20 сыл анараа өттүгэр 2004 сыллаахха “Афганистан Чечня сэриитин кыттыылаахтарыгар олорор дьиэнэн хааччыйарга” диэн сокуон оҥоһуллан, Сунтаарга сорудах кэлбитин үөрэ истэммин, оҕобун дьиэ5э уочараттаан, испииһэккэ  туруортарбытым. Ол суруттарбыт уочараппытын ийэ киһи быһыытынан өр да күүттүм. Оҕом да бэтэрээн быһыытынан өр долгуйа күүттэ аҕай. Оҕом Чечняттан кэлэн баран өр буолбакка «Москваҕа байыаннай үөрэххэ үөрэнэ барабын» диэн үөрэнэ барбыта.Үөрэҕин бүтэрэн, Белогорск куоракка байыаннай чааска хантараах быһыытынан үлэлии барбыта уонна олохсуйан үлэлииргэ быһаарыммыта. Эдэр киһи дьылҕата бэйэтин илиитигэр буоллаҕа.
Арай биирдэ, куоракка социальнай харалталарга төлөпүөнүнэн эрийэн дьиэ туһунан ыйыттым, онно эттилэр: “Эн оҕоҥ манна прописката суох атын сиргэ олорор. онон списокка суох” диэн хомоттулар. “Хайдах оннук гынаҕыт бэйэҕит сахаҕыт оҕотун” – диэбиппэр, сөпкө өйдөөнннөр хамыыһыйа быһаарыытынан, байыаннай чааска пропискалааҕын билэннэр, испииһэккэ хос туруоран абыраатылар. 2022 сылга ыҥыран докумуонун үчүгэйдик чөкөттөрөн, 2023 сыл от ыйыгар «дьиэҕин ыла кэлэҕин” диэн үөрдэ-көтүтэ үлэтигэр ыыппыттара. Онтон 2023 сыл муус устарга «харчы суоҕунан сибээстээн бу сылга дьиэҥ көрүллүбэт буолла» диэн сурук кэлэн санаа түһүүтэ бөҕө буоллум. Дьиҥэ уочаракка син чугас да соҕус этибит. 20 сыл уочарат сүрдээх…

Онтон быйыл 2023 сыл ахсынньытыгар Сунтаар улууһун дьаһалтатыттан социальнай боппуруотарга салаа исписэлииһэ Тамара Иванова төлөпүөннээн: «Оҕоҕор дьиэтин харчыта көрүллүбүт, докумуоннаргар кытаатан түргэнник бу ый иһигэр сүүрэ охсуҥ» диэн ыксатта. Мин «үөрэҕэ суох киһи хайдах буолабын? кими булабын? хантан саҕалыыбын?» диэн, бэйэм улахан эпэрээ7ийэни барбыт киһи толкуйдуурга төбө ыалдьара диэни биллим. Олох ыксааммын эрэнэр киһибэр саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин салайар Мария Емельяноваҕа төлөпүөннээн тиийбиппэр, мин уонна оҕом кыһалҕатын чугастык ылынан, биһиги кыһалҕабытын кыһалҕа оҥостубутугар, сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн туруорсубутугар, кэмигэр ситэттэрбитигэр улаханнык махтанабын.

Улууспут дьаһалтатын социальнай боппуруостарга салаатын үлэһитэ Тамара Ивановна тустаах докумуоннарбытын ситэрэн-хоторон, ыйан-кэрдэн биэрбитигэр, бэйэбит чугас киһибитигэр — куоракка олорор балтыбытыгар Акулина Валерьевна Поповаҕа сөптөөх дьиэни булан биэрбитигэр махталбыт муҥура суох.

Бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ураты болҕомтолорун, кинилэр  сүҥкэн үтүөлэрин, бойобуой хорсун быһыыларын үрдүктүк сыаналыылларын иһин дойду баһылыга Владимир Путиҥҥа, Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаевка махтанан туран, үрдүк үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэбит. Бойобуой дьайыылар бэтэрээнэ, билигин СВО-ҕа сылдьар оҕобор Женяҕа күүтүүлээх дьиэтин биэрбиттэригэр махталбытын биллэрэбит. Истиҥ үтүө санаалаах бары дьоннорбутугар бука барыгытыгар ийэлии истиҥ махталбын биллэрэн туран, олоххутугар үгүс үөрүүнү, чэгиэн туругу. Дьиэ кэргэҥҥитигэр уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Светлана Николаевна ЯНКОВА
Сунтаар

Читайте дальше