Сайылыктан көһөн киирии сүпсүлгэнэ ааһан, тыа сирин кыракый бөһүөлэгин олоҕо аа- дьуо устар. Балаҕан ыйын ортото. От-мас саһаран тыа саҕата араҕастыйан көстөр. Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ сарсыарда эрдэ уһуктан, хоонньугар утуйан буккуруу сыппыт кыра кыыһын эмиийдэттэ. Нарыйа төһө да топпутун иһин, минньигэс үүтүттэн, ийэтин сылаас хоойуттан арахсымаары ыҥырҕыы түһээт, бэйэтин кураанах уоһун оборон чомурҕата-чомурҕата устунан утуйан хаалла.
Өрүүнэ сып-сап таҥнан аан дьиэҕэ таҕыста. Соторутааҕыта атыыласпыт лаахтаах улахан чаанньыгар уу кутан, кипитиинньиги уган уокка холбоото. Чэйэ оргуйуор диэри суунна-тараанна. Оҕолоро туран аһыыр астарын бэрийэн остуолга уурталаата. Бэйэтэ ыксаан, сылаас үүттээх чэй куттан ыймахтаата уонна үлэтигэр тэбиннэ. Ыал аҕата туран оһоҕун отто хаалла.
Өрүүнэ Уйбаанын кытта ыал буолбуттара уонтан тахса сыл буолла. Сыры-сыллата аҕыс оҕолоохтор. Иккиэн сопхуос дьоҕус отделениетын туруу үлэһиттэрэ, солбуллубат ньирэй көрөөччүлэр. Эдэр ийэ оҕолонон тахсаат, икки ый курдугунан үлэтигэр киирэн иһэр. Кыһыл оҕото аһыыр кэмигэр сүүрэн кэлэн эмнэрэ-эмнэрэ, сороҕор күнү-күннүктээн хотоҥҥо сылдьар. Билигин күһүн буолан сынньалаҥ. Сайыны супту күөх окко мэччийэн торолуйбут борооннор ыалдьыбаттар, харалталара кыччаабыт кэмэ. Саас ахсын оҕонньорунаан иккиэн холбоон сүүс ньирэйи туталлар. Күҥҥэ үстэ аһаталлар, биирдэ уулаталлар. Киэһэ-сарсыарда от киллэрэн биэрэллэр, уйаларын ыраастыыллар. Күнүс, эбии аһатарга уотурбанан хааһы буһараллар. Чэпчэкитэ суох үлэ. Эр киһи дьиэтигэр көстүбэт, үксүн киэһэ хонугар кэлэр. Фермаҕа «Кыһыл муннукка» остолобуойдаахтар, күнүс онно аһыыр.
Бөлүүн улаханнык тоҥорбут, хаһыҥнаан сири маҥхаппыт. Хардьаҕа турар иһиттэр ууларын үрдэ мууһунан бүрүллүбүт. Уйбаан хотонугар бараары туран, быһаҕас уулаах баалынайы дьиэҕэ киллэрэн аан ойоҕоһугар истиэнэҕэ сыһыары уурда.
Улахан уол аҕата киирэр-тахсар тыаһыттан уһуктан, оһох көрөн сабар үлэлээх киһи турда. Аһаан бүтэрин саҕана бырааттара тураннар утуу-субуу уунаҥнаһан хостон тахсан кэллилэр. Чуумпуран турбут дьиэ оҕо саҥатынан оргуйа түстэ. Аһаан-сиэн аймалаһа түһээт, обургу уолаттар таһырдьа оонньуу ыстаннылар. Улахан кыыс иһитин сууйаары остуолун хомуйар. Саргы төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Сарсын, икки улахан бырааттарын кытта чугас сытар нэһилиэк интэринээт оскуолатыгар үөрэнэ киириэхтээхтэр. Кыыс сааһынан төһө да улахана суоҕун иһин, бэйэтиттэн балыстары көрөр-харайар, аһаталыыр, дьиэ хомуйар эбээһинэстээх. Саамай кэтиир-маныыр оҕото балта Нарыйа. Балтараатын туола илик саҥардыы хаампыт оҕоҕо, туох барыта интэриэһинэй. Бытархай оонньуурдары, бөҕү булан айаҕын диэки атаарар. Сыыһа туттаран ииктээн ыстаанын уларыттарар. Ардыгар, мэниктии сылдьар убайдара түҥнэри көтөн, өй-мэйдээх тулуйбат ытааһынын түһэрэр. Көмөлөһөр балтын Ньуккуну, үөрэх дьыла саҕаланыыта таайыгар илдьибиттэрэ. Онно олорон орто оскуола иккис кылааһыгар үөрэнэр.
Икки кыра уол оонньуу сылдьаннар, туохтан эрэ бочооттоһон охсуһан турдулар. Ый-хай саҥа, тилигирэһии буолла. Саргы бырааттарын араартаары хоско киирдэ. Нарыйа аан дьиэҕэ баалынай мууһун икки илиитинэн таһыйан оонньуу хаалла. Номнуо ытаспыт эрэттэр «кини миэнин былдьаата», «мин бастаан булбутум» дэһэн, өрө сыҥа-сыҥа эдьийдэригэр быһаара сатыыллар. Эмискэ, чараас муус үлтүрүйэн кылыгырыыр тыаһа иһилиннэ. Саргы итиини таарыйбыт курдук ходьох гынаат, аан хоско сүүрдэ. Тиийэн, муустаах ууга төбөтүнэн түһэн атахтара эрэ чочоҥолуур оҕону харбаан ылан өрө тардан таһаарда. Нарыйа чачайан муннунан-айаҕынан уу сүүрэр, уоһун оппоҥнотор, харахтарын симириктиир уонна тиэрэ кэдэрийэр. Ол эрээри, саҥа таһааран ытаабат. Уолуйа куттаммыт кыыс, балтын киһилии көтөҕөөрү өрө таҥнары тутта. Онно эрэ, кыра оҕо тыын киллэрэн тэһэ баран ытаата. Уоһа күп-күөх буолбут, тоҥон титирии сылдьар. Саргы өй булан, ыгыллар уулаах инчэҕэй таҥастаах балтын көтөхпүтүнэн хоско ойдо. Оҕотун таҥаһын ньылбы тутаат, ийэтин оронугар сытыаран халыҥ суорҕанынан хороччу суулаан кэбистэ. Бэйэтэ аттыгар сытыһан таптайа-таптайа буруһууна орону хамсатан, хачайдаан барда. Тымныы ууга булумахтанан, ытаан сэниэтэ эстибит кыракый кыыс сыҥырҕыы түһэн баран, тоҥмута ааһан утуйан хаалла.
Күнүскү аһылыкка оҕолоругар миин буһаран иһэрдээри, Өрүүнэ дьиэтигэр кэллэ. Алдьархай тахса сыспытын сэрэйэн да билбэт түөртээх-биэстээх кыра уолаттара утары ойуоккалаһан хостон таҕыстылар. Былдьаһа-тарыһа, туох буолбутун ийэлэригэр кэпсээн бардылар. Өрүүнэ ситэри истибэккэ оҕолорун туората хаһыйталаат, тас да таҥаһын устар бокуойа суох хос диэки харбыаласта. Ип-итии дьиэҕэ халыҥ суорҕаҥҥа сууланан бурулуччу буспут, биир тэҥник тыынан утуйан сурдургуур кырачаан Нарыйатын көрөөт, аймаммыт ийэ сүрэҕин харбаммытынан ороҥҥо олоро түстэ.
Толоон Туорааҕа