“Матери России”Сунтаардааҕы салаата, дьахталлар сэбиэттэрэ, көхтөөх, үлэһит ийэлэр түмсүүлэрин көҕүлээһиннэринэн “Харчылаах ийэ” диэн кэрэ аҥаардарга көрсүһүү тэрийдилэр.
Харчыны сөпкө туттуу, уурунуу диэн хас биирдии ийэни долгутар, олус наадалаах тиэмэҕэ кэпсэттилэр, сүбэ-ама иһиттилэр. Оҕолор төрөпүттэрин көрөн элбэххэ үөрэнэллэр. Ол иһин, бэйэбит холобурбутунан оҕолорбутун аныгылыы тылынан эттэххэ “финансовая грамотность” диэҥҥэ үөрэтиэхтээхпит. Бу кэм ирдэбилэ буолар, элбэх киһи харчыны сөпкө сааһылаан туттубатыттан, билбэтиттэн ыар санааҕа, баттыкка киирэр.
Элбэх оҕолоох ийэ, харчы эйгэтигэр 29 сыл уопуттаах, Сунтаардааҕы “Алмазэргиэнбанк” салаатын салайааччыта Эллада Николаева харчыны сөпкө туттуу, эбии дохуот киллэриитин туһунан көрүүлэрин, санааларын үллэһиннэ. Кини тус бэйэтэ төһө да харчы эйгэтигэр өр үлэлээтэр харчыны сөпкө тутууга 47 сааһыгар кэлбитин туһунан кистээбэккэ, аһаҕастык билиннэ. Онон саҥаны билии, үөрэнии хаһан да хойут буолбатах. Харчыны сөпкө туттуу кини дьиэ кэргэнигэр элбэх саҥа арыйыылары, билсиһиилэри, олоххо табыллыыны,ситиһиини биэрбит. Бэйэтин тус олоҕуттан холобурдары кэпсээбитин көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары сэргии иһиттибит.
Көрсүһүүгэ кэлбит кэрэ аҥаардар харчы эрэ туһунан буолбакка, бэйэни булунуу, иһиллэнии, сааһыланыы туһунан кэпсэттилэр, сыал-сорук туруорунарга үөрэннилэр.
Мира АФАНАСЬЕВА