Сунтаарга “Харысхал” түмсүү бу сайыҥҥыттан ааҕан сиппэт элбэх сиэккэни өрөн анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан ыытта. Билигин түмсүү кэҥээн тыаларынан эмиэ сиэккэ өрүүтэ салҕанар. Аҥаардас Сунтаар иһигэр сэттэ сиринэн харысхал сиэккэтин өрөллөр. Сиэккэ өрүүтүгэр кыттыспыт Уһун Күөл нэһилиэгин далбар хотуттара номнуо бэһис улахан сиэккэлэрин өрөн “харысхалларга” туттардылар.
“Харысхал” түмсүү Мииринэй куоракка “Мы вместе” диэн волонтердар штабтарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Харысхал сиэккэлэри СВО сылдьар Сунтаар уолаттарыгар аадырыстаан тиэрдиигэ бу штаб волонтердарын өҥөтө улахан. Байыас уолаттарга сиэккэни тэҥэ олохтоох дьонтон хомуллубут кэһиилэрин муһан ыыталлар. Инники кирбиигэ сылдьар уолаттар дойдуларыттан минньигэс кэмпиэт, сылаас наскы, ис таҥас тутан сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Дойдутугар сынньалаҥҥа кэлэ сылдьар В. “Харысхал” түмсүү кэһиитин анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьан тутан үөрбүтүн үллэстэр: “Мин Жанна Макарованы кытта Сунтаарга үлэбинэн элбэхтик алтыспытым, чугастык билэр киһим, доҕорум да диэххэ сөп. Кини СВО саҕаланыаҕыттан дойдуларын көмүскүү туруммут уолаттарга араас көмөнү оҥорор, тириэрдэр. Уолаттар туохха наадыйалларын тутатына Жаннаҕа тус бэйэтигэр этэллэр эбэтэр дьонунан тиэрдэллэр. Дойдубут дьонун илиитин сылааһынан өрүллүбүт сиэккэлэр ураты тыыннаахтар, харыстыыр араҥаччылыыр күүстэрэ улахан. Мин тус бэйэм “Харысхал” түмсүү өрбүт сиэккэлэрин, ону тэҥэ, биир дойдулаахтарым бэлэмнээбит кэһиилэрин тутаммын олуһун үөрбүтүм. Бу сынньалаҥмар “Харысхал” түмсүүнү кытта көрсөр санаалаахпын, инники кирбиигэ сылдьар уолаттар ааттарыттан махталбытын тиэрдиэм”.
“Харысхал” түмсүү өрбүт сиэккэлэрэ дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарга харысхал, абырал буоларын В. кэпсээниттэн өссө төгүл итэҕэйдибит.
Мира АФАНАСЬЕВА