Альберт Иванов: «Бары этиилэриттэн чуолаан СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр олус элбэх көмө барарын сэргии иһиттим»

Ил Дархан быһа эпиирин туһунан Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччыта Альберт Иванов санаатын үллэһиннэ.

Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев араас элбэх дьону долгутар боппуруостары таарыйан кэпсээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка Арассыыйа таһымыгар тиийэ үлэ барар эбит. Төһө да дойдуга ыарахан кэмнэр буоллуннар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар социальнай тэрилтэ эбийиэктэрин тутуулара тохтоло суох бара турара бэрт көрдөрүү. Бары этиилэриттэн чуолаан СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр олус элбэх көмө барар эбит диэни сэргии иһиттим. Кырдьык даҕаны биһиги биир дойдулаахтарбыт Саха сириттэн ордук элбэх көмө кэлэр курдук дииллэрэ онно туоһу буолар.
Үөрэҕирии эйгэтэ сайдарыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар, Ил Дархаммыт баар кыһалҕалары ис иһиттэн билэрэ көстөр уонна инникитин хайа диэкки хамсыахтаахпытын, туох сыал сорук баарын өссө биирдэ иһитиннэрдэ.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата

Читайте дальше