Биһиги улууспутугар “Модернизация первичного звена обьектов здравоохранения» федеральнай бырагырааманан былырыын Хадаҥҥа ФАП, 2022 сыллаахха Уһун Күөлгэ врачебнай амбулатория саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Улуус киинигэр киин балыыһа оҕо уонна улахан дьон поликлиникаларыгар капитальнай өрөмүөн ыытыллыбыта. Оттон Элгээйигэ балыыһа тутуута бу сотору кэминэн саҕаланыа.
Бу тутуулар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн бардылар.
Өссө былырыын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин доруобуйа харыстабылын миниистирин Михаил Мурашконы кытары көрсөн, нэһилиэнньэлээх пууннарга поликлиникалары, фельдшер-акушер пууннарын тутуу, бу пууннарга эми-тому атыылыылларыгар көҥүлү биэрии туһунан кэпсэппитэ. Бу кэпсэтии олоххо киирэн эрэрэ кими баҕарар үөрдэр.
Ол курдук, бу күннэргэ биһиги улууспут киин балыыһата икки нэһилиэккэ – Кириэстээххэ уонна Дьаархаҥҥа эмп-томп атыылыыр пууннары аста.
«Аптечнай пууннарга үлэлиир исписэлиистэр анал үөрэҕи бардылар. Аптечнай пууннар эми-тому атыылыырга анал лицензия ыллылар, манна көрүллэр, ирдэниллэр оборудованиенан хааччылыннылар. Бу барыта, биллэн турар, биир күнүнэн быһаарыллыбат дьаһал. Ол курдук аптечнай пууннары аһыыга ааспыт сыл ортотуттан бэлэмнэнэн барбыппыт. Бу үлэбит олоххо киирбитэ барыбытыгар олус наадалаах. Нэһилиэнньэ хаачыстыбалаах эминэн хааччылларын ситиһэн эрэбит диэн эмчиттэр үөрэбит, оттон дьон-сэргэ улуус киинигэр киирэн эми атыылаһар кыһалҕатыттан эмиэ босхолонно. Маннык пууну сотору кэминэн Бордоҥҥо аһыахпыт», — диэн улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы Константин Павлов иһитиннэрдэ.
Яина ВЛАСЬЕВА