Икки омук холбоһуктаах кэнсиэрэ буолла

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр  Кэмпэндээйигэ улахан  кэнсиэр буолла. Бу күн  “Култуура” национальнай бырайыагынан тутулла турар кулууппутугар үлэлии сылдьар 6 киргиз ыллаан-туойан, үҥкүүлээн бырааһынньыкка кыттыстылар. Ону сэргэ кинилэр бэйэлэрин култуураларын билиһиннэрдилэр, таһырдьа плов астаан мустубут дьоҥҥо амсаттылар, оттон биһиги  ыалдьыттарбытын саха аһынан,  итии чэйинэн күндүлээтибит.

Биһиги саҥа тутулла турар кулуупка күн аайы сылдьабыт. Онон, үлэһиттэри кытары мэлдьи кэпсэтэбит, “биһиги ыытар тэрээһиммитигэр кэлэн кыттыҥ” диэбиппитин  үөрэ-көтө сөбүлэспиттэрэ.

«Сомоҕолоһуу күнүн олохтоохтору кытары бииргэ ылан, дуоһуйа сынньанныбыт, астынныбыт. Бүгүҥҥү күнү өйдүү-саныы сылдьыахпыт»  диэбиттэрэ киһини үөрдэр. Онон, Сомоҕолоһуу күнүн киргиз тутааччыларбытын кытары бииргэ атаардыбыт.

 

Анна ТОТОНОВА

Читайте дальше