Сунтаар улууһун күнүгэр нэһилиэктэр парааттарыгар Хоро нэһилиэгэ уратытык симэнэн кытынныбыт. Бөлөҕү баһылык Ефимов Валерий Петрович салайда. Сэлэлии хаамыыбытыгар Хоро нэһилиэгэ киэн туттуутун, историятын көрдөрдүбүт. Саха Сиригэр Хоролор Тээти диэн сирбитигэр 150 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр үөскээн сылдьыбыт динозаврдарбыт уҥуохтарын булумньуларынан биллэбит. Ол иһин, динозаврдар буолан хааман киирэн дьон настарыанньатын көтөхтүбүт.
Ону таһынан, В.П.Попов аатынан күөх искибиэрбитинэн аатырабыт. Искибиэргэ 100 тэн тахса олордуу мас сибэккилиир ,ас биэрэр,ону таһынан араас элбэх эгэлгэ сибэкки арааһын олордоллор. Яблоневай садка саамай ытыктыыр дьоммутугар сүгүрүйэн олордубут яблонялары атрибуттанан, таҥнан көрдөрдүбүт.
«Сыахай» куукула күрэһигэр Игнатьева Светлана Прокопьевна,Петрова Лидия Валерьевна,уонна герой ийэ Данилова Варвара Ивановна кыыһа Николаева Кэрэчээнэ 8 кылаас үөрэнээччитин кытта оҥорбут куукулаларын дьон көрүүтүгэр туруордубут.
Вера ИВАНОВА