Бу санаатахха, оҕобутун күн бэҕэһээ эрэ уһуйааҥҥа, маҥнайгы кылааска, үҥкүү, ырыа куруһуогар илдьэн эрэр курдук этибит. Онтон билигин саҥалаах бэйэтэ оҕобут симэлийэн, хостон да тахсыбат, эбэтэр чуумпу бэйэтэ этиһэн баран бүппэт. Ону бары өйдүүбүт. Киһи олоҕор көһө сылдьар сааһа — «подростковай» кэмэ үүнэр.
Бу түгэҥҥэ төрөппүттэр хайдах дьаһанабыт?
Аан бастаан, уоскуйабыт, дириҥник, бытааннык тыынабыт. Ол кэннэ ханнык түгэҥҥэ сыыспыппытын уонна онтон хайдах тахсарбытын толкуйдуубут, быһаарабыт. Манна биири чуолкайдык өйдүөххэ наада – Ийэ кыыс оҕоҕо бастакы холобурунан буолар. Ол гынан баран, ийэ уонна кыыс оҕо сыһыаннара араас кэми (стадияны) ааһар. Оҕо улаатан истэҕин аайы кини ис-тас туругар уларыйыылар бараллар. Ийэҕэ сыһыана утарсыылаах буолуон сөп. Холобур, кыыс оҕо биир өттүнэн ийэтинэн киэн туттар, айхаллыыр. Атын өттүнэн кыыс хараҕар кини ийэтиттэн атаҕастанар, өһүргэнэр. Ийэ оҕотугар сыһыана араас буолуон сөп: тымныы, тоҥуй сыһыан, күүстээх хонтуруол, тус олоҕор орооһо сатааһын. Итинтэн сылтаан өйдөспөт буолуу тахсар. Сыһыан тупсарыгар маннык сүбэлэри биэриэхпин сөп:
1. Оҕо тас көрүҥэр болҕомтону ууруу. Кыргыттар бу кэмҥэ тас көрүҥнэригэр улаханнык кичэйэн болҕомтолоох буолаллар. Бэйэлэринэн астыммат араас комплекстар үөскүөхтэрин сөп. Ону ийэ киһи оҕотун хайдах баарынан ылынан, хайҕыы сылдьыахтаах. Кырааскаланыан баҕарар буоллаҕына утарыласпат ордук. Көҥүллүөххэ сөп;
2. Дьиэ иһигэр таптал тыына баар буолуохтаах. Оҕоҕутугар болҕомто ууран, таптыыргытын биллэриэхтээххит. Тапталга иитиллибит оҕо улааттаҕына олоҕор дьоллоох буолар;
3. Кэпсэтии. Хас биирдии ийэ үлэтэ, дьыалата элбэх. Ол да буоллар оҕоҕутугар бириэмэ ууран, булгу кэпсэтиэхтээххит. Холобур, сымнаҕас дьыбааҥҥа олорон чэй иһэ-иһэ күннээҕи сонуннаргытын үллэстиэххитин сөп;
4. Оҕоҕо үтүө санааны иитиэххэ наада. Холобур, дьону аһынарга, көмөлөһөргө. Бэйэҕитинэн чугас дьоҥҥутугар, саастаах дьоҥҥо үтүө дьыала оҥорон холобурда көрдөрүҥ;
5. Өйдөөҥ: кыыс оҕоҕут-индивидуальность. Ону көрөн туохха интэриэстээҕинэн, сыһыаннааҕынан көрөн араас куруһуоктарга сырытыннарыаххытын сөп.
Ол да буоллар, хас биирдии киһи бэйэтин оҕотун кытта сыһыанын бэйэтэ билэр. Баҕарыам этэ хас биирдии ыалга, дьиэ кэргэҥҥэ мэлдьи өйдөһүү, өйөһүү баар буоллун.
Татьяна АНТИПИНА, педагог-психолог.