Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу ыйын чэрчитинэн улууспутугар араас хабааннаах субуотунньуктар ыытылла тураллар. Бу марафоҥҥа оскуола үөрэнээччилэрэ, ыччат дьон көхтөөхтүк турунан кытталлара үөрдэр. Көмө субуотунньуктар сүнньүнэн аҕам саастаах дьоҥҥо, анал байыаннай дьайыыга сылдьар кэргэннээхтэргэ, оҕолоохторго ыытыллаллар. Бу күннэргэ Сунтаардааҕы А. П. Павлов аатынан 1 №-дээх орто оскуола кэлэктиибэ, үөрэнээччилэрэ көмө субуотунньуктары ыыттылар.
Ол курдук, кулун тутар 16 күнүгэр, Сунтаардааҕы А. П. Павлов аатынан 1 №-дээх орто оскуола кэлэктиибин эр дьоно, дириэктэр Матвеев А. С. салайыытынан, кэллиэгэлэрэ, хорсун буойун дьонугар баран хаар таһаарыытыгар күүс-көмө буоллулар. Дойдуга буола турар дьайыыларга бука бары биир санаалаах, биир сомоҕо буоллахпытына, кыайыы-хотуу, инникигэ эрэл баар диэн эр дьон санаалара бөҕөх.
Оттон орто оскуола 10 «в» кылааһын кэлэктиибэ (кыл. салайааччыта Тарасова А. А.) биир дойдулаахпыт, оскуола выпускнига, билигин анал байыаннай дьайыыга бааһыран эмтэнэ сытар уолбут Степан дьонугар мас хайытан, туруоран күүс-көмө буоллулар.
1 №-дээх орто оскуола үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ үтүө санааларынан биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолаллара холобур буолар хайҕаллаах дьыала.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.