Сунтаардааҕы элбэх оҕолоох ийэлэр кулууптара 1989 сыллаахха уопсастыбаннай түмсүү быһыытынан тэриллибитэ. 90-с сыллар дьалхааннаах, уустук кэмнэригэр 5-тии, 8-тыы оҕолоох ийэлэр, бэйэ-бэйэлэригэр өйөбүл буолар соруктаах, уустук балаһыанньалаах ийэлэргэ көмөлөһөр сыаллаах түмсүбүттэр. Мөкүнү кыйдыыр, үтүөнү түстүүр соруктаан, түмсүүлэрин “Арчы” диэн ааттаабыттар. Биир кэмҥэ ийэлэр кулууптара 160 чилиэннэнэ сылдьыбыт. Туох барыта дэписиит, кырыымчык буолбут кэмигэр бу маннык сомоҕолоһуу булуу-талыы, туруорсуу чааһыгар олус туһалаабыт. Инньэ гынан элбэх оҕолоох ийэлэргэ түмсүү күүһүнэн үтүмэн көмө, өйөбүл оҥоһуллубут. Тииһиммэт-түгэммэт олохтоох дьиэ кэргэҥҥэ, ийэ дьон уустук кэмнэригэр аһыттан саҕалаан таҥаһыгар диэри булан, кимиэхэ туох баарынан мунньан көмөлөсүһэллэр эбит.
“Түмсүүбүт үлэтэ олохторугар уустук кэмҥэ түбэспит ийэлэргэ ас-таҥас өттүнэн көмөлөһүүнэн эрэ муҥурдаммат. Манна биһиги бэйэбит курдук санаалаах, биир кыһалҕалаах ийэлэри кытта кэпсэтэн-алтыһан олох түбүктэриттэн аралдьыйабыт. Алтыһыы муунтуйбут санааны да аралдьытар буоллаҕа”, — диэн уһун кэмҥэ түмсүүнү салайа сылдьыбыт Зинаида Иванова кэпсиир.
Бу курдук түмсүү далбар хотуттара, истиҥ ийэлэрэ бу сыллар усталарыгар Сунтаар улууһун дьахталларын сэбиэтин кытта араас хайысханан ыкса үлэлээн, хайдах сатанарынан үлэлэрин уопутун нэһилиэктэргэ, эдэр ийэлэргэ тарҕатан кэллилэр.
Күн бүгүн Наталья Копылова салайааччылаах түмсүү уруккулуу көҕүн ыһыктыбат. Бастакы активист ийэлэр көҕүлээһиннэринэн, эбии саҥа чилиэннэри түмэн, олох үөһүгэр кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, нэһилиэк, улуус олоҕор көхтөөхтүк кыттан, үлэлии-хамсыы олорор.
“Арчылар” бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга хаххалыыр сиэккэ оҥорон бүтэрдилэр. “Дойдубутугар буола турар балаһыанньаттан хас биирдии ийэ сүрэҕэ ыалдьар, дууһата долгуйар. Ол иһин бэйэбит кыайарбытын, саатар, бу хаххаланар сиэккэни оҥорон уолаттарга ыытыахха диэн Зинаида Яковлевна Наталья Петровналыын сүбэлэһэн тыл көтөхпүттэрин кулууп бары чилиэннэрэ ис сүрэхтэн ылыммыппыт. Онтон ыла ким хаһан сололооҕунан көрөн киэһэ аайы мустан үлэлээн дьэ түмүктээтибит. Быыһыгар түөлбэ актыбыыстара, биирдиилээн да дьон кэлэн баайсан, таҥас кырыйсан улаханнык көмөлөстүлэр. Розалия Архипова, Альбина Федорова, Лия Тимофеева, Елизавета Догойдонова, Людмила Копылова (Туойдаахтан киирэн) уо.д.а. көмөлөстүлэр”, – диэн түмсүү кыттыылаахтара махтана кэпсииллэр. Бу сиэккэни оҥороллоругар түмсүү кыттыылаахтара бастаан туттар кырадаһыннарын муспуттар. Оттон илимҥэ иҥиннэрэн таҥыахха диэн идиэйэлээннэр, Зинаида Яковлевна кэргэнэ Лука Петрович өрбүт илимин ылан онно баайбыттар.
“Арчы” түмсүү ийэлэрэ бу оҥорбут хаххалыыр сиэккэлэрин таһынан анал олбохтору, бытык хорунар бириитибэни, бэлэм (готовай) маскировкалыыр сиэккэни, о.д.а. туһалаах маллары ким бэйэтэ, ким оҕолоро мунньаннар, ыытаары бэлэмнээн туруораллар.
Сунтаар улууһун дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александра Иванова бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии-хамсыы олорор дьахталлар түмсүүлэригэр: “Бу ийэлэрбит, эбээлэрбит, “арчылар” холобурдарын ылынаммыт, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии дьахталларын түмсүүтэ, саатар, биирдии сиэккэни оҥорон ыытарбыт буоллар, чахчы да харысхал буолуо этэ. Илиибит сылааһын уолаттарбытыгар тиэрдиэххэ”, — диэн ыҥырыы таһаарар.
Ийэлэрбит сылаас илиилэрин иминэн даҕайан, алгыстаах санааларын иҥэрэн, оҥорбут, таҥмыт хаххалыыр сиэккэлэрэ уолаттарбытын куйахтыы харыстаатын, халыҥ хахха буоллун, оһолтон-моһолтон өрүһүйдүн.
Ааптар: Марфа Иванова.
Дмитрий Петров видеоҕа устуута.