Сунтаар улууһун II Бордоҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх нэһилиэк бастакы учуутала Попов Иван Игнатьевич 1907 с. Дьокуускайга учительскай семинарияны бүтэрэн баран, Орто Халыма улууһугар учууталынан үлэлээн, оччотооҕу кэмнэргэ улуус бастакы Сэбиэскэй былаас салайааччыларын үөрэппит учуутал этэ. Ол онно үлэлии сылдьан Березкиннар диэн сахатыйбыт нуучча хаһаактарын кыыстарын кэргэн ылан, Леонид, Серафим уонна Степан Орто Халыма улууһугар төрөөбүттэрэ. Онно олус үчүгэйдик үлэлии сылдьан, дойду ахтылҕана баһыйан, дойдутугар кэлэн Тойбохой 2 кылаастаах оскуолатыгар, Сиэйэ, Сунтаар оскуолаларыгар учууталынан үлэлээн, Сунтаар улууһун үөрэҕин сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрэн турар. Ол үлэлии сырыттаҕына, 30 сыл үлэлээбит ыстаастаах учууталы оройуон бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйинэн анааннар, Сунтаар библиотечнай систематын төрүттээн, сайыннаран уһун кэмҥэ үлэлээн кэлбит салайааччы буолар. Сунтаарга үлэлиир кэмигэр уолаттара Сунтаар оскуолатын бүтэрэн, аҕаларын кэс тылын толорон, 1929 с. үһүөн соҕуруу тиийэннэр, байыаннай-инженернэй училищеҕа үөрэнэннэр, Кыһыл аармыйа хамандыырдара буолбуттара. Онон Аҕа дойду сэриитин Кыһыл аармыйа хамандыырдара буолан өстөөҕү утары сэриигэ туруммуттара.
Бырааттыылартан саамай улахан убайдара Леонид Иванович Попов сэрии кэмигэр Главнокомандующай И.В.Сталин резервнай аармыйатыгар, 6-с танковай дивизиятыгар, 22-с механизированнай полкатыгар сулууспалаабыта. И.В.Сталин дьаһалынан элбэх сэрии фронугар кыттыбыта. Элбэх бойобуой уордьан уонна мэтээл кавалердара. Кини ССРС сэбилэниилээх күүстэригэр 1929 с. ахсынньы 25 күнүттэн саҕалаан, байыаннай училищены бүтэриэҕиттэн, 1946 с. бэс ыйын 21 күнүгэр диэри сулууспалаан, Аҕа дойду сэриитигэр хорсуннук сэриилэһэн баран, демобилизацияланан Московскай уобалас Загорскай куоратыгар олохсуйан олорбута. Кини байыаннай инженер буолан элбэх тутуулары тутуспута.
Орто уол Серафим Иванович Попов 21 саастааҕар, 1929 с., байыаннай-инженернэй училищеҕа үөрэнэ барбыта. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, эйэлээх кэмҥэ тутууга айымньылаахтык үлэлии сырыттаҕына, барыбытыгар биллэр уоттаах сэрии буолбута. Серафим Иванович сэрии хайа күн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри Ийэ дойду көҥүлүн иһин хорсуннук кыргыспыта, капитантан подполковникка тиийэ үүммүтэ.
Биир дойдулаахпыт маҥнай утаа Воронеж аннынааҕы, Дон, Ворскла өрүстэрдээҕи кыргыһыыларга икки “ Бойобуой үтүөлэрин иһин “, биир “Хорсунун иһин “ мэтээлинэн, дэбилгэннээх сүүрүктээх кырдьаҕас Днепри кини хамаандалыыр полката сатабыллаахтык туораабытын, өстөөхтөргө улахан хоромньуну оҥорбутун иһин Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта.
1944 с. Сунтаардааҕы оройуоннай бибилэтиэкэҕэ сэбиэдиссэйдии олорбут аҕата И.И. Попов оҕонньорго Серафим Иванович маннык суруйбутун ааҕабыт: “Ыраах дириҥ тыылтан эн суруктарыҥ кэллилэр. Ити – улахан моральнай көмө. Тыылбыт биһигини умнубатынан, биһигини кытары биир өйүнэн-санаанан олорорунан, бэйэтин бараммат-хороммот күүһүнэн биһигини кыргыһыыларга өрө күүрдэр. Билигин, Советскай Союз кыраныыссатын туораан, Румыния сиригэр немецкэй-фашисткай үөрдэри урусхаллыыбыт. Биһиги сирбитигэр ким үҥүүнэн түспүт, ол үҥүүттэн өлүөҕэ! Сэрии сотору бүтүө. Биһиги дойдубут уруккутунааҕар өссө ордук чэлгийэ сайдыаҕа… Эн уолуҥ Серафим. “
С.И. Попов итинтэн салгыы Дрездены, өстөөх арҕаҕын Берлины ылыы, Праганы босхолооһун актыыбынай кыттыылааҕа. Кини бойобуой түөһүн уопсайа 5 уордьан: икки Бойобуой Кыһыл Знамя, “Аҕа дойду сэриитин “ 1 уонна 2 истиэпэннээх, полководческай “Богдан Хмельницкэй “ 3 истиэпэнэ уордьаннар кэрэтик киэргэтэллэрэ. Кини сэрии кэмигэр 3 төгүл ыараханнык бааһырбыта.
Сахалартан, ол иһигэр биһиги улууспутуттан бастакы байыаннай инженер-подполковник, инженернэй мосто-понтоннай полк хамандыыра Серафим Попов сэрии кэнниттэн Москваҕа, ССРС оборонатын министиэристибэтин биир сүрүн управлениетыгар эппиэттээх дуоһунаска сулууспалаабыта. Ити кэмҥэ уола Москваҕа сулууспалыырын саҕана, 84 саастаах аҕалара Москваҕа баран уолаттарын Леониды, Серафимы көрсүтэлээн кэлбитэ. Серафим Ивановиһы кытта Тойбохой оскуолатын «Кыһыл суолдьут» оҕолоро суруйсар этилэр. Кини суруйбут суруктара Бессонов аатынан краеведческай мусуойга хараллан-ууруллан тураллар.
Биир дойдулаахпыт Серафим Попов 53 сааһыгар 1961 с. Москваҕа олорон сэриигэ ылбыт эчэйиилэриттэн ыалдьан өлбүтэ.
Кыра бырааттара, инженер-капитан Степан Иванович Попов Кыһыл аармыйа байыаһынан 1929 с. сулууспалаан, байыаннай училищены бүтэрэн, Кыһыл аармыйа хамандыыра буолан, сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хорсуннук-хоодуоттук сэриилэһэн элбэх судаарыстыбаннай наҕараадалардаах этэ. Кини Сэбиэскэй Сойуус маршала К.А. Мерецковтан именной бэстилиэтинэн наҕараадаланан турар. С.И. Попов сэриини Тихэй океаннааҕы флокка сулууспалыы сылдьан түмүктээбитэ. Онтон сулууспаттан демобилизацияланан баран, Владивосток куоракка олохсуйбута. Эйэлээх кэмҥэ Степан Иванович Приморскай кыраай архитектурнай управлениятын салайааччытынан – кылаабынай архитекторынан үлэлээбитэ. Кини Владивосток куоракка олорон 1999 с. күн сириттэн күрэнэн турар.
Эйэлээх олох иһин кырыктаах өстөөҕу кытары хотойдуу охсуспут саха уолаттарын, биир дойдулаахтарбытын ини-бии Поповтары Сунтаар дьоно-сэргэтэ өрүү өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ!
Виталий СЕМЕНОВ