Атырдьах ыйын 5 күнэ. Айсен Николаев Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтэ. Улуус киинигэр Ил Дархаҥҥа креативнай кластер бырайыагын билиһиннэрдилэр. Култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа 10 тыһ. кв.м тахса иэнннээх сиргэ тутуллуохтаах. Аттыгар баар Олоҥхо дьиэтин уонна тупсарыллан оҥоһуллар Исидор Барахов искибиэрин хабан, табыгастаах эйгэ тэриллиэҕэ. Искибиэр Уһук Илин эрэгийиэннэригэр куорат тупсаҕай эйгэтин оҥоруу бырайыактарын куонкуруһугар кыайан, оҥоһуллар. Манна аллея, фонтан, оҕо былаһаакката, Исидор Барахов пааматынньыга болҕомтону тардыахтара. Бу сыл бүтүүтүгэр — кэлэр сыл иккис кыбартаалыгар култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын бырайыагын оҥоруохтара. Манна култуура департамена, ЗАГС, норуот айымньытын киинэ, устуоруйа уонна этнография түмэлэ, тэрээһиннэри ыытар саала, «Киновер» киинэ тыйаатыра, креативнай кластер, технопаарка баар буолуохтара. Ил Дархан култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын үлэтин улуустааҕы култуура тэрилтэлэрин, Олоҥхо дьиэтин кытары ситимнииргэ сорук туруорда.
Ил Дархан Бүлүү бөлөх улуустарын салалталарын кытары улуустарга уонна куорат уокуруктарыгар тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ сорох судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрии мэхэньииһимигэр уларытыылары киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев тыа сирин өйөөһүн тиһигэ судургу буолуохтаах, саҥа мэхэньииһимнэр бородууксуйа кээмэйин хас эмит бүк улаатыннарыыга уонна оҥорон таһаарыы кыамтатын күүһүрдүүгэ туһуланыахтаахтар диэн сорук туруорда. Улахан суолталаах соругу ситиһиигэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна оройуоннар холбоһуктаах үлэлээһиннэрин эрэйэрин, итиэннэ үп-харчы уонна экэниэмикэ министиэристибэлэрэ бу хайысханан үлэни күүһүрдүөхтээхтэрин туһунан эттэ. Муниципалитеттарга бэриллибит судаарыстыбаннай боломуочуйалары толорууга биир субвенцияны биэрии мэхэньииһимэ олоххо киириэҕэ. Субвенциялар харчылара биир сууманан тиэрдиллиэхтэрэ. Муниципалитеттар үбүлээһини араас хайысхаларынан бэйэлэрэ тыырыахтара. Ил Дархан улуус дьаһалталарын, хаһаайыстыбалар салайааччыларын этиилэрин учуоттаан туран, тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн мэхэньииһимигэр саҥа уларытыылары киллэрии бырайыагын кылгас болдьох иһигэр оҥорорго сорудахтаата.
Ил Дархан ойуур баһаардарынан балаһыанньаны көрдө. Бүлүү улууһун быыһыгар баар улахан баһаары бохсо сылдьар дьону көрүстэ. Уоту умуруорууга 100-тэн тахса киһи үлэлиир. Күүстээх тыалтан уот быыс балаһаны тоҕо көтөн, үрдүк күүрүүлээх уот лииньийэтин сиэбит этэ. Ол түмүгэр Бүлүү улууһун түөрт нэһилиэгэ – Тылгыны, 1 Күүлэт, 2 Күүлэт уонна Үгүлээт уота суох олороллоро. Айсен Николаев Быракаантан уонна Өргүөттэн 200 кВт кыамталаах икки дизельнэй генераторы суһаллык аҕалан кылгас кэм иһигэр ЛЭПи чөлүгэр түһэрэллэригэр сорудахтаата. Анал хамыыһыйа мунньаҕар Үөһээ Бүлүүгэ баар күүһү түмэллэригэр дьаһайда.
Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин миниистирэ Юрий Чеботарь Саха сирэ уонна Беларусь эрэгийиэннэрин икки ардыларыгар бииргэ үлэлэһиини сайыннарыы боппуруостарын көрдүлэр. Табаар эргиирин улаатыннарыыга бары кыахтар баалларын бэлиэтээтилэр. Маны таһынан доруобуйа харыстабылын, үөрэх, успуорт, култуура уонна креативнай индустрия эйгэлэригэр тэрээһиннэри ыытар туһунан кэпсэттилэр. Тиэхиньикэни өрөмүөннүүр сервис киинин тэрийии, тыа хаһаайыстыбатын уонна туризм хайысхатыгар урбаанньыттар бииргэ үлэлииллэрин көҕүлээһин туһунан этилиннэ.
Атырдьах ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыыга суһал ыстаап президиумун мунньаҕын ыытта. Инвестиционнай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн Тутуу министиэристибэтин 2024 сыллааҕы бүддьүөтүгэр эбэһээтэлистибэлэрин үбүлээһинигэр уонна лимииттэригэр итиэннэ былааннаах 2025 сылга тутуллар кэккэ эбийиэктэригэр быһаарыы ылыннылар. «2019-2025 сылларга хаарбах дьиэ пуондатыттан дьону көһөрүү» бырагырааматынан олорор дьиэни атыылаһыыга судаарыстыбаннай хантараактар испииһэктэрэ быһаарылынна, онно олоҕуран судаарыстыбаннай дуогабардар усулуобуйалара уларыйда.
Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан дойду доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан кылаабынай трансплантолога, академик Сергей Готьены кытта өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантологияны сайыннарыы боппуруоһун дьүүллэстилэр. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантологияны саҥа таһымҥа таһаарар кыах баарын, пациеннар эмтэниини миэстэтигэр барыахтарын баҕаралларын бэлиэтээтэ. Онуоха быраастар квалификацияларын үрдэтииттэн саҕалаан, технологияны сайыннарыыга тиийэ үлэ барыаҕа.
Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга «Сокровищница Якутии» быыстапка комплексыгар АЛРОСА уонна өрөспүүбүлүкэ Гохранын «АЛРОСА – Саха сирин алмааһын историята» быыстапкаларын арыллыытыгар кытынна. Быыстапка Саха сиригэр бастакы алмааһы булбуттара 75-с сылыгар ананна. Айсен Николаев алмаас бырамыысаланнаһа үөскүөҕүттэн уонна сайдыаҕыттан Саха сирин олоҕо букатын уларыйбыта, билигин АЛРОСА эрэгийиэн экэниэмикэтигэр сүрүн суолталаах, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн үс гыммыттан биирин хааччыйар диэн бэлиэтээтэ.
Атырдьах ыйын 8 күнэ. Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустарыгар баһаары умуруорууга эбии күүстэри тиэрдии салҕанар. Ил Дархан Саха сирин арҕаа өттүгэр кураан күн-дьыл оннунан хаалар, билиҥҥи балаһыанньаҕа ойуур баһаардарын умуруорарга түргэнник, суһаллык үлэни ыытарбыт ирдэнэр диэн бэлиэтээтэ.
Атырдьах ыйын 9 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа командировкатын чэрчитинэн дойду айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козловы кытта баһаартан ойууру харыстааһыны үбүлээһин туһунан кэпсэттэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыытын түмүгүнэн үбүлээһини улаатыннарыы туһунан быһаарыыта баар буолан, өрөспүүбүлүкэ ойууру баһаартан харыстааһыҥҥа эбии үбүлээһини ылыаҕа. Халаан уутуттан нэһилиэнньэни уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин харыстааһыны хааччыйар хаххалыыр тутуулары оҥоруу боппуруостарын көрдүлэр. Эһиил Дьааҥыга даамба тутуута саҕаланыаҕа, Нам улууһун Граф Биэрэгэ – Кыһыл дэриэбинэ сэлиэнньэлэригэр хаххалыыр тутуулары бырайыактааһын үлэтэ барар. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ геология чинчийиилэрин үлэтин элбэтиигэ былаан сөбүлэһиллэн турар. Чугастааҕы сылларга сыыйа 113 эбийиэккэ үлэни ыытарга бэлэм барар.
Атырдьах ыйын 10 күнэ. Ил Дархан дойду тырааныспарын миниистирин солбуйааччы Виктор Тимофеевы уонна Суол федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Роман Новиковы кытта өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын ситимин сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Өлүөнэ муостатын тутуу туһунан Бэрэсидьиэн Владимир Путин быйыл бэс ыйын 18 күнүнээҕи сорудаҕын туолуутун көрдүлэр. 2028 сылга диэри үлэҕэ киириэхтээх эбийиэк Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи өттүгэр аныгы тыраныыспар инфраструктуратын сайдыытын сүрүннүөҕэ. Көрсүһүүгэ «Бүлүү» и «Халыма» федеральнай суоллары көрүү-истии уонна 2025-2027 сылларга күргэлэри тутуу туһунан кэпсэттилэр.
Атырдьах ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев дойду салгын тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Ядровы кытта Саха сиригэр аэропортары саҥалыы сөргүтэн оҥоруу уонна аэродромнары хапытаалынай өрөмүөннээһин бырагыраамата олоххо киириитин дьүүллэстэ. Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан билигин 2030 сылга диэри суоттаммыт «Көдьүүстээх тырааныспар тиһигэ» национальнай бырайыак бэлэмнэнэр. Онно Саха сирэ сэттэ аэропорду — Уус Куйга, Ленскэй, Зырянка, Полярнай (2-с уочарат), Маҕан, Ньурба, Тиксии – киллэрэр этиилээх. Росавиация баһылыга Зырянка аэропордун тутуу болдьоҕун инники көһөрөр боппуруоһу көрөргө бэлэмин биллэрдэ. Ону сэргэ Ньурба уонна Полярнай аэропортарын саҥардыыга быһаарыы ылылынна.
Афанасий НОЕВ