Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү доҕоттор!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Бу докумуон эрэгийиэн олоҕун-дьаһаҕын уонна экэниэмикэтин салгыы сайыннарарга бөҕө тирэх буолбута. Ол курдук, бастакы Президеммит Михаил Николаев салалтатынан өрөспүүбүлүкэбит аныгы устуоруйатыгар саҥа түһүмэх саҕаламмыта. Михаил Ефимович эппит кэс тылларын Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга туһуламмыт судаарыстыбаннай бэлиитикэбитигэр тумус туттабыт. Кини үтүө аата махталлаах норуотун сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар мэлдьи тыыннаах буолуоҕа.
Билигин Саха сирэ тэтимнээхтик сайдар, экэниэмикэ өттүгэр үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр, Уһук Илин сайдыытын хамсатар күүс буолар. Бүгүн, араас санкциялары киллэрэн дойдубут күүһүн самнара сатыыр, үгүс биир дойдулаахтарбыт байыаннай дьайыы хонуутугар бэйэлэрин харыстаммакка дойдубутун көмүскүү сылдьар уустук кэммитигэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Россия Федерациятын бигэ тирэҕэ уонна эрэллээх тыыла буолар.
Ааспыт сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын туолар үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Быйыл – Саха сирин олохтооҕун ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдибит оҕо төрөөтө. Бу үтүө сонун хас биирдиибитигэр умнуллубат бэлиэ түгэн буолар уонна олох усулуобуйатын тупсарыыга өрөспүүбүлүкэбит сайдыыта иннин диэки хардыылыырын мэктиэлиир. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ айылҕа быһыытынан нэһилиэнньэ ахсаанын үүнүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, дойдуга сэттис миэстэни ылар. Бу көрдөрүү дьон Саха сиригэр олорор, дьиэ-уот тэринэр, оҕо-уруу төрөтөр баҕалааҕын, чопчу сыаллааҕын, инники олоҕун биһиги эрэгийиэммитин сайыннарыыны кытта ситимниирин бэлиэтэ буолар.
Бүгүн, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр, киэҥ далааһыннаах быыбарга кыттыбыт дьоммутугар-сэргэбитигэр өссө төгүл махтанабын. Эһиги өйөбүлгүт – бары бииргэ өссө үрдүк түмүктэри ситиһэрбитигэр сүдү күүс буолар. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр олохпут хаачыстыбата үрдүүрүн ситиһиэхтээхпит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ – өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор норуоттар бары сомоҕолоһор уонна түмсэр күммүт. Биһиги бары тэҥ сыаллаах уонна тэҥ интэриэстээх буоларбыт быһыытынан, бу күн биһиги Ытык дойдубут туһугар эппиэтинэстээхпитин санатар. Кэскилбит хас биирдиибититтэн, уопсастыбабыт үтүө уларыйыылары олоххо киллэриититтэн тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо биир сомоҕо буоларбыт – Саха сирин куораттара уонна нэһилиэктэрэ чэчирии сайдалларын мэктиэтэ. Өрөспүүбүлүкэбит туһугар бары бииргэ, биир санаанан үлэлиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.
Бу үөрүүлээх күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Чөл туруктаах, дьоллоох, ситиһиилээх буолуҥ! Хас биирдии дьиэҕэ эйэ, таптал уонна өйдөһүү баар буоллун!
Бырааһынньыгынан, Сахам сирэ! Бырааһынньыгынан, Сахам сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен НИКОЛАЕВ