Сааскы ириэрии номнуо саҕаланан, ордук тыа сирин олохтоохторо тэлгэһэ хаарыттан босхолонор, ыраастанар, чөкөтүнэр кэммит үгэнэ. Ол сиэринэн маннык үтүөкэн кэмҥэ үгүс ыал дьиэтин таһыгар түбүгүрэр. Ол эрээри ыарахан үлэни киһи эрэ бары кыайа туппат, ордук аҕам саастаах дьон кылгас ириэрии кэмин баттаһа түбүгү үмүрүппэттэрэ баар суол. Ону өйдөөн, үгүс нэһилиэк көхтөөх дьоно ыалга субуотунньуктуур үтүө үгэстэммиттэрэ олус үөрдэр.

Ол курдук, бэҕэһээ Илимниир ыччата — оскуола кэлэктиибэ уонна үрдүкү кылаас уолаттара нэһилиэктэрин аҕам саастаах олохтоохторугар Раиса Николаевна, Прокопий Трофимович Ероскумовтарга күрдьүктэрин хаарын таһан биэрдилэр.

Оттон Илимниир оскуолатын кэлэктиибэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэнигэр мастарын хайытан, туруоран биэрдилэр.

Амарах санаанан салайтарар түмсүүлээх үтүө быһыылара холобур буолан, маннык үтүө дьыала үксүү турдун.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата

Читайте дальше