Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигын солбуйааччы Григорий Готовцевы кытары үлэ-хамнас туһунан кэпсэттибит.
– Григорий Семенович, ыһыы хампаанньата түмүктэннэ. Улуус үрдүнэн кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии хайдаҕый? Төһө иэннээх сиргэ үүнээйи, бурдук олордулунна? Туох култуура ыһылынна?
– Сунтаар улууһугар «Кириэстээх», «Тойбохой», «Ил-Тосхол», «Достижение» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ, «Иванов Н. А.», «Гаврильев Н.Н.», «Комин М.П.», «Максимов А.А.», «Петрова И.С.», «Яковлев И.Н.», «Семенов С.И.», «Федоров А.С.», «Корнилов А.Т.», «Попов С.В.», «Николаев Д.И.», «Алексеев Н.А.», «Васильев В.В.» бааһынай хаһаайыстыбалар сир үлэтинэн дьарыктаналлар.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата – эт, үүт – сири кытта ыкса сибээстээх. Ол курдук, сүөһү сиир дороххой аһылыгын, элбэх сыллаах оту ыһыы, мелиоративнай үлэлэр буолаллар. Быйыл уопсайа хортуоппуй 93,2 гаа сиргэ олордо, ол эбэтэр, былааммытын 100,6 % толордубут. 14,8 гааҕа оҕуруот аһа олордон былааммыт 100 % туолла. Оттон күөх маасса 1813,2 гааҕа (өр сыллаах от 204,2 гаа, биир сыллаах – 1609 гаа) ыһылынна. Бурдугу 767 гаа сиргэ. Ол иһигэр 202 т ньэһимиэн, 505 т эбиэс, сэлиэһинэй 60 га иэҥҥэ. Онон хаһаайыстыбаларбыт былааннаммыт үлэлэрин ситистилэр диир кыахтаахпыт. Оттон үүнүү хайдах буоларын күн-дьыл быһаарыа турдаҕа.
– Сааскы биир түбүк түмүктэннэ. Аны билигин бары күүһү окко уураҕыт буоллаҕа. Окко былаан быйыл төһө бэриллиннэ? Ходуһаларга үүнүү хайдах быһыылааҕый?
– Быйыл окко былаан биһиги улууспутугар – 34 000 т. Быһа холоон 999 звено окко тахсарга бэлэмнэнэр, ол иһигэр механизированнайа – 122, механизированнай аҥаардааҕа – 46, илиинэн, атынан үлэлиир 4 звенолаахпыт. Оттон аҥаардас илиинэн оттуур 27 биригээдэ баар. Билиҥҥи кэтээн көрүүнэн от үүнүүтэ орто диэххэ сөп. Хочо эҥээр сорох сирдэр ууга сыталлар, ол эрээри кыралаан уулара түһэр.
– Сылыктааһын быһыытынан сайыммыт кураан буолуо дииллэр. Аһыҥаны эмтээһиҥҥэ биһиги улууспутугар туох үлэ барар?
– Күн-дьыл туругун билигин ылбычча маннык диэн этэр күчүмэҕэй. Айылҕабыт барахсан маны бэйэтэ быһаарар буоллаҕа. Оттон аһыҥа туһунан этэр буоллахха, сайыҥҥы чинчийии, кэтээн көрүү түмүгүнэн Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэр аһыҥа түһүүтэ элбэҕэ бэлиэтэннэ. Бу күннэргэ эмтээн саҕалыахтара.
– Үүккэ былааммыт? Үүт харчыта, төбөҕө бэриллэр харчы төлөбүрэ хайдаҕый?
– Үүккэ сыллааҕы былааммыт – 5740 т. Билиҥҥи туругунан 2553 т үүт соҕотуопкаланна. Төбөҕө бэриллэр харчы кэлэн, улахан аҥаара түҥэтилиннэ.
– Григорий Семенович, иһитиннэрииҥ иһин махтанабын. Быйаҥнаах, үтүө сайын буолуохтун.
Яина ВЛАСЬЕВА