Бу күннэргэ ханна даҕаны биһиги, сахалар, үгэс буолбут муус аннынан күһүҥҥү муҥхалааһыммыт күргүөмнээн бара турар.
Биир үтүө күн Маар Күөл нэһилиэгин Бордуолаах Улахан күөлүгэр сүүсчэ киһи кыттыылаах биир эмиэ атыыр муҥха буолла. Муҥха хаһаайына нэһилиэк төрүт, биир ытыктанар олохтооҕо Юрий Иванович Михайлов буолар эбит. Бу сырыыга муҥхаҕа Сунтаардааҕы ОДьКХ тэрилтэтиттэн улахан хамаанда кэлэн кыттыыны ылан сүрүн күүс буолла. Ону тэҥэ то ыаллыы Тойбохой Оҕо дьиэтин педагог-тэрийээччитэ Евдокия Жиркова 6 уолу эрэллээх суоппар Тимур Жирков массыынатынан илдьэттии кэлэн оҕолору бэркэ астыннарда. Манна таарыччы эттэххэ, оҕо дьиэтин салалтата сылын аайы бу муҥхаҕа көхтөөхтүк кыттыһар эбит. Ол да иһин бу тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ Евдокия Жиркова муҥха хаһаайыныгар, тэрийээччитигэр Махтал суругун туттарбыта улахан үөрүүнэн көрсүлүннэ.
Салгыы муҥха күрэҕин быыһыгар араас култуурунай тэрээһин ыытыллыбыта дьону-сэргэни бэркэ сэргэхситтэ. Өссө хапсаҕайга СӨ успуордун маастара Александр Михайлов көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн балык бириистээх хапсаҕайдаһан тустуу тэрилиннэ.
Дьэ ити курдук биир сылаас кыһыҥҥы күн ытык Бордуолаах сиригэр көхтөөх, байанайдаах муҥха буолла. Ол курдук, хас биирдии киһи үстүү буолан биир куул собону үллэстэн үөрдүлэр-көттүлэр. Ону таһынан анньыыһыттарга анал сэмсэ балык үллэһиллибитэ эмиэ сиэрдээх буолла.
Сэтинньи — Байанай ыйын саҕаланыыта муҥхаһыттарга даҕаны эмиэ үөрүүлээх буолла.
Борис НИКОЛАЕВ