Бүгүн Сунтаарбыт улууһун Кэмпэндээйитигэр Ил Дархан Айсен Николаев кэлэ сырытта.
Бастакы тохтобулларынан улуус биир бырамыысаланнай тэрилтэтэ Кэмпэндээйитээҕи туус собуота буолла. Аан бастаан көрсүһүүтүн туус хостонор бассейынын көрүүттэн саҕалаата. Хампаанньа 2003 сыллаахтан үлэлиир. Генаральнай дириэктэр Алексей Игнатьев Ил Дархан Айсен Николаевка үлэлиир сирдэрин, үлэ хаамыытын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, хампаанньа билигин техническэй, кормовой, аска туттуллар тууһу хамаҕатык оҥорор. 2023 сыл түмүгүнэн 1840т. тууһу бэлэмнээбит, мантан 1300 батаран турар. Кэлиҥҥи сылларга хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тэрилтэлэригэр туус хосторун оҥорууга ылыста. Тэрилтэ былааныгар өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка дойду атын регионнарыгар тууһун батарар сыаллааҕын Айсен Сергеевич сэргии иһиттэ.
Онтон салҕыы Кэмпэндээйи техническэй хайысхалаах оскуолатыгар сырытта. Оскуола 87 үөрэнээччилээх. Билигин оҕолор 1 этээстээх хаарбах туруктаах 1962 с.тутуулаах мас дьиэҕэ үөрэнэллэр. Хомойуох иһин, оҕолор дьарыктаналларыгар анал физкультура саалалара суох. 3-с кылаас үөрэнээччитэ Харысхан Семенов дьоһуннаахтык туттан туран криогалит диэн сэдэх минерал туһунан кэпсээтэ. Ил Дархан Айсен Николаев саҥа оскуола тутуутун туһунан маннык эттэ:
— Билигин Сунтаар улууһугар Кэмпэндээйи оскуолата тутууга бастакы уочарат турар. Эбийиэк экспертизатын толору ааста. Онон 2025 сылтан оскуола тутуута саҕаланыаҕа.
Дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Култуура» национальнай бырайыагынан Кэмпэндээйи нэһилиэгэр култуура дьиэтэ үлэҕэ киирдэ. Култуура киинин үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев күндү ыалдьыт буолла. “Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактар бырагыраамалара социальнай эбийиэктэр тутууларыгар улахан олук буолар. Онон бу тосхоллорго ситиһиилээхтик үлэлиэххэ” диэн эттэ. Санатан этэр буоллахха, 2018 сыл саҥа дьыл түүнүгэр урукку култуура дьиэтэ кытарарга былдьаммыта. Онтон номнуо 5 сыл ааста. Билигин 988 кв.м. иэннээх тупсаҕай, аныгы тутуулаах дьиэ нэһилиэк олохтоохторун үөрүүлэригэр киирдэ. Нэһилиэк саамай көстүүлээх бэс чагда быыһыгар турар биир мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ 150 миэстэлээх көрөөччү саалата, куруһуоктары ыытар анал хостор, артыыстарга анаммыт толору хааччыллыылаах гримерка, үҥкүүлүүр саала уонна сүрүн тутууга сыста турар сиэдэрэй, үрдүк ураһа баар. Ураһа оройо Мандар Уус бырайыагынан куйаары кытта ситимниир ойуулаах. Тутууну «Вим строй», «Виктория+» ХЭУо туттулар.
«Сайдыы» КК салайааччыта СӨ култууратын туйгуна, биллэр ырыа айааччы Анна Тотонова: » Бүгүн биһиги нэһилиэккэ үөрүүлээх түгэн. Бу иннинэ үлэлээбит дьиэбит төһө да кыараҕас буоллар нэһилиэк эргийэр киинэ этибит. Хас да үҥкүү куруһуоктара бааллар. Айар тутар талааннаах дьоммут кулууппут аанын саппаттар. Элбэх интэриэһинэй бырайыагы олоххо киллэрбиппит. Анал дьиэбит суох буолан элбэхтик айанныырбыт. Билигин былааммыт киэҥ. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэри ыытарга бэлэммит. Кэмпэндээйибит олоҕо өссө сэргэхсийиэ, киэркэйиэ дьон сырдыкка-кэрэҕэ талаһыылара үрдүө турдаҕа».
Саҥа тутууга 4к экран, аныгы, хаачыстыбалаах тыас уус, уот-күөс турда. Дьиэ ис бараана эмиэ ураты, кэрэ оҥоһуулаах. Киирээти кытта улахан эркиҥҥэ нэһилиэк биллэр-көстөр дьонун барельефтара, ону тэҥэ Сунтаар олоҥхо, оһуокай дойдута буолан оһуокайдыы сылдьар дьон, улуус гербэтэ буолбут аар баҕах ойууламмыта киирбит эрэ дьон хараҕын тардар, манньытар. Дьиэ ис барааныгар саха оһуора-мандара баара элбэхтик харахха быраҕыллар. Остуол бильярда турбутун көрөн элбэх эр дьон үөрдэ. Саамай сүрүнэ дьиэ толору хааччыллыылаах, киэҥ-куоҥ. Үлэлииргэ, айарга-тутарга бары усулуобуйа баар.
Айсен Николаев салҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи “Юные якутяне” ресурснай киин салаата “Сир уустара” диэн оҕолору чэбдигирдэр, үөрэтэр сыл устата үлэлиир лааҕыр үлэтин билистэ. Лааҕыр уруккута Чолбодуков аатынан профилакторий-санаторий дьиэтигэр баар. Онон оҕолор эргиччи сайдалларыгар, эмтэнэллэригэр усулуобуйа олохтоммутун көрдө.
Онтон Сунтаарга Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай дьайыыга сылдьар А. төрөппүттэригэр ыалдьыттаата. Ил Дархаҥҥа байыас А. устан ыыппыт видеотын көрдөрдүлэр. Видео нөҥүө өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар уонна Сунтаарын дьонугар- сэргэтигэр араас көмөнү ыыталларын иһин махтанна. А. ийэтэ Матрена Семенова: “Ил Дархаммыт Айсен Николаев элэккэй майгылаах саха саарына буоларын илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим. Сырдыгынан сыдьаайа сылдьар киһи эбит” диэн Ил Дарханы кытта көрсүһүүтүн туһунан кэпсээтэ.
Мира АФАНАСЬЕВА