Кэмпэндээйигэ «Күн-ЭКО» экспедиция үлэтин саҕалаата

От ыйын 19 күнүгэр Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр «Сир уустара» лааҕыр базатыгар, өрөспүүбүлүкэ оскуола оҕолоругар «Күн-ЭКО» диэн научнай- экологическай экспедиция үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Бу экспедиция СӨ Экология министиэристибэтэ, региональнай «Движение первых» хамсаныы СӨ Наукатын Академията тэрийэн уонна «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин өйөбүлүнэн 6-с төгүлүн ыытыллар.

Ол курдук манна оҕолор бөлөхтөрүнэн арахсан ученайдары кытта орнитология, ботаника, гидрология уонна краеведение билимнэрин үөрэтэллэр.

Ону сэргэ күн аайы оҕолорго араас култуурунай тэрээһиннэр, оонньуулар ыытыллыахтара уонна оҕолор Кэмпэндээйи биллэр сирдэригэр, туустаах уонна үөннээх хайаҕа экскурциялыахтара.

Уопсайынан экспедицияҕа 38 оҕо Саха сирин араас улуустарыттан кэлбиттэр, ол курдук: Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар уонна Дьокуускай куораттан.

 

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше