Харыстыыр сиэккэни өрүүгэ улуус олохтоохторо көхтөөхтүк кытталлар

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар улуус олохтоохторо мэлдьи көмөлөрүн ыыта, оҥоро олороллор. Олортон биирдэстэрэ харыстыыр сиэккэни өрүү буолар. Ол курдук, «Харысхал» волонтердар түмсүүлэрэ от ыйыттан саҕалаан сиэккэ өрүүтүгэр үлэлии сылдьаллар. Манна күннэтэ аҕам саастаах дьоммутун сэргэ тэрилтэ үлэһиттэрэ, устудьуоннар, үөрэнээччилэр кыттыһаллар.

Сиэккэ өрүүтүгэр «Харысхал» түмсүүттэн саҕалаан, кинилэртэн үөрэнэн, нэһилиэктэр эмиэ ылсан үлэлэһэллэр. Тэрилтэлэр да хаалсыбаттар. Холобур, улуус дьаһалтатыгар биир станок туран, дьаһалта үлэһиттэрэ быыс буллулар да сиэккэ өрөллөр. Бастакы нүөмэрдээх, коррекционнай оскуолалар иккилии станогу туруорунан үлэ барар. Бордоҥтон, Уһун Күөлтэн киирэн сиэккэ өрүүтүн албастарыгар үөрэммиттэрэ уонна бэйэлэрин нэһилиэктэригэр сиэккэ өрөр буоллулар. Сиэйэлэр, күндэйэлэр эмиэ бэйэлэрин баҕаларын биллэрэн, станок туруорунан үлэлии сылдьаллар.С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинин, «Партизан» НАТК  үлэһиттэрэ эмиэ бэйэлэрин тэрилтэлэригэр станок оҥорторон бу үтүө дьыалаҕа кыттыһаллар.

Бу күн туругунан 43 сиэккэ өрүллэн бүттэ диэн бу хамсааһыны тэрийсибит, иилээн-саҕалаан ыытар Жанна Макарова иһитиннэрдэ.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

 

 

Читайте дальше