Кутана сэлиэнньэтигэр тохсунньу 27-28 күннэригэр «Алгыс» култуура киинигэр «Кылыгырас кылыһах, дорҕоонноох тойук» диэн хомустуурга үөрэтэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Хомус кэрэ эйгэтигэр бэйэбит кыыспыт фольклору киэҥ эйгэҕэ тарҕата, үөрэтэ сылдьар С.А. Зверев Кыыл-Уолун аатынан УНАК фольклорга исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна Туйаара Алексеева кэлэн үөрэттэ. Манна дьон тоҕуоруһа муһунна, буруо сытын таһааран сахалыы сиэринэн-туомунан, чуораан тыаһынан кылыгыратан, дэйбииринэн ыраастаан, алгыстаах алаадьынан күндүлээн көрүстүбүт. Барыта 20-тэн тахса хомусчут буолан үөрэннибит, бастакы күнүгэр хомуһу хайдах тардарга, тутарга үөрэннибит. Хомус ис кистэлэҥин кэпсээн быһааран биэрдэ, икки күн биллибэккэ ааста. Үйэлэригэр хомус диэни туппатах дьон икки күн иһигэр бэркэ тыаһатар буоллубут. Үөрэрбит диэн, эр дьон кытта сырытта, оҕолор да бааллар. Саха төрүт дьүрүскэн хомуһун тыаһатарга үөрэнэн хааларбыт олус үчүгэй буоллаҕа. Бу икки күннээх дьарык түмүгүнэн биһиэхэ олохтоох хомус түмсүүтэ баар буолла. Кыыспытыгар Туйаара Аркадьевнаҕа махталбытын биллэрэбит, үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Тамара ОКОНЕШНИКОВА, СӨ култуураҕа туйгуна,
«Алгыс» култуура киинин уус-уран салайааччыта.