Ааспыт сылга Бүлүүчээн оскуолатын 120 сылыгар анаан «Кэскиллээх олохпут кыһата» кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэни Елизавета Егорова уонна Сардаана Григорьева эрэдээктэрдээн таһаарбыттар.
Бэҕэһээ Дьокуускай куоракка «Туймаада» судаарыстыбаннай ансаамбыл камернай саалатыгар кинигэни сүрэхтээһин үрдүк таһымҥа ыытылынна. Ис киирбэх сүрэхтэнии тэрээһинин кинигэ эрэдээктэрэ Елизавета Эдуардовна бэркэ иилээн-саҕалаан ыытта. Бу күн биир дойдулаахтарбыт, оскуолаҕа араас сылларга үөрэммит биир дойдулаахтарбыт кэлэн, кинигэни сэргии көрдүлэр, санааларын ирэ-хоро атастастылар. Холобур, Бүлүүчээн оскуолатын Василий Степанов, хартыына галереятын дириэктэрэ Александр Кириллин үтүө тыллары анаатылар, эҕэрдэлэрин эттилэр.
Маргарита ВИНОКУРОВА, Дьокуускай