Бүгүн улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга таҥаһы тигии “Илии сылааһа” диэн III төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйатыгар кыттааччылары кытары көрсүһүү, чиэстээһин буолла.
Санатан ааһар буоллахха, маҥнайгы түһүмэххэ Сунтаар улууһуттан 7 нэһилиэктэн 8 хамаанда кыттыбыта: Куокуну нэһилиэгиттэн Ангелина Генерова салайааччылаах “Ситим”, Кутанаттан Тамара Оконешникова салайааччылаах “Кутана кустуга”, Бүлүүчээнтэн “Талба” (салайааччы Лариса Данилова), Кириэстээхтэн “Харыстас” (Надежда Егорова), Арыылаахтан “Сүүтүк” (Мария Неустроева), Бордоҥтон «Сардаҥа» (Евдокия Данилова), Кэмпэндээйиттэн «Туус кэнэли» (Вера Семенова), “Кэрэ кэм” (Александра Герасимова). Күрэс I түһүмэҕин кыайыылаахтара: 1 миэстэ – «Харыстас» (Кириэстээх), 2 миэстэ — “Талба”( Бүлүүчээн), 3 миэстэ – “Кэрэ кэм” (Кэмпэндээйи). Ону тэҥэ, “Бастыҥ кырыйааччы” анал ааты «Харыстас» хамаанда закройщицата, салайааччыта Надежда Егорова ылбыта.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев истиҥ эҕэрдэ тылын этэн туран, кыттыбыт аҕыс хамаандаҕа Махтал суруктары уонна иистэнэр массыыналары бэлэх туттарда. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччыта Гаврил Еремеев элбэх оҕолоох иистэнньэҥ икки ийэҕэ сэмэй бэлэҕин, Махтал суругун туттарда. Күрэскэ кураторынан үлэлээбит «Сунтаар ситимэ» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайааччыта Антонина Кириллина күрэс тэрээһинин туһунан сырдатта.
Иккис түһүмэххэ Сунтаарбыт улууһун аатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ “Харыстас” хамаандата кыттыыны ылла, түмүгэ бү күннэргэ быһаарыллар.
Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар үтүө санаалаах дойдубут дьонун илиилэрин сылааһа күүһү-уоҕу эптин, эрэли сахтын.
Алена ИВАНОВА