ХОЙ
Нэдиэлэ саҥата олус үчүгэй. Саҕалаабыккын, ылсыбыккын тиһэҕэр тиэрдэргэр, сыалгын-соруккун ситиһэргэр сулустар көмөлөһөллөр. Ураты сүүрээни толкуйдуургунан, ону олоххо хорсуннук киллэрэн иһэргинэн көрсөр ыарахаттары барытын туоруугун. Бу күннэргэ чугас дьоҥҥун, кэллиэгэлэргин кытары уопсай тылы буларыҥ уустугурбутун да иһин, үчүгэй сыһыаны тутарга кыһалын. Урут иирсибит дьоҥҥун кытары сибээстэһэ сатаа. Нэдиэлэ бүтүүтэ үлэҕэр ыксаллаах түгэннэр буолан ылыахтара. Онно кыыһыран, силбиэтэнэн турбатыҥ ордук.
ОҔУС
Санааҥ-онооҥ көтөҕүллэр. Онуоха үөскүүр мэһэйдэри, боппуруостары барытын чэпчэкитик быһаарыаҥ. Нэдиэлэ саҥатыгар саҥа, сонун үлэҕэ ылыс, ураты көрүүлэрдэ толкуйдаан киллэр. Онтукаҥ табыллыа. Эбиитин бириэмийэ тутуоххун сөп. Сүрэҕиҥ тугу этэрин өйдөөн иһит. Нэдиэлэ ортотуттан саҕалаан күөрэйэр наадалаах боппуруостары уталыппакка быһаарарга кыһалын. Кэнники күннэргэ хааллардаххына, кэлэр ыйга тугуҥ да табыллан биэрбэккэ эрэйдэниэҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ үлэҕэр да, дьиэҕэр-уоккар да, туох да саҥа уларыйыыны киллэримэ. Түүлгэр болҕомтоҕун уур.
ИГИРЭЛЭР
Сэргэх күннэр-дьыллар үүммүттэр. Ол эрээри, үлэҕэр хайдах эрэ бытаараҕын. Сорох дьыалаҕын-куолугун кэнникигэ былаанныаххын баҕараҕын эрээри, сулустар ону утараллар. Тоҕо диэтэххэ, билигин ылсыбытыҥ ыпсан, быһаарыллан иһэр кэмэ. Эбиитин, бу күннэргэ үлэҕэр, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттаргар сүбэлииллэр. Маныаха биир санаалаахтаргын кытта көрсүөххүн сөп. Ол кэлэр өртүгэр туһата көстүө. Дьиэҕэр-уоккар үөрүүлээх түгэннэр үксүүллэр. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр кэлии-барыы, үлэ үксээн туруо. Онно түмүгү оҥоро, быһаарыыны ылына охсорго тиэтэйимэ.
АРААК
Үлэҕэр болҕомтолоох буол. Сэһэргэһэр дьонуҥ тугу этэллэрин барытын ылыныма. Ыйааһыннаан, ыараҥнатан көр. Тиэтэйбэтэххинэ, барытыгар толкуйдаахтык сыһыаннастаххына, сөптөөх хардыылары оҥоруоҥ. Сотору эбии харчылаһар кыах үөскүө. Доҕоттор, атастар көрсөллөрө, бырааһынньыкка ыҥыраллара үксүө. Ол эрээри, өрөбүлгүн дьиэҕэр атаарбытыҥ ордук. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума. Кинилэри кытары иирсэ сатаама. Доруобуйаҕын көрүн. Хамсаныы, сэрээккэ, сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы ордук бу күннэргэ эйиэхэ туһаны аҕалаллара улаатыа.
ХАХАЙ
Улахан эппиэтинэстээх күннэр-дьыллар үүммүттэр. Онуоха ымсыырдар, манньытар, өйү-санааны сүүйэр этиилэр элбиэхтэрэ. Сыта-тура сыымайдаан, толкуйдаан, ыараҥнатан көрөрүҥ наада. Бэйэҕэр олус эрэнэҥҥин, сыыһаны оҥорон кэбиһиэххин сөп. Чэппиэртэн саҕалаан арыый уоскуйан барыаҥ. Ол гынан баран, сыалгын-соруккун толоруоххун баҕарар буоллаххына, уоскуйан хаалыма. Хамсан, бу күннэргэ наадалаах дьоҥҥун көрүс, кэпсэт. Айар үлэҕэ, үөрэххэ, билиини-көрүүнү хаҥатыныыга табыгастаах күннэр.
КЫЫС
Үчүгэй күннэр-дьыллар үүммүттэр. Тугу да тиэтэйбэкки, ыксаабакка быһаарын. Тулалыыр дьоҥҥун кытары уопсай тылы түргэнник булуоҥ. Саҥа билсэр дьонуҥ эйигин олус сөбүлүөхтэрэ. Бу бэлиэҕэ төрөөбүт сорох дьон кэлин үлэлэригэр көмөлөһөр, бииргэ үлэлиир эбэтэр үлэҕэ ыҥырар дьоннорун көрсүөхтэрин сөп. Урукку сыалгын-соруккун ситиһэргэ кыһалын. Онуоха көмөлөһөөччүлэр, өйөөччүлэр көстүөхтэрэ. Ханна эрэ баран кэлииҥ туһалаах буолуоҕа. Өрөбүллэриҥ түбүктээх буолуохтара эрээри, үөрүүнү аҕалыахтара.
ЫЙААҺЫН
Түбүктээх-садьыктаах күннэр үүммүттэр. Кыыһырбакка, ыксаабакка ылыстаххына, нэдиэлэ ортотугар диэри барыта орун-оннугар түһүө. Туораттан ону-маны кэпсииллэрин чугастык ылыныма, албыҥҥа-көлдьүҥҥэ киирэн биэримэ. Үлэҕэр ким эрэ эйигин “буулуур” кэмэ буолбут. Онон быһаарыыны салалтаҕын кытары сүбэлэһэн баран ылынарыҥ ордук. Ылсыбыт үлэҥ ыарахан буолуоҕа. Ол да буоллар, саҕалаабыккын ыһыктыма, быраҕыма. Ситиһии син биир кэлиэ. Онуоха уруккуттан билэр дьонуҥ өйөбүллэрэ, көмөлөрө эйиэхэ улаханнык туһалыа. Чугас дьоҥҥун, тапталлааххын кытары сыһыаныҥ тус бэйэҕиттэн тутулуктаах. Дьиэҕэр наадалааҕы атыыластаххына, өр сулууспалыа.
СКОРПИОН
Бу нэдиэлэҕэ ылсыбытыҥ барыта табыллан үөрдэр. Онуоха эйиэхэ көмөлөһөөччүлэр баар буолан иһиэхтэрэ. Саҥа билсибит дьоҥҥун кытары чугастык доҕордоһуоҥ. Үлэҕэр ситиһии арыаллыа. Дуоһунаһыҥ үрдүө. Бириэмийэ тутуоҥ. Эбии харчылаһыан баҕалаахтары кытары табыллыы күүтэр. Онуоха сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ көмөлөһүө. Тус олоххор эмиэ ситиһии күүтэр. Соҕотох сылдьааччылар саҥа билсиһииттэн дьоллонуохтара, истиҥ көрсүһүүлэргэ ыҥырыллыахтара. Онтон дьиэлээх-уоттаах, кэргэннээх, оҕолордоох дьон оҕолорун ситиһиилэриттэн үөрүөхтэрэ. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары сибиэһэй салгыҥҥа атаарарыҥ ордук.
ОХЧУТ
Чуҥкуйары билбэт нэдиэлэҥ. Сорудахха сөбүлэһэн ис, туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэргэ, саҕалаабыккын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһалын. Эн санааҕын утарааччылар, үлэҕин сыаналаабаттар баар буолуохтара. Онно бэринимэ диэн сулустар сүбэлииллэр. Сыраластаххына, барыта табыллыа диэн этэллэр. Чугас дьоҥҥор эбэтэр дьиэ кэргэҥҥэр элбэх соҕус харчыны барыырыҥ наада буолан туруоҕа. Санааҕын онтон түһэримэ. Чугас доҕоттор, аймахтар өйөбүллэригэр эрэн. Түүлгүн да, ситиһиигин да бу күннэргэ ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Кырдьаҕас аймахтаргын кытары кэпсэт, сибээстэс.
ЧУБУКУ
Быһаарыныылаах, эппиэтинэстээх буол. Төһө да баҕарбатаҕыҥ иһин, үлэҕэр да, дьиэҕэр да элбэх уларыйыылар буолуохтара. Атын сиргэ үлэҕэ ыҥырыахтарын сөп. Сыраҕын-сылбаҕын уурдаххына, үп-харчы боппуруоһа тупсуо. Эбии кууруска сылдьыыҥ, билиигин-көрүүгүн хаҥатыыҥ туһалыа. Тапталлааххын, кэргэҥҥин кытары өйдөспөт түгэннэр элбиэхтэрэ. Киэҥ көҕүстэнэргэ кыһалын. Сотору барыта көнүө, тупсуо. Чугас дьонуҥ уонна тус бэйэҥ доруобуйаҕар болҕомтолоохтук сыһыаннас. Ыраахтан ыалдьыт кэлиэҕэ. Үчүгэй сонун санааҕын улаханнык көтөҕүө.
КҮРҮЛГЭН
Судургута суох эрээри, ситиһиилээх күннэр-дьыллар. Онуоха барытыгар кыттыһан, ылсан иһэриҥ ситиһиилэри аҕалыа. Саҥаны, сонуну саҕалаа, сыалгын-соруккун олоххо киллэр. Эн саҕалааһыҥҥын, былааҥҥын өйүүр дьону кытары сибээстэс. Эйиэхэ чугас, биир санаалаах дьону түмэ тардыыҥ табыллыа. Үп-харчы боппуруоһа куһаҕана суох. Итиннэ туһааннаах үчүгэй этиилэр киириэхтэрэ. Дьиэҕэр-уоккар барыта этэҥҥэ. Оҕолор ситиһиилэрэ, чугас дьонуҥ сонуннара эйигин үөрдүө.
БАЛЫКТАР
Түбүктээх күннэр үүммүттэр. Тулаҕар олус элбэх уларыйыы-тэлэрийии буолар. Сороҕуттан барыах-кэлиэх да сиргин булбат курдук буолан ылаҕын. Онтон сылтахтанан санааргыыгын, долгуйаҕын, настарыанньаҥ уларыйа сылдьар. Ол эрээри, ыһыктынан кэбиһимэ. Билиигинэн, үлэҕэр үөрүйэххинэн ханнык да балаһыанньаттан тахсан кэлэр суолу тобулуоҥ. Бу күннэргэ улахан үлэҕэ ылсыма. Ол оннугар кыраларга, судургуларга түсүһэн ис. Санааҕын-онооҕун дьоҥҥо аһыма, кэпсээмэ. Элбэх киһи мустар сиригэр өрөбүллэргэр сылдьыма.