«Көмөлөһө кэлэллэрин күүтэбит» дии хааллылар сиэккэ өрөөччүлэр

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөн, кинилэр кыайан-хотон, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар улуус олохтоохторо араас хайысхалаах аахсыйаны, тэрээһини ыыталлар.

Олортон биирдэстэрэ, байыастарга анаан харыстыыр сиэккэни өрүүнү улууспут уопсастыбанньыктара көҕүлээһиннэринэн тэриллибитэ ыйтан орто.

Сунтаар нэһилиэгэр «Партитзан» НАТК балаҕаныгар мустан, ийэлэр, эбэлэр бу үтүө дьыалаҕа кыттыһан, күн аайы сарсыарда 10 чаастан киэһэ алтаҕа диэри харыстыыр сиэккэ өрүүтүгэр үлэлии сылдьаллар. Билигин уопсайа 16 сиэккэни оҥорон бүтэрбиттэр. Бу бүппүт сиэккэлэртэн уоппускаларыгар кэлэ сылдьар уолаттарбыт үөрэ-көтө, махтанан туран, ылан барбыттар. Сороҕун ааспыт нэдиэлэҕэ ыыталаабыттар.

Бу үлэни сүрүннээччинэн волонтер, оройуон дьокутаата Жанна Макарова буолар. Кини кэпсииринэн, бу аахсыйа тэриллиэҕиттэн биир да күнү көтүппэккэ сылдьар ийэлэр, эбэлэр уолаттара, чугас аймахтара СВО кыттыылаахтара буолан, сүрэхтэригэр чугастык ылынан, биир да өрөбүлэ суох кэлэн үлэлииллэр эбит. Кинилэри кытары оскуола үөрэнээччилэрэ эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьаллар. Сиэккэ өрөөччүлэр этэллэринэн, оҕолор сиэккэ өрүүтүгэр маастар-кылаас да биэрэр кыахтаммыттар. Кырдьык да оннук, биһиги, хаһыат үлэһиттэрэ, биир күн аҥаара көмөлөһө тиийбиппитигэр үгүстүк сүбэ-ама биэрбиттэрэ, хайдах өрүллэрин көрдөрбүттэрэ.

Таһыттан сылдьан санаатахха, сиэккэ өрүүтэ судургу дии саныыбыт ээ. Ол эрээри, оннук буолбатах эбит. Барытын ааҕан-суоттаан, ханан хайдах өҥү тиһэри, кыбытары кытары толкуйдаан таһаараллар эбит. Аны бу сиэккэ турар каркаһа киһи уҥуоҕуттан (роһуттан) үрдүк, онон илиигин өрө тутан өр туруоххун, үлэлиэххин, ону сэргэ аллара үгүстүк төҥкөҥнүөххүн наада. Манна үлэлээччилэр, үөһэ этэн аһарбытым курдук, саастаах ийэлэр, эбэлэр. Киэһэ санныбыт ыалдьар, сиспит нуойдуур дииллэр. «Ол эрээри, сарсыарда ойон тураат, хорсун хоодуот уолаттарбытын санаатыбыт да сылайбыппыт ааһан, эмиэ салгыы манна үлэлии кэлэбит» диэн кэпсээтилэр. Аны туттар матырыйаал олус элбэх барар эбит. Хата, амарах санаалаах, үтүө дууһалаах олохтоохтор, тэрилтэлэр, салалта көмөлөрүнэн үп хомуллан матырыйаалы, сиэккэни сакаастыыллар эбит. Илим да көмөнү дьон оҥорор аҕалаллар диэн этэллэр. Барахсаттар, үксүгэр бэйэлэрин харчыларынан кыттыһан эрдэ WB, бэйэлэрэ этэллэринэн «баалбарыстан» сакаастыы сылдьыбыттар.  Билигин ол «баалбарыстарыгар» сыана үрдээн, аны OZON-ҥа сакаастыырга соруммуттар. Бастаан нэһилиэнньэҕэ биллэрии таһааран, дьон көмө харчы ыыппытынан атыыласпыт матырыйааллара биһиги сылдьарбытыгар бүппүтэ. Сакаастара кэлин күүтэллэр. Ол кэннэ, өссө хантан ыларбыт буолуой диэн олус долгуйа олордохторуна, кыыстара Жанна Петровна олус үөрүүлээх сонуну эппитигэр үөрэн мэктиэтигэр ытыстарын таһыннылар. Ол курдук, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров дьиэ кэргэнинээн бэйэлэрин көмөлөрүн  50 тыһ. солкуобайы утары ууммут. «Дьэ, бу үтүө холобур. Мантыбытынан 10-тан тахса сиэккэҕэ тиийэр матырыйаал ылыахпыт» диэн үөрүү-көтүү буолбуттара.

Аны, сиэккэни өрүүнэн эрэ муҥурдамматтар эбит. Кураанах бу биир сиэккэни эрэ ыытыахпыт дуо, манна эбии дойдуларыттан кэһии туттахтарына оҕолорбут төһө эрэ үөрэллэр, харысхал тэриллэри бэйэлэриттэн араарбакка сиэптэригэр укта сырыттахтарына күүстэригэр күүс эбиллиэ, дойдуларын тыына харыстыы, хаххалыы сылдьыа диэн санааттан харысхал бэлиэлэри оҥорбуттар. Ону таһынан амарах ийэлэр, эбээлэр байыастарга наскы, футболка, бэрчээкки, чэ быһата, туох наадатын көрөн дьиэлэриттэн аҕалбыттар. Холобур, Людмила Филиппова дьүөгэтинээн минньигэс кэмпиэт арааһын аҕалбыттарын, ыраах айаҥҥа барарыгар сиигириэ диэн пластик бытыылкаларга хаалаабыттар, табахтары бэрт кичэллээхтик суулаан, скочтаан кэбиспиттэр. Бу кэһиилэрин сиэккэни кытары холбуу кууллаан, суруктаан-бичиктээн Дьокуускайга, Мииринэйгэ ыыппыттара.

Байыаннай дьайыыга сылдьааччылар сакаастаан оҥорторбут сиэккэлэрин тутаннар махталларын этэллэриттэн ийэ, эбэ дьон сүрдээҕин үөрэллэр.

«Бу эһиги курдук, атын да тэрилтэлэр аҕыйах да чааска кэлэн көмөлөһөллөрө буоллар бэрт буолуо этэ. Хата, дьоҥҥо тириэрдээриҥ эрэ. Ону сэргэ харчынан, таҥаһынан да көмөнү оҥороллоро буоллар» дии хааллылар.

Бу күннэргэ сакаастаабыт матырыйааллара кэлэн, саха балаҕанын иһигэр үлэ күөстүү оргуйар, саҥа кэлэн кыттыһааччыларга үөрэтэр күө-дьаа саҥа үксээтэ.

Яина Власьева

Читайте дальше