Олохтоох бибилэтиэкэ «БилииБиб» лекторийыгар Дьокуускай куораттан Мельников аатынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт учуонайдара көрсүһэн бардылар. Кинилэри кытары бу кыһын биһиэхэ Нуучча географическай уопсастыбатын кыһыҥҥы научнай оскуолатын тэрийбит Александра Петрова сылдьар. Учуонайдар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, наукаҕа тугу, хайдах чинчийэллэрин кэпсээтилэр. Ол курдук, геотермия лабораториятын үлэһитэ Анатолий Кириллин ирбэт тоҥ туругун, сир анныгар баар боруодалар физическэй туруктарын, теплофизиканы үөрэтэрин кэпсээтэ, оттон Валерий Семенов геотермия лабораториятыгар билиҥҥи килиимэт уларыйыыта ирбэт тоҥҥо хайдах дьайарын, инники туругун сабаҕалааһыны оҥорорго үлэлииллэрин билиһиннэрдэ. Салгыы
тоҥ ландшафт лабораториятын Александр Васильев айылҕа уларыйыыта сиргэ, окко-маска туох-хайдах уларыйыытын чинчийэллэрин кэпсээтэ. Онтон Александра Николаевна, килиимэти чинчийэр учуонай буолан, бу кэнники сылларга айылҕа уларыйыытын, ол дьоҥҥо-сэргэҕэ, олоххо дьайыытын чинчийэр эбит.
Бибилэтиэкэҕэ Александра Николаевнаны кытары бииргэ 2015 сыллаахтан үлэлиибит. Эспэдииссийэ тэрийэн туустаах сирдэри, күөллэри, Таас туус хайаны чинчийбиппит. Манна олохтоох оскуола оҕолоро кыттыыны ылбыттара. Бу да сырыыга оҕолору эмиэ наукаҕа сыһыаран чинчийэр үлэни ыытарга диэн былааннаан кэллилэр. Үөрэнээччилэр учууталлары кытары манна тааһынан тутуллубут дьиэлэргэ хаһыллыбыт скважиналарга анал прибордары уган кэтээн көрүөхтэрэ. Оскуола салалтата утары баран институту кытары дуогабар баттаһыахтаахтар.
Учуонайдарыын саҥа тутуллуохтаах оскуолаҕа баран скважиналары көрдүбүт, манна кыраадыс кээмэйдиир прибордары уган баран датчикка хайдах көрөрү көрдөрдүлэр. Маннык скважиналар саҥа тутулла турар уопсай дьиэҕэ, саҥа кулуупка, санаторий таас дьиэтигэр бааллар. Бу күһүн кэлэн хас да скважинаҕа анал прибордары угуохтара. Өссө Кэмпэндээйигэ эрэ баар сэдэх криогалит минералын үөрэтэргэ көмөлөһүөхпүт диэн үөртүлэр.
Ыалдьыттарбыт эмтээх күөлгэ сөтүөлээн, туус тахса турар бассейнныгар, түмэлгэ сылдьан сөҕөн-махтайан баран салгыы АЛРОСА хампаанньа сорудаҕынан алмаас хостонор сирдэри чинчийэ-үөрэтэ Мииринэй улууһугар айаннаатылар.
Татьяна МЕСТНИКОВА, бибилэтиэкэр