Иитээччи – үтүөнү, сырдыгы саҕааччы, билиитин-көрүүтүн биэрээччи

Оҕолуун алтыһан,

Кэрэҕэ угуйан,

Ырыаҕа, хоһооҥҥо

Иитээччи үөрэтэр.

Иитээччи үлэтэ

Элбэҕи эрэйэр –

Оҕоҕо тапталы,

Тулуурдаах буолууну.

Сыралаах үлэбит

Оҕоҕо ананар,

Төрөппүт махтала

Үөрүүнү үксэтэр.

 

Иитээччи кырачаан оҕолору күннэтэ иитэр-үөрэтэр, билиини-көрүүнү иҥэрэр, кэрэҕэ-сырдыкка угуйар, ырыаҕа-үҥкүүгэ уһуйар, үтүө дьон буолан, үүнэн-сайдан тахсалларыгар маҥнайгы олоҕун оҥкулун уурааччы буолар. Бу эппиэтинэстээх, түбүктээх үлэҕэ идэтигэр бэриниилээх, санаабытын ситиһэр, хорсун санаалаах киһи үлэлиир. Ол курдук, биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт иитээччи сыралаах үлэтин талан, олоҕун кэнчээри ыччаты иитиигэ, үөрэтиигэ, сайыннарыыга анаабыт Сунтаардааҕы “Ньургуһун” оҕо сайдар киинин сүрүннүүр иитээччитэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, бастыҥ үөрэҕирии үлэһиттэрин күрэҕин кыайыылааҕа Трофимова Надежда Семеновна.   Кини эдэр иитээччилэргэ уһуйааччы, иитэр-үөрэтэр, дьарыктары сөптөөхтүк торумнаан ыытыыга, былааннары, бырагараамалары  чопчулаан оҥорууга сүбэ-ама биэрэр, күүс-көмө буолар.

– Бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо?

Мин Сунтаардааҕы «Ньургуһун» оҕо сайдар киинигэр 43 сылбын үлэлиибин. Онтон 33 сыл иитээччинэн үлэлээн баран, 2019 сылтан сүрүннүүр иитээччинэн үлэлии сылдьабын. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпут, элбэх сиэн оҕо эбэтэбин.

–  Тоҕо иитээччи идэтин талбыккыный?

Миэхэ, оҕо сылдьан оҕо саада диэни билбэтэх киһиэхэ, оскуоланы бүтэрээт «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» ыҥырыынан уһуйааҥҥа үлэлии кэлбиппэр барыта сонун, дьикти этэ. Элбэх оҕо биир дьиэҕэ мустан күнү быһа сылдьалларын олус сөҕөр этим. Ол курдук, 1977 сыллаахха аан бастаан «Ньургуһун» оҕо саадын боруогун атыллаан, оччотооҕунан, «нянялаан» үлэбин саҕалаабытым. Устунан оҕолору кытта үлэлиирбин сөбүлээн, иитээччи идэтин талан, Дьокуускайдааҕы 2-с N-дээх педагогическай училищены үөрэнэн бүтэрбитим.

– Оҕо сылдьан туох үлэһит буолар ыра санаалаах этигиний?

– Оҕо сылдьан быраас буолуохпун баҕарарым, арыый улаатан баран учуутал буоларга сананарым. Ол эрэн иитээччи идэтин талбыппыттан кэмсиммэппин, олоҕум суола оҥостубуппуттан үөрэбин. Билигин кэлэн санаатахпына — сөпкө идэбин талбыт эбиппин.

– Аан маҥнай оҕолору дьарыктыы киирбит күҥҥүн хайдах саныыгыный? Ханнык саамай өйдөөн хаалбыт түгэниҥ баарый?

Иитээччинэн үлэлээбит кэммэр даҕаны, билигин даҕаны киһи өйүгэр-санаатыгар хаалан хаалбыт үөрүүлээх да, ыксаллаах да түгэн элбэх. Ордук иитэн-такайан улаатыннарбыт оҕолорбун оскуолаҕа үөрэнэ киирэллэригэр атаарар түгэннэрбин умнубаппын. Ол оннук биир түгэҥҥэ оскуолаҕа атаарыллыбыт уолтан  «туох баҕа санаалааххын?» диэн ыйыппыттарыгар  «мин оскуолаҕа Надежда Семёновнаны илдьэ барабын» диэн хоруйдаабытын наар саныыбын.

– Бу үлэлээбит сылларыҥ тухары араас оҕо, төрөппүт баар буолуохтаахтар. Оҕону кытта үлэлиир тус санааҕар хайдаҕый?

Үлэлээбит кэмнэрим устатын тухары араас элбэх оҕону, төрөппүтү, эбээни, эһээни кытта алтыһан кэллим. «Оҕолору кытта үлэлиир ыарахан буолбатах дуо?» диэн миигиттэн куруук ыйытааччылар. Оҕону кытта үлэлиир олус умсугутуулаах, кып-кырачаан киһиэхэ күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолар элбэх үлэни эрэйэр. Төрөппүттэри кытта уопсай тылы булан, биир сыаллаах-соруктаах үлэлээтэххэ үлэ үчүгэй түмүктээх буолар.

– Билиҥҥи кэмҥэ иитээччи идэтэ аан маҥнай саҕалаабыт кэмнэргинээҕэр туох уратылааҕый?

– Иитээччи – үтүөнү-кэрэни, сырдыгы саҕааччы, күннэтэ оҕо туһугар билиитин-көрүүтүн биэрээччи, оҕо олоҕун оҥкулун уурааччы буолар. Иитээччи анала урут да оннук этэ, билигин да оннук. Мин санаабар билиҥҥи кэм иитээччитигэр олус элбэх кумааҕы толоруута ирдэнэр. Онтон иитээччи оҕону кытта алтыһар кэмэ аҕыйыыр дии саныыбын. Урукку иитээччи оҕону кытары дьарыгын барытын бэйэтэ ыытара, билигин араас исписэлиистэр бааллара үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр.

– Эн санааҕар, педагог уонна уһуйааччы хайдах буолуохтаахтарый?

– Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору кытта үлэҕэ уопуттаах иитээччи эдэр үлэһиккэ көмөтө, сүбэтэ-амата улахан суолталаах. Эдэр иитээччи үлэҕэ миэстэтин булунарыгар, билиитин хаҥатынарыгар, дьону кытта алтыһарыгар, идэтин ис хоһоонун киэҥник арыйарыгар уһуйааччы көмөтө олус наадалаах дии саныыбын. Иитээччи уонна уһуйааччы биир сыаллаах буолуохтаахтар. Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэр.

– Эйигин үлэҕэр уһуйбут киһинэн кими ааттыаххын сөбүй?

– Идэбэр уһуйааччынан буолбут киһинэн, миигин аан бастаан үлэҕэ ылбыт, идэбин таларбар сирдьит буолбут Татьяна Дмитриевна Евсеева буолар. Кини өр сылларга олоҕун оҕону иитиигэ анаан, 16 сыл сэбиэдиссэйдээбитэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

– Иитээччи идэтигэр саҥа үлэлээн эрэр эдэр үлэһиккэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Эдэр иитээччилэргэ хас биирдии оҕо ис туругун, уйулҕатын, кыаҕын, дьоҕурун өйдөөн, болҕомто ууран, кини сайдыытыгар күүс-көмө буолалларыгар сүбэлиэм этэ.

– Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр, тус олоххор бары үтүөнү баҕарабын.