Мин хос эһэм Николаев Николай Иванович Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Кини 1895 с. Сун­таар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1944 с. сэрии­гэ ыҥырбыттара. Мин эбэм Индеева Зинаида Николаевна аҕата буолар. Кини сэрии кэмигэр хаһааҕа сылгыһытынан үлэлээбитэ. Атынан саллааттарга аһылык, өйүө уонна снарядтары таһар эбит. Кини ба­йыаннай званиета – рядовой. Эһэм Николай Иванович Японияны кытта сэриигэ кыттан, Японияҕа тиийэ сылдьыбыт. Маны «Дорога памяти» диэн «Аҕа дойду улуу сэриитин кыттааччылара» диэн сайтка киирэн көрбүтүм.

Хос эһэм мэлдьи атынан айанныы сылдьан, суол устун ыллаан тахсар эбит, ол иһин «Бойуот» диэн хос аат биэрбиттэр. Эһэм кэргэнэ, мин хос эбэм, Николаева Софья Федотовна диэн, кини пиэрмэҕэ борооску көрөөччүнэн үлэлээбит.

Кыыһа Татьяна Николаева ахтарынан: «Дьиэлэрэ, тиэргэннэрэ мэлдьи оҕолорунан, сиэннэринэн толору буолара. Сарсыарда 6 ч. араадьыйа саҥарара, оһох умайар тыаһа, эһэлээх эбэм чэй иһэ-иһэ кэпсэтэр саҥалара иһиллэрэ».

Хос эбэлээх эһэм сайын аайы сир аһын арааһын, луук бөҕө хомуйаллар эбит. Ону оҕолоругар, сиэннэригэр эрэ буолбакка, табаарыстарыгар, аймахтарыгар бэрсэр идэлээх эбиттэр.  Куоракка, Ньурбаҕа тиийэ ыыталлар үһү. Эһэм сылгыһыт буолан, мэлдьи атынан сылдьара. Атынан от кээһэллэр, ол быыһыгар атынан оҕолорун хатааһылатар эбит. Кэнники хараҕа көрбөт буолан, сиэннэригэр кинигэ аахтаран истэрин дьонум кэпсииллэр. Дьиэлэригэр кинигэ элбэх эбит. Өссө пластинка холботон, олоҥхо истэр эбитэ үһү.

Хос эһэм үгүс наҕараадалардаах: «За боевые заслуги», «За победу над Германией» мэтээллэр. Ону тэҥэ үбүлүөйдээх мэтээллэрдээх: «30 лет Победы ВОВ», «40 лет Победы в ВОВ».

Хос эһэм 11 оҕолоох, элбэх сиэннээх, хос сиэннээх. Кини 1989 с. 95 сааһыгар олохтон туораабыт. Эһэм үйэтин сааһын тухары сибиэһэй салгыҥҥа сылгыһытынан сылдьан, уһун үйэлэммитэ буолуо диэн Аммаҕа олорор кыыһа Ольга Николаевна ахтыытыгар баарын аахпытым.

Мин хос эһэм Николай Иванович туһунан элбэҕи биллим, кининэн киэн туттабын. Эйэлээх олоҕу уһансыбыт хос эһэбэр махтанабын. Биһиги кини хорсун быһыытын, дойдуга бэриниилээх буолуутун өрүү сүрэхпитигэр илдьэ сылдьыахпыт.

Кейн КИРИЛЛИН,

Сунтаар 3-с №-дээх

оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ.

Читайте дальше