Ийэлэр күннэрин дэкээдэтин уонна оскуолаҕа уйулҕа ыйын чэрчитинэн Илимниир нэһилиэгин оскуолатыгар бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Ол курдук, биһиги оскуолабыт учууталларын көҕүлээһининэн араас маастар-кылаастары көрдөрөн бириэмэни билбэккэ атаардыбыт. Учууталлар күн аайы үөрэтэр-такайар эрэ үлэлээх буолбатахтар. Араас талаан, сатабыл баар дьоно. Бу күн тэрээһиҥҥэ Наталия Осипова «Кинусай», Туйаара Ераскумова «Күннээҕи олоххо сирэйи оҥостуу кистэлэҥнэрэ», Пелагея Краскова «Нуучча тылын уонна литературатын уруогар оҕо ааҕар дьоҕурун уһугуннарар албастар», Анна Яковлева «Биир сиигинэн тигиллэр үтүлүк», Жанна Иванова гиипсэттэн «Аныгылыы киэргэл иһиттэр, холбукалар » диэн бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын үллэһиннилэр. Маастар-кылааска кэлбит учууталлар, ийэлэр бу тэрээһинтэн элбэҕи билэн, иҥэринэн, дуоһуйа сынньанан махталларын биллэрдилэр .
Маны тэҥэ кулууп үлэһиттэрэ нэһилиэкпит дьоруой ийэтэ Пелагея Алексеевна Спироваҕа эҕэрдэ маанытын, сиэдэрэй сибэкки бэлэх ууннулар. Аҕам саастаах ийэлэр, эбэлэр эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Дьоруой ийэлэртэн билигин биһиги ортобутугар, хомойуох иһин, суох ийэлэрбитин М. И.Иванованы, Е.П. Васильеваны ахтан-санаан аастыбыт.
Жанна ИВАНОВА,
социальнай педагог