Бүгүн, оҕолор сынньалаҥнарын кэмигэр, Сомоҕолоһуу күнүн көрсө Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. 

Ол курдук, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго бу Сомоҕолоһуу күнэ диэн хайдах төрүттэммитин, дойдубутугар араас норуот олорорун бэлиэтээн кэпсээбиттэрин оҕолор сэҥээрэн иһиттилэр. Ону тэҥэ араас хайысхаҕа арахсан тургутук күрэҕэ, дойдубут араас норуоттарын оонньууларын , өс хоһооннорун, таабырыннарын таайдылар уонна марий норуот куукулатын оҥорууга маастар кылаас буолла. Оҕолор дуоһуйа, астына оонньоон, араас бириис ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

   Алена ИВАНОВА

Читайте дальше