Көмүс саас мичээрэ

(Бастакы күн)
От үлэтэ үмүрүйэн, оҕуруот аһа хомуллан кыстык кыһарыйыан иннинэ быыһык кэмҥэ түбэһиннэрэн  С.А. Зверев – Кыыл Уолун аатынан киин үлэһиттэрэ Аҕам саастаах дьон күннэрин чэрчитинэн, “Көмүс саас мичээрэ” диэн наһаа сылаас тыыннаах лааҕыр тэрийдилэр.

Киирэн кэлээти кытта, сарсыарда эрдэ 9 чаас дибэккэ сахалыы таҥастаах уолаттар, кыргыттар бу эйигин эрэ күүтэн турбуттуу үөрэ көрүстүлэр. Дьэрэкээн ойуулаах ыҥырыы суруктары, үс күннээх үлэ тосхолун туттардылар. Бу күҥҥэ улахан суолта биэрэн улуу уораҕай тойоно Алексей Седалищев, лааҕыр начальнига, сахалыы таҥаһын толору кэтэн тахсан эҕэрдэ эттэ. Улуус бастыҥ тойуксута Туйаара Алексеева алгыс тойугун туойан доллоһутта.

Онтон лааҕырга сылдьар” оҕолор” сиэрдэринэн сиэттиһэн баран урут кыһыл былаах кэнниттэн хаамар буоллахпытына, билигин кыһыл былааччыйалаах баһаатайбыт Оксана Еремееваны кус оҕотунуу батыһан эти-хааны уһугуннарар үҥкүү-сэрээккэҕэ таҕыстыбыт. Эдэркээн кэрэчээн үҥкүүһүт кыыс Мотя Лазареваны үтүктэн санаабытыгар ньургуһуннуу нуоҕайдыбыт, сибэккилии сэгэйдибит.

«Оҕолор барахсаттар” аһаабакка кэлбиттэрэ буолуо диэн сып-сылаас алаадьылаах, күөрчэхтээх, итии чэйдээх сандалыга олорон билсистибит. Екатерина Григорьева иилээн-саҕалаан, араас соһуччу ыйытыылары биэртэлээн ситэрэн- хоторон, билсиһиибит бэрт истиҥник таҕыста.

Дьэ, онон доҕоттоор, элбэх даҕаны бэлэмнэнии үлэ барбыта көстөн таҕыста. Улуустааҕы остуол оонньууларын киэҥник тарҕатааччы Мария Егорова «ГО» диэн бэрт дьикти оонньууну уөрэтэн, оонньотон сэргэхситтэ. Улуустааҕы кинигэ кыһатын  компьютерщиктара Сергей Иванов, Мария Томская аныгы сибээс өҥөтүнэн хайдах туһанары, харыстанары үөрэттилэр. Өссө кэлэр өттүгэр босхо үөрэтэргэ сайаапка хомуйдулар. Сахалыы алпаабыт буукубаларын туруоран кырдьаҕас дьону үөртүлэр, онон «үөрүүбүт» «уоруу» буолара уурайда.

Норуот эмчитэ Григорий Попову  кытары атах тэпсэн олорон сэлэстибит. Мин минньигэһи сиэҥ, арыыттан-сыаттан эмиэ аккаастанымаҥ диэбитин астына иһиттим. Ол да буоллар, аһаҕас уокка буспут хоруорбут -кэриэрбит олус туһалаах диэбитин ороһуйа иһиттим. Баҕар, мин билбэтим буолуо, ол эрэн ыйга биирдэ шашлыгы сиэҥ диэбититтэн манньыйдым.

Онтон доҕоттоор, музыка оскуолаттан Ирина Ноговицына баянын сүгэн кэлэн урукку ырыалары тардан кэбистэ. Ырыабыт тыла экраҥҥа көстө турар буолан сатыырдыын-сатаабаттыын бары ыллаатыбыт. Улуу дьоппуон омук уһун үйэлээхтэринэн биллэллэр. Кинилэр сотору-сотору ханна баҕарар ыллыы сылдьабыт, ол иһин уһун үйэлээхпит дииллэр эбит. Дьэ, кинилэр обургулар билбит буолуохтаахтар.

Бу “Көмүс саас мичээрэ” лааҕырбытыгар 24 буолан сылдьабыт. Күн аҥара сылдьарбытыгар 2-тэ аһаталлар. Ол аһылыктарын оҕолор бэйэлэрэ аҕалаллар, буһараллар эбит. Бүгүн эбиэккэ дириэктэр бэйэтинэн сибиэһэй эт аҕалан отой сахалыы тотоойу миин истибит. “Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар” диэбит курдук лааҕырга ылыы бу 24 киһинэн бүттэ. Онон лааҕырбыт үчүгэйигэр ымсыырбыттар «ыт атаҕын» туттугут, аныгыскы кэрэ кэми күүтэҕит. Дьэ бу буолбатах дуо, доҕоттоор, оҕолорбут биһиэхз истиҥ сыһыаннара, кыһамньылара.

Аны өссө икки күн баар. Салгыы кэпсиэхпит.

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Читайте дальше