Балаҕан ыйыгар Дьокуускай куоракка «Инвастартап ВОИ Дальний Восток» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон үлэлээх буолалларыгар аналлаах улахан тэрээһин ыытылынна. Манна Амурскай уобаластан Хабаровскайтан, Камчаткаттан, Магадантан кыттыыны ыллылар. Ону тэҥэ, Москва куораттан дойду үрдүнэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Михаил Осокин ыалдьыттата. Бу тэрээһини өрөспүүбүлүкэ улэлээх буолууга министиэристибэтэ уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева уонна кини 10 киһилээх хамаандата иилээн-саҕалаан ыыттылар. Сунтаартан 6 доруобуйаларынан хааччахтаах дьон: салайааччы — Наталья Максимова, 3 киһи быыстапкаҕа, 2 киһи истээччи быһыытынан кытыннылар.
Бастакы күн семинар аһыллыыта, быыстапкалар буоллулар. Иккис күн «Кружало» атыы-эргиэн киинигэр маастар кылаастар, бизнес бырайыактары көмүскээһин, үһүс күнүгэр бизнес оонньуулар, төгүрүк остуол, тэрээһин сабыллыыта буолла.
Түмүккэ, Сунтаартан Алена Никифорова 10 бастыҥнар иһигэр киирдэ. Алёна туоһунан, өҥнөөх таастарынан бэлэхтэри оҥорор, кини оҥоһуктара атыыга хамаҕатык бардылар. Быыстапкаҕа Хадантан Мираида Попова кылтан оҥоһуктара, Марина Петрова сахалыы киэргэллэрэ дьон биһирэбилин ыллылар. Кыттааччылар бары туоһу сурук уонна өйдөбүнньүк тутан үөрдүлэр.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо олус туһалаах тэрээһин ааста диэн кыттааччылар бэлиэтээн этэллэр. Маннык киэҥ далааһыннаах үлэни ыытан Саха сирэ атын регионнарга үтүө холобур буолла.
Зинаида ФЕДОТОВА- Дьол Кыыма