Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, эбэм аҕата, мин хос эһэм Спиров Николай Васильевич 1926 с. Илимниир нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии кэнниттэн өр сылларга ойуур хаhаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Кэргэнинээн сэттэ оҕоломмуттара, сүүрбэччэ сиэннэммиттэрэ. Николай Васильевич 1993 с. ыалдьан өлбүт.
Эһэм Спиров Николай Васильевич Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Снайперскай полкаҕа үөрэппиттэр. «Аҕа дойду сэриитэ» II истиэпэннээх уордьанынан, тоҕус мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сэрии кэнниттэн Хаданнааҕы Энгельс аатынан холкуоска суоччутунан, өр сылларга ойуур хаhаайыстыбатыгар үлэлээбит. Эһэбит олус көнө майгылааҕа, оҕолорун, сиэннэрин мөҕө-этэ сылдьыбат буолара үһү. Оҕолорун бары туруу үлэhит гына иитэлээбит.
Орто дойдуттан барыар диэри кусчут бэрдэ, куобахха мэлдьи туhахтыыр эбит. Сэриигэ сылдьыбытын туhунан хаhан даҕаны кэпсээбэт эрээри, ахтыы суруйан хаалларбыт.
Хос эһэм Николай Васильевич ахтыытыттан: «1944 с. бэс ыйын 22 күнүгэр эбэтэр фашистскай Германия биhиги Ийэ дойдубутугар сэриинэн түөкүннүү саба түспүтүн 3 сыла туолбут күнүгэр 18 сааспын туолан Хадантан уонна Илимнииртэн элбэх киhи аармыйаҕа ыҥырыллан барбыппыт. Олор истэригэр бааллара – Харанаев Николай Иннокентьевич, Чойнов Н.А., Кукарисов С.Ф., Соловьев И.Д., Сантаев Я.Е., Уаров Д.У. уонна мин, Спиров Николай Васильевич о.д.а. Сунтаартан Усть-Кутка диэри параходунан, машинанан, сороҕор тимир суолунан айаннаан Иркутскай уобаласка «Мальта» диэн станцияҕа тиийэн, 67-с Запасной стрелковай полкаҕа тутуллубуппут. Сэтинньи ый бүтүөр диэри байыаннай бэлэмнэниини барбыппыт. Онтон сорохпут Илин Японияҕа, сорохпут Арҕаа Германияҕа атаарыллыбыппыт. Олортон биhиги сахалар: Попов Я.Е., Уаров Д.У., Григорьев, Сиэйэттэн Саввинов Д.Н. уонна мин буоламмыт 1945 с. олунньу ыйга I Украинскай фронт 21-с армиятын 543-с Гардинскай Кыhыл Знамятын, Суворов, Кутузов, Богдан Хмельницкай уордьаннаах полкаҕа түбэспиппит. Ити полка оччолорго Польша сиригэр Бресваль куорат таhыгар оборонаҕа сытара. Ити куорат биhиги сэриилэрбитинэн төгүрүллэн сытар кэмэ этэ. Биhиги тиийээппитин кытта, Саха сирин киhитэ Тарабукин Иван Степанович диэн сержант бэрт эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Кини оччолорго минометчик этэ, икки Кыhыл Сулус уордьаннааҕа, хорсунун иhин икки мэтээллээҕэ, полкаҕа улахан авторитеттааҕа. Биhигини көрсө түһээт: «Бу мин биир дойдулаахтарым – сахалар кэллилэр, кинилэр этимсэх дьон», – диэн походнай кухняттан баран хас биирдиибитигэр биирдии котелок эти, миини аҕалан биэртэлээбитэ. Сахатын сирин туоhулаhан элбэхтик ирэ-хоро кэпсэппитэ уонна минометыгар барбыта, кинилиин хойут хам-түм көрсүhэр этибит. Ити полкаҕа ый аҥаара атын-атын идэлэргэ эбии үөрэппиттэрэ. Григорьевы ручной пулеметы баhылыырга, миигин снайперскайга үөрэппиттэрэ. Үөрэтии кэнниттэн кулун тутар ыйга фроҥҥа киллэрбиттэрэ. Онно киирэн биир ый фроҥҥа сыппыппыт. Иннибитигэр үрэх, ол уҥуор дэриэбинэ, онтон антах сүрдээх үрдүк, ортотунан былыт ааhар хайата баара. Ол хайа үрдүгэр немецтер аэродромнаах эбит этилэр. Онтон түүнүн аайы Бреславльга көмөҕө 40-лыы немец самолеттара биhиги үрдүбүтүнэн көтөн ааhаллара. Бреславль куорат бэриммитин кэннэ биhиги кимэн киириибит саҕаламмыта уонна сэриини Чехословакия Прага куорат чугаhыгар тиийэн 1945 с. ыам ыйын 8-с күнүгэр киэhэ 8 чааска түмүктээбиппит. Оборонаҕа сытар кэммэр взводум командира, лейтенант Кочуров учуотунан 12 фашиhы өлөрбүппүт. Өстөөх миинэлэммит сиргэ ыыппыт атын уонна таhаҕастаах повозкатын ыттарбыттара. Бэйэҥ бас билэр ориентирин таhыгар сылдьар өстөөҕү ыттарбат этилэр. Сэриигэ пулеметчик, снайперга үөрэппит командирым Зайцев о.д.а. элбэх бойобуой табаарыстарым дьоруойдуу өлбүттэрэ. Сэрии кэнниттэн оккупационнай сэриилэри кытта 1948 с. бэс ыйыгар диэри Чехословакия, Австрия, Венгрияҕа, Германияҕа араас воинскай чаастарга сулууспалаабытым.
Биhиги дьиэ кэргэнтэн 4 бырааттыы сэриигэ барбыппыт. Олортон улахан убайбыт Спиров Андрей Васильевич 1941 с. кыhын Москва аннынааҕы кыргыhыыга өлбүтэ. Иккис убайбыт Павлов Николай Васильевич 1941 с. баран баран 1943 с. араанньы буолан дойдутугар кэлбитэ. Үhүс убайым Спиров Иван Васильевич 1942 с. барбыта. Кини Арҕааҥы фронт инники кирбиитигэр сылдьан саннын хаптаҕайыгар баас ылан, Воронеж куорат госпиталыгар сытарын туhунан суруйбута. Госпитальтан тахсан фроҥҥа иккиhин киирэн уллуҥун тоhуттаран, Ярославль куорат госпиталыгар эмтэммитэ. Станковай пулемет пулеметчига этэ. Сэриигэ үсүhүн киирэн, 1944 с. атырдьах ыйын 22 күнүгэр Литовскай ССР-га геройдуу өллө уонна Бладислава дэриэбинэ илиҥҥи туhаайыытыгар 222,5 метр үрдүктээх сиргэ братскай могилаҕа көмүлүннэ диэн хомолтолоох биллэрии кэлбитин туhунан суругу Германияҕа сылдьан туппутум. Хомойуох иhин, убайым оччотооҕу суруктара хараллыбакка сүппүттэр.
Сэрии ыар сылларын эппинэн-хааммынан билбитим, онон сэрии буолбатыгар баҕарабын. Баҕарабын сир үрдүгэр эйэлээх халлааны!»
Түмүкпэр этиэм этэ, мин эһэм төһө да сэриигэ сылдьыбытын кэпсэнэ сылдьыбатар даҕаны, кини кэнэҕэски сиэннэрбэр диэн ахтыы суруйан хаалларбыта – бу биһиэхэ улахан сыаната биллибэт баай. Мин эһэбин көрбөтөҕүм эрээри, мин кининэн киэн туттабын. Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ыраас халлаан анныгар олороллорун иһин олохторун толук уурбут саллааттарга сүгүрүйэбин. Кинилэр хорсун-хоодуот быһыыларын сөҕөбүн. Кинилэри кэриэстээн киһилии киһи буолан, сиэрдээх олоҕу олоруохтаахпыт диэн билэбин.
Камилла Андреева ,
Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ.