Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, оскуола оҕолорун сынньалаҥнарын кэмигэр, Элгээйитээҕи Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ кэлэктиибэ, эрдэттэн былааннаан, аралдьытыы күнүн тэрийэн, биир умнуллубат күнү атаардыбыт.
Бу күн оҕолор, төрөппүттэр буолан хамаандаҕа арахсан араас таһымнаах оонньуулары оонньоон, быыстапка көрөн дуоһуйа сынньанныбыт. Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан элбэҕи билэҕин-көрөҕүн. Кылаас кэлэктиибинэй көҕө, ону таһынан оҕо бибилэтиэкэҕэ сылдьар интириэһэ үрдүүр. Нэһилиэкпит аныгылыы таһымнаах бибилэтиэкэлээҕиттэн олус үөрэбит. Бибилэтиэкэ салайааччытыгар Татьяна Семеноваҕа, улэһиттэргэ Мария Чагдинскаяҕа, Елизавета Ивановаҕа улахан махталбытын тириэрдэбит.
Үлэҕитигэр саҥа саҕахтар арылла, үрдүк ситиһиилэр тосхойо турдуннар.
Элгээйитээҕи орто оскуола 4 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ.