Гороскоп. От ыйын 29 — атырдьах ыйын 4 күннэрэ

Хой

Таайан көрөр дьоҕуруҥ күүһүрүө. Инникини былаанныырга, саҥаҕа үөрэнэргэ, дьоннуун алтыһарга ааттаах кэм. Чугас дьонуҥ түбүктэрин үллэстэн көмө буоларга дьулус. Бу күннэргэ ылсыбыт үлэҕин тиһэҕэр тириэрдэргэ дьаныс. Сынньанан, холкутуйан ылыы туһалаах буолуо.

Оҕус

Үлэ-хамнас таһаарыылаах буолуо. Соруктарыҥ тута туолалларыттан бэйэҥ да соһуйуоҥ. Дьиҥ тардыһар үлэҕин көрдөнөргө табыгастаах кэм. Дьону кытта сыһыан  лаппа тупсуо. Туора дьон кыһалҕатын быһааран кыратык түбүгүрэн ылыаххын сөп. Кылгас кэмнээх айан табыллыа.

Игирэлэр

Билиигэ тардыһыыҥ күүһүрүө. Үүнэргэ-сайдарга тоҕоостоох кэм. Үп-харчы киириитэ үксээн, баҕарбыккын атыылаһар кыахтаныаҥ. Үлэтэ суохтар үлэ булан дьоллонуохтара. Үлэлээхтэргэ соло үрдүүрүгэр тоҕоос көстүө. Ардыгар соҕотох хаалан өйү-төйү сааһыланыы туһаны эрэ аҕалыа.

Араак

Иэс-күүс боппуруостарын ситиһиилээхтик быһаарыаҥ. Умнуллубут иэскин төнүннэрэн үөрдүөхтэрин сөп. Инникини өтө көрөр дьоҕуруҥ “уһуктар” чинчилээх. Араас куһаҕантан мүччү туттарар араҥаччылааччы баар курдук буолуо. Үөрэнэргэ, билии хаҥатарга табыгастаах кэм.

Хахай

Кэргэннии, доҕордуу сыһыан тупсуо. Сулумахтар бу күннэргэ билсиһиилэрэ үтүө түмүктээх буолуо. Инники соруктаргын билиҥҥитэ аһаҕастык айахтаппат ордук. Сэрэхтээх боппуруостары чуумпутук быһаарыы табыллыа. Өрөбүллэри дьиэҕэ-уокка атаарбыт ордук.

Кыыс

Тус олоҕу умнан үлэҕэ-хамнаска оройгунан түһүөҥ, туһалааҕы үгүһү оҥоруоҥ. Нэдиэлэ саҕаланыыта уруккуттан ыралаабыт дьиэҥ кыылын иитэ ылыаххын баҕарыаҥ. Тыҥыы сылдьыбыт сыһыаннары сымнатарга, иллэһэргэ табыгастаах кэмнэр. Көмө көрдөөччүнү өйүүргэ дьулус.

Ыйааһын

Айан кэмигэр, эбэтэр куйаар ситиминэн билсиһии табыллыа. Айар-тутар үлэҕэ сыһыаннаах алтыһыылар элбэххэ үөрэтиэхтэрэ. Соло үрдүүрүгэр, идэтийии таһымын үрдэтэргэ тоҕоос көстүө. Ыраах сынньана барааччылары элбэх билсиһии-көрсүһүү, сэргэх сэлэһии күүтэр.

Скорпион

Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах боппуруостар судургутук быһаарыллыахтара. Дьиэни сууйуу-тарааһын, өрөмүөн, уларыта тутуу дэбигис кыаллар кэмнэрэ. Айан-сырыы да табыллыа. Үбү-харчыны сааһылыырга, былаанныырга дьулуһуоххун сөп.

Охчут

Айан, дьоннуун алтыһыы табыллар нэдиэлэтэ. Өйүҥ дьэҥкэрэн, толкуйуҥ сыыдамсыйан сылдьар кэмнэрэ. Хас даҕаны үлэни биир кэмҥэ быһаарар кыахтааххын. Аҕам саастаах аймахтаргар болҕомтолоох буоларга кыһан. Дьиэ кэргэниҥ олоҕо нус-хас буолуо.

Чубуку

Үлэлииргэ көҕүҥ үрдүк буолуо. Киирэр үбү-харчыны икки бүк элбэтэргэ, атыылаһыыҥ табылларыгар тоҕоостоох кэм. Бу күннэргэ тулаҕар үгүс дьон аалыҥнаһыа, суй-сай соҕус эйгэлэниэҥ. Кэпсэтии, алтыһыы санаа хоту табыллыа. Өрөбүллэри чуумпуга, дьиэҕэ-уокка атаарбыт ордук.

Күрүлгэн

Күүс-кыах толору, үлэлииргэ көх өрө тыган олоруо. Өй-санаа өттүнэн улаатарга, айар үлэ тупсарыгар тоҕоостоох кэм. Тус олоххо саҥа истиҥ сыһыан күөдьүйүөн сөп. Нэдиэлэ ортотуттан үп-харчы дьыалата тупсуо. Үлэни уонна сынньалаҥы сөптөөхтүк аттарарга дьулус.

Балыктар

Нэдиэлэ саҕаланыыта чуумпуга, дьонтон тэйиччи сылдьан кэми анаарыыга анаабытыҥ ордук. Тус бэйэ кыаҕын, талаанын намтатартан туттун. Чугас доҕору кытта ыкса сыһыаны олохтуурга табыгастаах кэм. Өрөбүл күннэргэ айылҕаҕа таҕыстаххына сынньалаҥыҥ табыллыа.

Читайте дальше