Ил Түмэн дьокутааттара Сунтаарга үлэлээтилэр

Бу күннэргэ  Ил Түмэн судаарыстыбаннай сүбэ дьокутааттара Андрей Юрьевич Николаев уонна Афанасий Васильевич ПостниковСунтаарга үлэлээтилэр. Кинилэр саҥа талыллыбыт Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын Эдуард Филиппов үрдүкү солотугар киирэр үөрүүлээх тэрээһинигэр сырыттылар. Ону тэҥэ, балаҕан ыйын 21 Сунтаар улууһун күнүгэр ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ кыттыыны ыллылар. Олохтоох дьону кытта көрсөн санааларын иһиттилэр. Онтон саҥа үлэ нэдиэлэтин П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатыгар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» чэрчитинэн оҕолорго Саха Сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах кэпсэтии ыыттылар. Нэһилиэккэ врачебнай амбулатория тутуутун хаамыытын билистилэр. Онтон дьокутааттар Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ «Подкова на счастье» диэн саҥа сынньанар сир тэрийбиттэрин көрдүлэр. Улууска саҥа туризм көрүҥэ сайдан эрэрин биһирээтилэр. Андрей Николаев Ил Түмэн хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:«Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха дьонугар биир суолталаах – Судаарыстыбаннас күнэ бэлиэтинэр. Бу бэлиэ күҥҥэ Саха дьоно бастакы Бэрэсидьиэммитигэр Михаил Ефимович Николаевка махталбыт улахан. Ону таһынан, бу күн төрүттэнэригэр бэйэтин кылаатын киллэрбит Сунтаардар биир дойдулаахпытын, ытык киһибитин Климент Егорович Иванову ахтарбыт тоҕоостоох. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дойду саамай улахан эрэгийиэнэ. Арассыыйаҕа биһиги курдук таһымнаах 5 эрэ субъект баар: Татарстан, Чечня, Башкортостан, Бурятия. Өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ экономика өттүнэн биир тэтимнээхтик сайдар, инники күөҥҥэ сылдьааччылартан биирдэстэрэ буолар. Билиҥҥи үүнэн эрэр көлүөнэ норуотунан, омугунан киэн туттуох тустаах. Оскуолаҕа көрсөн кэпсэппит үөрэнээччилэрбит дойдуларын таптыыр, ытыктыыр, бэриниилээх оҕолор улаатан эрэллэр диэн көрдүбүт. Ол аата, биһиги сөптөөх суолунан баран иһэбит» диэн эттэ.
Сунтаар улууһа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар улуустартан биирдэстэрэ буолар. Салгыы Ил Түмэн дьокутааттара Кириэстээх, Тойбох, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэрэ оҥорон таһаарар хаһаайыстыбалар үлэлэрин билистилэр. Ону таһынан, кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин көрдүлэр. Кириэстээх нэһилиэгэр Үлэ Дьоруойугар Владимир Африканович Михайловка ыалдьыттаатылар. Онтон Тойбохойго нэһилиэк көхтөөх дьонун кытта кэпсэттилэр, санаа атастастылар. Афанасий Постников Ил Түмэн дьокутаата, «Барҕарыы» пуонда салайааччыта: «Үлэбит сүрүн сыалынан олохтоох дьон санаатын истии, туох кыһалҕалар тирээн туралларын миэстэтигэр көрүү буолар. Бу сырыыбытыгар элбэх нэһилиэк баһылыктарын кытары көрүстүбүт. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр сырыттыбыт. Күһүҥҥү хомуур үлэтин көрдүбүт. Кэлэр сылга ыытыллар үлэлэри, былааннары билистибит. Сунтаар улууһа тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомтону туһаайара көстөр. Үлэ эмиэ оннук тэтимнээхтик барар» диэн биһиги хаһыаппытыгар кэпсээтэ.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше