Олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын дэлэтиигэ «Татыйыына» пиирмэ дьоһун үлэни ыытар. Ол курдук, тэрилтэ иһинэн «Ил-Тохсол» производственнай кэпэрэтиип тэриллэн үлэлээбитэ хаһыс да сыла.
Кэпэрэтииби улахан пиирмэ салайааччыта Нина Герасимова туохтан сиэттэрэн тэрийбитэй? Өссө 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйаах сүрүн соругунан нэһилиэнньэни олохтоох, хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы буолар. Ол курдук, үүтү ыаһыны уонна үүт аһын астааһыны элбэтии, бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар мэччийбит сүөһү этинэн, үүтүнэн оҥоһуллубут хаачыстыбалаах аһы дэлэтии курдук уо.д.а. соруктар туруоруллубуттара.
Нина Прокопьевна бу ыйааҕы ааҕан, билсэн баран олус сэргиир уонна биһиги бэйэбит олохтоох аспытынан нэһилиэнньэни хааччыйарбыт тоҕо сатаныа суоҕай диэн санааҕа киирэр. Бу санаатын олоххо киллэрээри, түргэн-тарҕан дьаһаллары ылынан, өрөспүүбүлүкэбит да, атын уобаластар да уопуттарын, үлэлэрин-хамнастарын билсиһэр. Ырааҕы, дириҥи ыраҥалыыр салайааччы толкуйдуур, суоттуур, ааҕар үлэлэри сэргэ ынах сүөһү биэрэр бородууксуйата үрдүк буолуохтаах диэн санааҕа кэлэр. Онтон манна, биһиэхэ, үүтү, эти тэҥҥэ биэрэр боруода сүөһү суоҕун кэриэтэ эбитин үөрэтэн билэр. Ол иһин атын уобаластарга тахсан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьону кытары ыкса билсэр. Сөптөөх анал үөрэхтээх, үлэҕэ уопуттаах дьону кытары элбэхтик кэпсэтэр. Ол түмүгэр 2019 сыллаахха Орлов уобалаһыттан симменталь боруода ынахтары атыылаһан аҕалан хаһаайыстыбатын тэриммитинэн барар. Хаһаайыстыба атаҕар турарыгар анал үөрэхтээх исписэлиистэр наадаларын чопчутук өйдөөн, кини хамаандатыгар киирэн үлэлиир дьону булар эмиэ биир туһунан түбүккэ түһэр. Ол курдук, хаһаайыстыбатыгар билиилээх-көрүүлээх исписэлиистэри ыҥырар. Холобур ылан эттэххэ, бу бырайыак олоххо киирэригэр киириилээх-тахсыылаах, билиилээх-көрүүлээх үлэһити Зинаида Иванованы салайааччынан ыҥыран үлэлэтэр.
Бастакы сылларыгар 120 төбөнү атыылаһан аҕалаллар. Ынахтар турар хотоннорун Илимнииргэ сир ылан туталлар. Бу барыта үгүс үбү-харчыны эрэйэрэ биллэр. Пиирмэ салайааччыта улахан тэрилтэлэри кытары бииргэ үлэлэһэн кэпсэтиинэн кыра бырыһыаҥҥа сойуом ылар.
Инньэ гынан, билигин «Ил Тосхол» симменталь, ону сэргэ кыһыл-эриэн (красно-пестрый) боруода сүөһүлээх. Ынахтар искусственнай сиэмэлээһининэн төрүүллэр. Маннык ньыма сүөһүнү дэлэтиигэ, боруодатын харыстааһыҥҥа ордук табыгастааҕа биллэр. Ону сэргэ бу икки боруода булкааһа үүт-эт биэрэр бородууксуйата үрдүк нэһилиэстибэни биэрэр эбит. Хаһаайыстыба зоотехнига Августина Трифонова сүөһүнү дэлэтиигэ, доруобай, үчүгэй астаах буоларыгар улахан үлэни ыытар. “Августина Семеновна бу чааһыгар олох бэйэтин идэтин баһылаабыт киһи”, – диэн Нина Прокопьевна хайгыыр. Дьылы эргиччи үүт биэрэллэрин курдук ааҕан-суоттаан сиэмэлээһини сөпкө табан оҥороллор.
Билигин 175 ыанар ынахтаахтар, быйыл 77 ньирэй төрөөбүт. Билигин да төрүөх бүтэ илик. Уопсайа 302 төбөлөөхтөр. Сүөһүлэрин икки сиринэн Илимнииргэ, Аллыҥаҕа туталлар. Аллыҥаҕа билигин ыанньык ынахтар, ньирэйдэр сайылаан тураллар. Кыһыҥҥы өттүгэр манна субайдарын кыстатар былааннаахтар.
Эти-үүтү тэҥҥэ биэрэр сүөһүлэрин төрүөхтэрэ төрөлкөйдөр. Төрүүллэрэ-ууһууллара эрдэ ситэр.
Маны таһынан хаһаайыстыба кэлин сири оҥорууга күүскэ ылсан эрэр. Нина Прокопьевна этэринэн, ынах сүөһү – айаҕынан. Ол аата төһө битэмииннээх, иҥэмтиэлээх аһы аһыыр да, биэрэр бородууксуйата үрдүк буолар. Ол туһуттан сири таҥастаан, оҥорон туһаҕа таһаарыы инники күөҥҥэ ууруллар. Манна Нина Прокопьевна үрдүк билиилээх, сири кытары үлэҕэ баай уопуттаах дьону улууһуттан саҕалаан атын уобаластарга тиийэ көрдөөбүтүн кэпсиир. Хомойуох иһин, улууспутугар маннык идэлээх, киэҥ көрүүлээх-билиилээх киһи суоҕун кэриэтэ, оттон урукку үлэһиттэр сааһыран, сорохторо орто дойду олоҕуттан күрэнэн, наадыйар, кэпэрэтиип ирдэбилигэр сөп түбэһэр киһини булбатах. Ол иһин Саратов куораттан сири оҥорууга улахан уопуттаах киһини Александр Сазоновы кытары билсэн, кинини ыҥыран аҕалбыттар. Кини “эһиги сиргит курдук нүөл сири көрө иликпин” диир, ордук Илимниир, Аллыҥа сирдэрин хайгыыр, «манна сөптөөх үлэ бардаҕына, үрдүк үүнүүнү биэрэр кыахтаахтар» диэн бэлиэтиир.
Билигин кэпэрэтиип 1000 га курдук сирдээх. Онтон сорохторо үксэ быраҕыллан сыппыт, суола-ииһэ да суох ходуһалар. Бу бэриллибит сирдэри туһаҕа таһаарыыга биир сыллаах эрэ үлэ барбат. Ол иһин тэрилтэ сири оҥорууга биэс сыллаах бырайыагы ылыммыт. Онно сири аан бастаан хайдах оҥорортон саҕалаан кэлин үрдүк үүнүүнү биэрэрин курдук сүрдээх улахан үлэ барар «Создание вертикально интегрированного агропромышленного формирования в западных районах Республики Саха (Якутия)» торума оҥоһуллубут. Бу бырайыак олоххо киириитин ситиһэргэ «Татыйыына» агрохолдинг тэриллибит. Манна «Ал-Су» үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарар тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ, «Ил-Тосхол» сүөһү иитиитигэр, сүөһү сиир аһылыгын бэлэмниир, сири кытары үлэҕэ кэпэрэтиибэ, «Сандалы», «Талба» эт аһылыгы бэлэмниир ХЭТ уонна үүтү, эти туттарааччы ИП, биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбалар киирэллэр. Кэпэрэтиип бу бырайыагынан үлэтин ыытар. Сири оҥоруу аныгы, бастыҥ технологиялары туһанан сиртэн үрдүк үүнүүнү ылар соруктаахтар. Сүөһү аһа толору, хаачыстыбалаах буоллаҕына, кини биэрэр бородууксуйата да үрдүк буоларын ким баҕарар өйдүүр. Онон кэпэрэтиип үүнүүнү тупсарарга сүрүн сорук туруорунан үлэни ыытар. Билигин 174 га сиргэ эбиэс, кукуруза, вика диэн суортаах сүөһү сиир отун ыспыттар.
– Биирдиилээн хаһаайыстыба хайдах да сайдан, улаатан барбат. Ол иһин кэпэрэтииптэри күүскэ сайыннарыахтаахпыт, бу толкуйунан салайтаран үлэлиибит, – диир Нина Прокопьевна.
Бары билэрбит курдук, бу аҕыйах хонуктааҕыта «Татыйыына» пиирмэ үүтү, үүт аһы оҥорон таһаарар сыаҕын улуус киинигэр аспыта. Манна үрдүк технологиялаах, аныгы ирдэбилгэ бары өттүнэн эппиэттиир оборудованиеларын таҥа сылдьаллар. Онон соторунан үрдүк хаачыстыбалаах үүт ас бэйэбитигэр эрэ буолбакка, ыаллыы сытар улуустарбытыгар атыыга тахсыаҕа.
Онон улууспутугар биир улахан тэрилтэ бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтиигэ олохтоохтук ылсан үлэлиирэ атын урбаанньыттарга холобур эрэ буолуон сөп.
Яина ВЛАСЬЕВА