Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата кэрэ, уран эйгэҕэ кэлэр көлүөнэни уһуйууга, оҕо талаанын арыйыыга, эбии үөрэхтээһиҥҥэ үгүс өҥөлөөх улууспутугар баар үөрэх тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ буолар. Манна бүгүҥҥү күҥҥэ уһун кэмҥэ үлэлээбит идэлэригэр бэриниилээх, чаҕылхай талааннаах педагогтары сэргэ эдэр, кэскиллээх уһуйааччылар күннэтэ оҕолору уран эйгэҕэ уһуйаллар. Оскуоланы дириэктэр Алексей Константинович Степанов хаһыс да сылын салайан үлэлэтэр.
Сунтаарга музыкальнай оскуола аан бастаан 1967 сыллаахха аһыллыбыта. Билигин үлэлии олорор реконструкцияны ааспыт дьиэтигэр 2006 сыллаахха киирбиттэр, онтон 2007 сылтан оҕо искусствотын оскуолата диэн ааттаммыта.
Алексей Константинтинович сорох уһуйааччыларын уонна оскуолаҕа дьарыктанар үөрэнээччилэри кытта бу күннэргэ Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Сунтаар улууһун тэрээһиннэригэр кытта сылдьаллар эбит.
Светлана Иванова, Сунтаардааҕы искусство оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы:
– Оскуолабыт 50 үлэһиттээх, онтон 27-тэ педагог. Элгээйигэ баар искусство оскуолатын кытары 2021 с. биир тэрилтэ буобуппут. Бүтэһик биэс сыл иһигэр “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн үп көрүллэн оскуола элбэх, саҥа тромбон, икки цифровой рояль, электробарабан курдук музыкальнай инструменнарынан, ону тэҥэ үөрэтэр тэриллэринэн хааччыллыбыта.
Оскуолабытыгар 11 кылаас баар: хореография, фортепиано, баян, ВИА, уруһуй, синтезатор, вокал, хор, гитара уо.д.а. кылаастара.
Анна Чойнова, хореография преподавателэ:
– Биһиги отделениебытыгар билиҥҥитэ 100-тэн тахса оҕо үөрэнэр. Оҕону үөрэтэргэ анал ФГОС бырагыраамалара бааллар, онон үөрэтэбит, бэлэмниибит. Билигин 8 сыл үөрэнэр бырагырааманан дьарыктыы сылдьабыт. Ону таһынан сорох оҕолорбут үҥкүүгэ дьарыктарын таһынан“Айыллыы” үҥкүү ансаамбылыгар сылдьаллар. Бу ансаамбылбыт 2011 с. тэриллибитэ. Ол кэмтэн араас таһымнаах күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Ол курдук, бу күннэргэ Казахстаҥҥа баран норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттан “Кылаан кыайыылаах” буолан кэллибит.
Юлия Филиппова, вокальнай, хоровой кылаас уһуйааччыта:
– Мин кылааспар 41 оҕо үөрэнэр. Хорга сылдьаллар, сорохтор сольнайдык дьарыктаналлар. Бу үлэлиирим тухары араас оҕону кытта үлэлээн аастым. 2018 с. биһиги оскуолабыт саҥа стандарт киирэн предпрофессиональнай диэн үөрэхтээһин бырагырааматыгар көһөн үөрэтэ сылдьабыт. Урут 5 сыл үөрэтэр эбит буоллахпына, билигин оҕо бу кылааска 8 сыл үөрэнэр. Инньэ гынан хайа да киин куораттарга баар оскуолаларга үөрэнэр оҕолортон итэҕэһэ суох дьарыктанар кыахтаннылар. Манна үөрэммит оҕолор кэлин музыка хайысхатынан үөрэнэ баралларыгар олус көмөлөһөр.
Култуура министиэристибэтин көҕүлээһининэн оскуола ылыммыт бырагыраамата оҕону үөрэтиигэ, талаанын сайыннарарга көдьүүстээҕин көрдөрбүтүн үгүс уһуйааччы да, төрөппүт да тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Манна үөрэммит оҕолор дьарыктаммыт хайысхаларынан кылаастарын бүтэрдэхтэринэ бэриллэр сибидиэтэлистибэлэрин таһынан ылар билиилэрэ, уопуттара инникитин үөрэххэ киирэллэригэр олус туһалыыллара саарбаҕа суох.
Кэрэҕэ-сырдыкка уһуйар Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ элбии, сайда турдуннар.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ.