Бу ый улууспутугар «Ийэ дойдуга таптал» дойдуга бэриниилээх буолуу ыйынан биллэрилиннэ. Манан сиэттэрэн, улуус дьаһалтатыгар хамыыһыйа мунньаҕар дойдуга бэриниилээх буолууга былааннаах үлэ ыытылларыгар иһитиннэрдилэр. Ый устата үөрэх тэрилтэлэригэр, үлэ кэллэктииптэригэр дойдуга бэриниилээх тыыҥҥа иитиигэ сыһыаннаах араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Манна даҕатан эттэххэ, оскуолаларга патриоттуу өйгө-санааҕа иитии тиһигин быспакка ыытыллаллар, үөрэнээччилэр, учууталлар араас бырайыактарга, күрэстэргэ кытталлар. Холобур, А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1№-дээх орто оскуолата патриотическай бырайыак оҥороннор күрэскэ кытта сыллдьаллар. Бу «Миллион на развитие» диэн күрэһи Алмазэргиэнбаан үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн ыытар.
Биһиги хаһыаппытыгар, дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах суруйуулар кэмиттэн кэмигэр тахсаллар, ааҕааччыларбытыттан эмиэ бэйэҕит суруйууларгытын күүтэбит.
Алена ИВАНОВА