кустук» аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ көһүтэр.
Ыраахтан кэлбит ыалдьыттары Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов бэйэтинэн уруйдуу-айхаллыы көрүстэ. Тутатына Сунтаартан кэлбит ыалдьыттар нэһилиэккэ аспаал суол баарын, элбэх саҥа тутуу барарын бэлиэтии көрдүлэр. Кириэстээх Кустуктара талба талааннарын көрдөрөр быыстапка уурбуттар, ону тэҥэ эҕэрдэ ырыаларын тардан кэбистилэр. Билсии-көрсүү кэмигэр оҕолуу оонньоон ыллылар, үөрдүлэр-көттүлэр. Түмүккэ, минньигэс астаах сандалы тула олорон уруккуну-хойуккуну санастылар.
Оксана Еремеева, Сибиэрэп киинин үлэһитэ:» «Көмүс саас» аҕам саастаахтарга күнүскү лааҕырбытын иккис сылын тэрийэбит. Быйыл Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сыла биллэриллэн бу ытык дьоммутугар өссө улахан болҕомтону туһаайдыбыт. Ол иһин, лааҕырбыт үлэтин өссө кэҥэтэн, сайыннаран, атын тэрилтэлэри кыттыһыннаран бу айаны тэрийдибит. Түгэнинэн туһанан, айаммытыгар көмөлөспүт, тэрийсибит тэрилтэлэрбитигэр махталбытын биллэрэбит«.
Көрсүһүү бу түгэнинэн эрэ түмүктэммэт буолла. Аны ыалдьытымсах Кириэстээх нэһилиэгин аҕам саастаах «Кустук» түмсүүлэрин Сунтаарга күүтэллэр.
Мира АФАНАСЬЕВА