«Хотугу хотойдор» бастыҥнары быһаарар финалга

От ыйын 4-8 күннэригэр Казань куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы «Пилоты Будущего» дрону салайыыга чөмпүйэнээт финала буолла. Манна Саха сириттэн эрдэ күүстээх сүүмэрдээһини ааспыт хамаандалар кытыннылар.

Ол курдук, Сунтаарбыт улууһуттан Кутана орто оскуолатын информатикаҕа учуутала Владислав Третьяков салайааччылаах оскуола үөрэнээччилэрин «Хотугу хотойдор» хамаандата: Антон, Артем Третьяковтар, Мичил Алексеев Саха сирин аатыттан күрэхтэстилэр. Чөмпүйэнээккэ 59 регионтан барыта 119 хамаанда араас көрүҥнэргэ күрэс былдьаспытыттан Саха сирин икки хамаандата 16 иһигэр киирдилэр. Кутана хамаандата «Точность приземления» дисциплинаҕа 10-с миэстэҕэ таҕыста.

Маннык улахан таһымнаах , элбэх кыттааччылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы чөмпүйэнээккэ үчүгэй көрдөрүүлээх кыттыбыт биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ буоллун.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше