«Көмүс саас мичээрэ» лааҕыр иккис күнэ

Лааҕырбыт иккис күнэ эмиэ алгыстаах 9 мэҥэ хамсаныыттан, үҥкүү сэрээккэттэн саҕаланна. Бүгүҥҥү күммүт эмиэ улахан уларыйыылаах. Сарсыардаттан Виктория Валерьевна салайааччылаах үрүҥ халааттаах аанньаллар кылбаарыһан кэлэннэр хааммыт баттааһынын кээмэйдээн, анаалыс арааһын ылан( балыыһаҕа баран хаһан уочаракка тиксэн анаалыс туттарарыҥ хойгур дойду), сүрэхпит тэбиитин устан, кислороднай коктейль иһэрдэн, тумууну утары баҕалаахтарга быһыы туруоран (күһэйии отой суох ), анал кырдьаҕастар быраастара анаан көрөн, кэпсэтэн кырдьаҕастар ырайга ыттыбыт тэҥэ буоллубут.

Киирэн иһиэхтэн араас минньигэс сыт муннубутун кычыкылатан (сарсыарда анаалыс биэрээри аһаабакка кэлбит дьон) нэһиилэ тулуйдубут. Отой уратытык буһарыллыбыт хааһыны сиэтибит. Үчүгэйэ, уратыта бэрт буолан тугу сиэбиппитин да билбэтибит. Сарсын эмиэ ол хааһыбытын сакаастаатыбыт. Аһылык бириэмэтигэр Катюшабыт (бодоруһан итинник ааттыыбыт) араас күлүүлээх, дьикти таабырыннарынан аспытын тумалаан тупсаран биэрдэ. “Өссө ханнык хааһыны сиэххитин баҕараҕыт оҕолоор?”- диэннээхтэр.

Онтон доҕоттоор үөһэ этээскэ тахсан оҕолуу оонньоотубут, күлүү -үөрүү бөҕө буоллубут. Аны полиция үлэһитэ Егор Николаев массыанньыктартан хайдах сэрэнэри, харчыгытын албыннатымаҥ диэн наһаа өйдөнүмтүөтүк кэпсээтэ, көрдөрөр-кэпсиир өйдөбүнньүктэри түҥэттэ. Уолбут көстөр кэрэ сэбэрэтин курдук кэпсээнэ эмиэ наһаа үчүгэй буолуоҕун наһаа “бааһынайдыы” саҥаран сымсатта. Кэлэр өттүгэр итинник наадалаах дакылаатынан элбэх сиргэ сылдьарыгар ити алҕастарын көннөрдөҕүнэ оһуобай буолуо. Сорох тыллары сахалыы саҥардарга күүһүм-өйүм кыайарынан көмөлөһүөхпүн сөп.

Психолог Надежда Тимофеева уйулҕа тиэмэтигэр кэпсээнэ, тиэстэрэ эмиэ улаханнык сэргэхситтэ. 13 сыл устата «Тыгын Дархан «эрэстэрээҥҥэ үлэлээбит Николай Баянаев муус маҥан таҥас салпыаккаларынан остуол киэргэтиилэрин оҥорон, хас биирдиибитигэр оҥорторон наһаа туһалаах үөрэҕи ыытта.

Онтон доҕоттор ол сырыттахпытына күнүскү аһылык кэмэ тиийэн кэллэ. Күлэн мичилийэ сылдьар, сиэтэн илдьэн аһаталыыр Галина Михайловна салайааччылаах асчыт кыргыттар Туяра, Эля, Юля, Аня кус миининэн күндүлээтилэр. Сып-сымнаҕас минньигэс кустары кулууп байанайдаах булчут уолаттара аҕалбыттар. Бэйэбит баттахпыт курдук кыыдаа маҥан куобах түүтэ хаар түһэ турдаҕына, оҕолор илиилэрин сылааһын, истиҥ сурэхтэрин иэйиитин иҥэрбит алгыстаах астарын аһыыр — саастаах дьоҥҥо тугунан да кэмнэммэт үөрүү.

Сарсыҥҥы элбэх үөрүүнү, курус арахсыыны бэлэхтиэхтээх күммүтүн торумнаан, ону күүтэ иккис күн бүттэ. Бүгүн, бэҕэһээ сылдьыбатах дьон ымсыыран кэлэн былаан кыратык доҕолоҥноото, ол эрэн салайааччылар таба дьаһаныыларынан улаханнык биллибэтэ. Аныгыскы өттүгэр дьоһуннаах саастаах дьон итинник алҕаһы таһаарымыаҕыҥ. Баһаатайбыт Оксана Еремеева кус оҕолорун курдук батыһыннара сылдьар, отой куруук баһаатайдыы сылдьыбыт курдук. Кулууппут оҕолоро хаартыскаҕа хатанар кэрэ миэстэ оҥоро охсоннор, сахалыы таҥнан-симэнэн хаартыскаҕа хатанныбыт, үтүө түгэн үйэтийдэ. Кырасаабысса Мира Афанасьевабыт олох батыһа, сирдии сылдьан туох буоларын биллэрэн, хаартыскаҕа хатаан күн солото суох. Туох үчүгэй буоларын кэпсээн, устан иһэр Тускулаанабыт кэлэн эмиэ үйэтиттэ.

Мин тоҕо бу тэрээһини күнүнэн кэпсиибиний? Атын нэһилиэктэр, улуустар бу маннык үчүгэйи үтүгүннүннэр, дьоһун саастаах дьоннорун үөртүннэр, уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ кэрэ кэпсээн буоллуннар диэн.

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

 

Читайте дальше