Сунтаар улууһун Туойдаах нэһилиэгин элбэх оҕолоох ийэтэ, «Ийэ Албан аата» анал бэлиэ III истиэпэнин хаһаайката Валентина Николаевна Ераскумова:
— Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэр сылы Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн турар. Бу олус үчүгэй быһаарыы дии саныыбын. Бүгүн СӨ Ил Дарханын Анал этиитигэр кэлэр 2024 сылы Оҕо саас сылынан биллэрдэ. Бу сылга оҕо үүнэригэр-сайдарыгар туһаайыллыбыт араас хайысхалаах үлэ күүскэ барарыгар, хас биирдии оҕо таптал, сылаас сыһыан эйгэтигэр улаатар усулуобуйата тэриллэрэ наадатын, ону таһынан дьиэ кэргэҥҥэ туһаайан элбэҕи эттэ. Ийэ хапытаала кэлэр сылтан лаппа үрдүүрэ дьиэ кэргэҥҥэ бэрт өйөбүл буолсу диэн сөбүлүү иһиттим. Маны таһынан оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ сыһыаннаах сөптөөх хайысхалары туруорда. Уопсайынан, дойдубут салалтата дьиэ кэргэни өйүүр сыаллаах политиканы тутуһар дии саныыбын. Бу ордук кэлиҥҥи кэмҥэ дойдубут бэрэсидьиэнэ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо олус болҕомтону уурар буолла диэн көрөбүн. Ол курдук дьиэ кэргэни өйүүр араас бырагыраамалар, бырайыактар олоххо киирэн үлэлээн, элбэх оҕолоох ыалга көмө, тирэх, өйөбүл буолаллар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.