Улуустааҕы ГТАС иһитиннэрэринэн, тохсунньуга улууспутугар 23 оҕоҕо докумуонун толорторон регистрациялаппыттар. Былырыыҥҥы бу кэмнээҕи дааннайы кытта тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, 2023 сыл тохсунньутугар 15 оҕо бэлиэтэммит. Төрөппүттэр оҕолоругар билигин ордук сахалыы ааттары — Дьулуур, Түмэн, Бэргэн, Байдам, Эрхаан, Арылхан, Арчын, Айастаан, Эркин, Саргын, Одун, Эрэл, Күбэйэ, Күн Куо, Айгыына, Кэрэли Сайаана, Дайаана уо.д.а. биэрэллэр эбит.
Оттон бу сылга киирэн баран 16 оҕо күн сирин көрдө диэн улуустааҕы киин балыыһа иһитиннэрэр. Урукку сылларга дьахталлар Сунтаарга төрүүр буолаллара, оттон билигин тоҕо куоракка ыытар буоллулар? диэн ыйытыыга маннык хоруйук ыллыбыт: «Дьокуускайга саҥа перинатальнай киин тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу киин үлэтэ маршрутизация быһыытынан барар. Бу хамсааһын оҕо өлөөһүнүн аҕыйатыыга туһуланар. Маныаха, төрүү барар дьахталларга барар-кэлэр бырайыастара толору көрүллэр».
Санатан этэр буоллахха, «Демография» национальнай бырайыагы дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээн 2019 сылтан олоххо киирэн үлэлиир.
Яина ВЛАСЬЕВА