Хаартыскаҕа хатаммыт айылҕа кэрэ көстүүлэрэ

Биһиги ортобутугар кэрэни кэрэхсии көрөр эдэр дьон баара кэрэхсэбиллээх. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт хоту дойду хоһуун уола Конон Андреевич Березкин. Кини Муоматтан төрүттээх, МТС хампаанньа менеджерэ, онон Сахабыт сирин улуустарынан элбэхтик айанныыр. Бу идэтинэн алтыс сылын үлэлиир.Толору сааһа — 23. Талан ылбыт идэтин сөбүлүүр, үлэтигэр бэриниилээх буолан номнуо үгүс уопуттаах, элбэх дьону кытта билсэр-көрсөр. Элбэхтик айаҥҥа сылдьар буолан 2016 сылтан хаартысканан дьарыктанан саҕалаабыта.

Конон бу дьарыгын туһунан ааҕааччыларга бу курдук билиһиннэрэр:

 — Үлэбинэн айаҥҥа элбэхтик сылдьабын. Ол сылдьан Сахабыт сирэ хайдахтаах курдук кэрэтин киһи сөҕө махтайа эрэ көрөр. Сылдьыбыт сирдэрбинэн – Удачнай, Витим, Үөһээ Бүлүү, Хандыга о.д.а.  Бу киһи тылынан тириэрдибэт көстүүлэри хайдах эмит үйэтиппит киһи диэн, хаартыскаҕа түһэрэр буолбутум. Киһи айылҕаҕа сырыттаҕына уоскулаҥы булар уонна саҥа толкуйдар киирэллэр диэххэ сөп. Өйдүүн-санаалыын күннээҕи түбүктэн сынньанаҕын, айылҕа эйиэхэ сүрдээх сүдү күүһү-уоҕу биэрэр. Куорат сир төһө даҕаны уота-күөһэ сандааран көстүүтэ үчүгэйин иһин, айылҕа кэрэтигэр туох да тиийбэт. Сунтаар улууһугар мин 8 ый кэриҥэ үлэлээбитим. Элбэх улууска сылдьыбыт буолан чопчу бу Сунтаар дьоно-сэргэтэ ураты ыалдьытымсахтар уонна сүрдээх кэпсэтин­ньэҥ дьон эбит дии санаабытым. Инньэ гынан элбэх доҕоттордоохпун. Кинилэр көмөлөрүнэн Сунтаар туһунан элбэҕи билбитим, көрбүтүм. Уонна биири бэлиэтии көрбүтүм диэн, олохтоох дьаһалта  нэһилиэнньэҕэ ураты болҕомтолоох үлэлээх эбит диэн. Тоҕо диэтэр атын оройуоннарга дьаһалта олохтоохтору кытта үлэлэрэ ыкса ситимнээх диэн этэргэ уустук. Онон Сахабыт сиригэр сылдьыбыт улуустарбыттан саамай Сунтаар — олоҥхо дойдутун сэргии, сөбүлүү көрбүтүм, командировкаҕа ыытар буоллахтарына үөрүүнэн кэлэбин.

Түмүктээн эттэххэ, билигин тэтимнээхтик сайдар олохпутугар дьон аттыгар, тулатыгар баар кэрэҕэ кыһаммат, кэрэ көстүүнү кэрэхсии көрбөт. Киһи кыраттан даҕаны үөрэ, тулатыгар баар кэрэни кэтээн-манаан көрө сырыттаҕына дуоһуйар. Өйдүүн-санаалыын сырдыыр уонна элбэҕи ситиһэр дии саныыбын.

Онон Сунтаар олохтоохторугар, «Сунтаар сонуннара» улуус хаһыатын ааҕааччыларыгар  уонна хаартыскаҕа түһэрэри сөбүлүүр дьоҥҥо күннээҕи олоххо тулаҕытыгар баар кэрэ көстүүлэри бэлиэтии көрөргө үөрэниҥ, оннооҕор кыраҕа да болҕомтону уурдахха сүрдээх үчүгэй ис хоһоонноох хаартысканы оҥоруоххутун сөп.

Дмитрий ПЕТРОВ

Читайте дальше