Игорь Яковлев: “Бэйэ оҕуруот аһынан хааччыллар кыах баар”

Саха киһитэ кыстыкка бэлэмнэнэн хасааһын хааччынар кэмнэрэ. Сүөһү-ас кыстыгы туоруур аһын хаһаанары таһынан, аныгы кэм киһитэ оҕуруот аһын хото үүннэрэр, күһүҥҥү хомуурун кэлэр сааскыга тиэрдэргэ дьулуһар.

Элгээйи нэһилиэгэр үлэлии-хамныы олорор Игорь Яковлев бааһынай (фермерскэй) хаһаайыстыбата 2016 с. тэриллибитэ. Хаһаайыстыба аан бастаан “СӨ 2015-2017 сс. үлэтин саҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыбаны өйүүр” бырагырааманан бурдук ыһарга граны ылан, 200 гааҕа бурдугу, сенаһы, күөх маассаны үүннэрэн үлэтин саҕалаабыта. Биэс сыл иһигэр буолаларын 300 гааҕа диэри кэҥэппиттэрэ. Сунтаар улууһун иһигэр элбэх буоланы оҥорбуттара. Ити курдук, хаһаайыстыба бастаан аҥаардас бурдук көрүҥүн олордуунан дьарыктаммыт эбит буоллаҕына, билигин хайысхатын уларытан, 10 гаа сири арендалаһан, оҕуруот аһын: хаппыыстаны, хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыгырар. Сыллата ылар үүнүүтүнэн улуус олохтоох тэрилтэлэрин,  нэһилиэнньэни хото хааччыйар. Бастаан утаа биир үксүн хаппыыстаны олордор эбит буоллаҕына, билигин хортуоппуйу киэҥник олордон саҕалаан эрэр. Хаһаайыстыба салайааччыта Игорь Яковлев үйэлээх сааһыгар оҕуруот аһын олордуунан дьарыгырар. Ол курдук, Игорь Николаевич хас даҕаны сыл «Элгээйи» ПК дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кэпэрэтиип улууска тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэртэн биир бастакылара этэ. Ол курдук, нэһилиэнньэни оҕуруот аһынан толору хааччыйан олорбута. Кэпэрэтиип 2010 с.  өрөспүүбүлүкэтээҕи т/х тэрилтэлэрин үлэһиттэрин күрэһигэр”Бастыҥ хортуоппуй олордор хаһаайыстыба” номинацияҕа кыайбыта.

Игорь Николаевич СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Улуус мунньаҕын дьокутаатынан талыллан үлэлии сылдьыбыта. 2005 с. түмүгүнэн “Лучший директор  сельского хозяйства” номинацияҕа Сунтаар улууһун баһылыгын гранынан наҕараадаламмыта. Билигин нэһилиэккэ дьокутааттыыр. Кэргэнэ Надежда Геннадьевналыын элбэх оҕолоох нэһилиэк биир ытыктанар ыаллара.

Биһиги бүгүн фермерскэй хаһаайыстыба салайааччыта Игорь Яковлевы кытта уһун кыһыннаах Сахабыт сиригэр оҕуруот аһын олордуу ымпыгын-чымпыгын туһунан кэпсэтэбит.

— Игорь Николаевич, бааһынай хаһаайыстыбаҥ үлэтин-хамнаһын билиһиннэр эрэ.

— Аан бастаан 2016 с. 10 гаа сири арендалаһан, анал бырагырааманан бурдук ыһан саҕалаабыппыт. Онтон кэлин нэһилиэнньэ туохха наадыйарын учуоттаан, хаппыыста, хортуоппуй олордуутугар көспүппүт. Бастаан утаа хаппыыстаны олордор эбит буоллахпытына, билигин хортуоппуйбутун элбэттибит.

— Хаһаайыстыбаҕытыгар хас киһи үлэлиирий?

Анаан үлэһит туппаппыт. Биир үксүн бэйэбит дьиэ кэргэнинэн үлэлиибит. Хомуур кэмигэр, олордууга быстах кэмҥэ дьону үлэлэтээччибит. Хомуур кэмигэр эҥин субуотунньук быһыытынан тэрилтэлэр кэлэн көмөлөһөллөр. Кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Үлэлээбиттэрин суотугар үүнүүттэн ылаллар. Ол курдук икки өттүттэн табыгастаах  гына кэпсэтэбит.

— Билиҥҥи кэмҥэ бу маннык оҕуруот аһын олордуунан дьарыктаныы тыа сиригэр төһө барыстаах дии саныыгыт?

Бэйэ дойдутугар үүммүтү химията суох ырааһын, субу буолаттан хомуйуллубут сибиэһэйин учуоттаан, дьон хото ылар буолан, билиҥҥитэ оҕуруот аһа хамаҕатык барар. Билиҥҥитэ Сунтаардааҕы технологическай колледжы, Элгээйи, Хоро орто оскуолаларын оҕуруот аһынан хааччыйарга дуогабардаахпыт. Ону таһынан сакаас быһыытынан нэһилиэктэри кэрийэбит. Быйылгы үүнүүнү үксүн батардыбыт диэххэ сөп.

— Быйыл үүнүү хайдаҕый?

Быйыл хаппыыста үүнүүтэ үчүгэй, 23 туоннаны хомуйдубут. Хортуоппуй арыый мөлтөһүөр курдук, 20 туонна.  Семеоборот быраабылатын тутуһан биир буолаҕа биир сыл биири, биир сыл атыны олордору тутуһабыт. Сыыйа-баайа кэҥээн иһэр былааннаахпыт.

— Дьон хаппыыстаны олордору көрүүтэ бырыынчык диэн аккаастанар. Манна тугу кыайа тутуохха нааданый?

Бастатан туран, арассаадаҥ үчүгэй буолуохтаах. Олордубут утаа уутун кутууну, үөнтэн-көйүүртэн харыстааһыны кыайа тутуохха наада. Биһиги анал уу ыстарардаахпыт. Онтубут олус абырыыр. Хаппыыста үүнүүтэ, биллэн турар, дьыл хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. Ол эрээри көрүүтүн кыайдахха, үчүгэй үүнүүнү ылыахха сөп дии саныыбын.

—  Тиэхиньикэ чааһа хайдаҕый?

— Кэлин хортуоппуй олордор ылбыппыт. Анал субсидиянан. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн.

— Кыһыҥҥы өттүгэр хаалбыт үүнүүгүтүн хайдах харайаҕытый?

Билиҥҥитэ үүнүүнү үксүн кэмигэр батарабыт. Быйыл подвал туттан саҕалаатыбыт. Эһиил бэлэм буолуохтаах.

— Игорь Николаевич, уопуттаах киһи сиэринэн көрдөххүнэ, үүнүү харайыыттан ордук тутулуктаах дуу, дьыл кэмиттэн дуу?

Сорох дьыл ардыыр, сорох дьыл кураанныыр. Аны үөн-көйүүр кэлиҥҥи сылларга аһара элбээтэ. Дьыл хайдаҕа, үүнүү түмүгэр улаханнык  дьайар дии саныыбын. Ордук хортуоппуйга. Холобур, быйыл бастаан ардаан баран, атырдьах ыйыгар курааннаабыта. Ити хортуоппуй улаатарыгар улаханнык дьайда. Хортуоппуй үүнүүтэ былырыыҥҥытааҕар мөлтөһүөр. Былырыын атырдьах ыйыгар хото ардаан, бэркэ бөдөҥүү үүммүтэ.

— Сорох хаһаайыстыбалар сайыҥҥы кэмҥэ лааҕыр арыйан оҕолору үлэлэтэллэр…

Урукку кэмҥэ, «Элгээйи» ПК лааҕыр арыйан оҕолору үлэҕэ сыһыаран үлэни көхтөөхтүк ыытара. Билигин ирдэбил элбээн ити чааһыгар уустук соҕус. Билиҥҥитэ оҕолору үлэҕэ көҕүлүүр үлэни ылса иликпит.

— Олордор сиэмэҕитин хайдах талаҕытый?

Дьэ итиннэ болҕомтолоох буолуохха наада. Сиэмэ хайдаҕыттан үүнүү түмүгэ улахан тутулуктаах. Специализированнай маҕаһыыннартан ылыахха наада, хортуоппуйу, холобур, үүнүүтэ үчүгэй хаһаайыстыбалартан ылабыт. Кэлин Ленскэй хортуоппуйун үчүгэй диэн сиэмэҕэ туһанныбыт. Ыарыылаах сиэмэ түбэһэрэ, дьэ кутталлаах, хас да сыллааҕы үүнүүгүн буомурдар кыахтаах. Ыарыы буулаатаҕына, бааһынаҕа хаалан хас да сыл үүнүүнү төнүннэриэн сөп.

— Инникитин туох былааннааххыт?

Инникитин бу 10 гааҕа толору хортуоппуйу, хаппыыстаны үүннэрэн, олохтоох дьону толору бэйэ үүнүүтүнэн хааччыйбыт киһи диэн баҕа санаалаах үлэлиибит. Төһө да кылгас сайыннаах буолларбыт, биһиги дойдубутугар, дьиҥэр, бэйэ оҕуруот аһын олордон, үчүгэй үүнүүнү ылан толору хааччыллар кыах баар дии саныыбын.

— Игорь Николаевич, сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтал буоллун. Хаһаайыстыбаҕыт үлэтигэр ситиһиилэри!

Ааптар: Марфа ИВАНОВА

 

Читайте дальше