Халлаан сылыйда — суолга тимир көлө элбээтэ

Дьэ, сааспыт сылаас салгына биллэн, күн уһаан оҕо аймах таһырдьа сылдьара элбээтэ. Ону кытта эмиэ элбээтэ — бэлисипиэттээх сылдьааччы, матасыыкыллаах ыччат.

Кистэл буолбатах, билигин сорох төрөппүт оҕо баҕарда, көрдөөтө даҕаны тимир көлө ылан биэрэрэ баар суол. Оннооҕор кыра кылаас оҕотугар квадроцикл ылан биэрээччи кытта көстөр. Оттон ханнык да көлөнү миинньээччи суолга таҕыста даҕаны — кини суол бары кыттыылаахтарыгар ол эбэтэр сатыы сылдьааччыга, суоппардарга болҕомтолоох, сэрэхтээх буолууну хайаан даҕаны тутуһуохтаах. Сунтаардааҕы ГАИ сулууспата нэһилиэнньэҕэ анаан суолга сэрэхтээх буолууга араас хабааннаах сэрэтэр үлэлэри тиһигин быспакка ыытар.

Муус устар 22 күнүттэн 30 күнүгэр диэри полиция сотрудниктара  «Нэһилиэнньэ пууна» диэн ааттаах анал сэрэтэр-үөрэтэр үлэни бастакы түһүмэҕин саҕалаата. Бу үлэ туһунан Сунтаарбыт олохтоохторугар болҕойон ааҕалларыгар ыҥырабыт.

Ытыктабыллаах Сунтаар улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара!

 Ол курдук, бу күннэргэ ГАИ сотрудниктара, участковай уполномоченнайдар, холуобунай дьыала оперативниктара уонна оҕо инспекциятын сотрудниктара Сунтаар улууһун нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан тимир көлө хаһаайыттарын кытта көрсөн сэрэтэр үлэни ыытыахтара. Хас биирдии техникалаах дьон докумуоннарын бэлэмнээн анал эпэрээссийэҕэ кыттыһаллара ирдэнэр.

Бары билэрбит курдук, халлаан сылыйан суолга матасыыкыл уонна бэлэсипиэт араас көрүҥэ элбээтэ. Хомойуох иһин оҕолор да, улахан да дьон быраабыланы билбэккэ уонна тутуспакка суолга хатааһылыы тахсан суол саахалыгар түбэһиилэрэ элбэх. (Санатар буоллахха, мопедка  16 саастарыттан үөрэнэн праваҕа туттарыахтарын сөп, матасыыкылга 18 сааһыттан). Өскөтүн оҕо анал бырааба суох матаһыыкылынан сылдьан быраабыланы кэһэр түгэнигэр 12.7 ыстатыйа 1 чааһыгар КоАП РФ олоҕуран 5-15 тыһ. солк. тиийэ ыстарааптанарын таһынан, төрөппүккэ матасыыкылы биэрбитин иһин 30 тыһ.солк. ыстараап ананар. Ону таһынан 5.35 ыстатыйаҕа олоҕуран төрөппүт анал миэрэҕэ тардыллан, улуус административнай хамыыһыйатыгар матырыйаал көрүллэр. Оҕону анал учуокка туруоруллар. Бу анал быраабыланы кэһии оҕо инники административнай историятын буортулаан, инникитин араас хааччахтары үөскэтэрин умнуо суохтаахпыт.

Онон сиэттэрэн, хас биирдии төрөппүттэргэ уонна оҕолорго туһаайан этэбит, суолга саахалы таһаарбат, эчэйбэт туһуттан суол быраабылатын булгуччу  тутуһуллуохтаах.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.

Читайте дальше