Биһиги дойдубут, улууспут баай историятын, саха төрүт үгэстэрин тарҕатарга эр санааны ылынан тулуурдаахтык, дьулуурдаахтык, хорсуннук дьулуспут, үлэлээбит-хамнаабыт дьоммут үтүө ааттара умнууга хаалыа суохтаах, оччоҕо эрэ көлүөнэлэр ситимнэрин быспат үтүө үгэс олохтонуо, дьоһун дьон олоҕо эдэр ыччакка холобур буолуо этэ диэҕи баҕарыллар…
Муус устар 9 күнүгэр – Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун күнүнэн биллэриллибит бэлиэ күҥҥэ, мин Нам Хомустааҕар саха тылын, литературатын биллэр пропагандиһа, чинчийээччитэ, филологическай наука кандидата, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт, литературнай критик, биллиилээх мэтэдиис-учуутал Георгий Романович Кардашевскай бэйэтэ муһан хаалларбыт чааһынай архыыбыгар үлэлии олорбутум.
Кэлбит соругум чуолкайа, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, норуот ырыаһыта С.А. Зверев-Кыыл Уола эһиил төрөөбүтэ 125 сылын көрсө, «кини туһунан киэҥ араҥаҕа өссө үчүгэйдик биллэ илик, эбэтэр кыратык ахтыллан баран умнуллубут сонун матырыйаал баар курдук” диэн сураҕы истэн, ону хасыһа, көрө-билэ барбытым…
Барбыт сорукпун балайда толордум дии саныыбын. Таарыйа, Георгий Кардашевскай туһунан билбэтэхпин биллим, бэйэбэр элбэх соһуччу арыйыылары оҥордум. Георгий Романович Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр учууталынан ананан, икки сыл эрэ (1957-1959 сс.) үлэлээн баран, дьон өйүттэн-санаатыттан хаһан да умнуллубат гына үгүс үтүөнү, үйэлээҕи оҥорон хаалларбыта сөҕүмэр махталы, дириҥ ытыктабылы ылыан ылар диэн нэһилиэк олохтоохторо билиҥҥэ диэри астына ахталлар. Ол туһунан, Георгий Романович бу дьыл ыам ыйын 6 күнүгэр төрөөбүтэ 108 сылын көрсө, хайаан да биир дойдулаахтарбар кинини киэҥник билиһиннэрэр санаалаах бу иһитиннэриибин саҕалыыбын.
Георгий Кардашевскайы биһиги бастатан туран, С.А. Зверев-Кыыл Уола хаалларбыт баай нэһилиэстибэтин норуокка, кэнэҕэски ыччакка тириэрдиигэ үлэлэспит дьонтон биирдэстэрэ этэ диэн билиниэх тустаахпыт. Ол курдук, Сэргэй Сибиэрэп “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхотун тупсаран, сценаҕа испэктээк быһыытынан толорулларыгар сөптөөх гына биэрсийэтин илиитинэн суруйан хаалларан, бу айымньы күн сирин көрдөҕө, сахалыы тыынынан, көрөөччүлэргэ тахсан, кинилэр биһирэбиллэрин, хайҕабылларын ыллаҕа. Бу айымньыны сурукка тиһэн хааллаттарарга идиэйэ биэрбит киһинэн Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар, Элгээйи нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Элгээйитээҕи фольклор түмэлигэр экскурсоводунан үлэлээбит Захар Саввинов буолар. Ол саҕана, Захар Ильич бэйэтэ этэринэн, эдэрчи киһи бэрт эрэйинэн, бу олоҥхо-айымньыны суолун-ииһин ирдээн, тоҥ суолун тордоон, хас да сыл тохтоло суох көрдөөн, 1945 с. суруллубут тиэкиһин оҕонньор архыыбыттан булар. Уонна өр кэмҥэ санаатыгар тута сылдьыбыт баҕатын толорон, бу олоҥхону туруорарга сананар уонна Г.Р. Кардашевскайтан бу айымньыны чөлүгэр түһэрэригэр көрдөһөр. Билигин биһиэхэ, бириэмэ ааспытын кэннэ, Сэргэй Сибиэрэп “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” испэктээх-олоҥхото сурукка тиһиллэн улууспутугар биир аутентичнай матырыйаал, сэдэх артефакт быһыытынан харалла сытара Георгий Кардашевскайтан күндү бэлэх буолар.
Г.Р. Кардашевскай РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтин национальнай оскуолаларын чинчийэр институт Саха сиринээҕи филиалыгар үлэлиир сылларыгар (1971-1978 сс.) оскуола үрдүк кылаастарыгар аналлаах үөрэнэр кинигэлэри суруйан таһаарыыга эппиэтинэстэнэр. Бу уустук методическай үлэҕэ кини тыл, литература, история институтун научнай үлэһитин П.Е. Ефремовы, СГУ преподователэ Г.Г. Окороковы, саха литературатын уопуттаах учууталларын И.Н. Рожины, С.И. Гороховы, научнай сотрудниктары М.А. Чоросовы, Н.И. Филиппованы бэйэтин тула түмпүтэ. Ол түмүгэр аан бастаан 1972 с. тохсус кылааска, онтон 1975 с. ахсыс кылааска саха литературатын хрестоматиялара бэчээттэнэн тахсыбыттара. Г.Р. Кардашевскай Элгээйигэ үлэлиир кэмнэригэр Сэргэй Сибиэрэптиин элбэхтик алтыспытынан, бэйэтэ фольклор, саха төрүт үгэстэрэ диэҥҥэ үгүс үлэлэрдээҕинэн, фольклору хомуйарга анал экспедициялары тэрийэр киһи быһыытынан – С.А. Зверев-Кыыл Уолун айымньылара сүҥкэннэрин, олус суолталаахтарын бэрт эрдэттэн бэлиэтии, сүгүрүйэ көрбүтэ. Ол да иһин буолуо, 1975 с. аан бастакы тахсар 8-с кылаастарга аналлаах саха литературатыгар «Сэбиэскэй кэм фольклора» диэн разделга соҕотохтуу Сэргэй Сибиэрэп 4 айымньытын киллэттэрэр. Георгий Кардашевскай бу сүдү киһиэхэ оруннаах болҕомтотун ууруута, саха төрүт уус-уран айымньытын кылаан күүһүн Сибиэрэп айымньыларын нөҥүө ыччакка тириэрдиитэ буолара. Саха омук сүгүрүйэр ытык киһитэ С.А.Зверев-Кыыл Уола саха литературатыгар аата дорҕоонноохтук дуораһыйан ахтылларыгар Георгий Кардашевскай Сунтаар улууһугар биир солбуллубат үтүө өҥөтө этэ.
Г.Р. Кардашевскай биһиги улууспутугар, бэрт кылгас бириэмэҕэ үлэлээн ааһарыгар, бэйэтин дириҥ суолун-ииһин хаалларбыт киһинэн буолар. Ол курдук, биир чаҕылхай үтүөтүнэн – эдэр сааһыгар ууга түһэн өлбүт, бэйэтэ этэринэн “Саха сэбиэскэй литературата сайдар сардаҥалаах сарсыардатыгар сындыыс сулус кэриэтэ, күлүм гынан ааспыт” Николай Михайлович Андреев-Түгүнүүрэп айымньыларын латыыныскайтан сахалыы тылбаастаан, “Түгүнүүрэп” диэн кинигэни таһаартарбыта. Түгүнүүр диэн өбүгэтин аатынан хос ааттаммыт, Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр Арыҥах Арыылааҕа диэн улуу алааска төрөөбүт, 23 эрэ сааһыгар диэри олорон ааспыт Николай Түгүнүүрэп уус-уран литература бары сүрүн көрүҥнэригэр: ырыаҕа-хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ, драмаҕа уонна критикаҕа үлэлээн холонон испитин, Георгий Кардашевскай кини айбыт айымньыларын биһирээн күүскэ ырытан турардаах уонна киэҥ араҥаҕа талааннаах суруйааччы быһыытынан билиниллэригэр сүҥкэн өҥөлөөх. Ити курдук, Түгүнүүрэп хаалларбыт нэһилиэстибэтэ, суруйбут суруйуулара дэгиттэр талааннаах 23-тээх суруйааччы дьулуурдаахтык үлэлээбитин көрдөрбүтэ. «Төһөлөөх айар күүс, айар баҕа кинини кытары дириҥ далайга умсубута буолуой?” диэн Г.Р. Кардашевскай кинини бэрт үрдүктүк сыаналаан эппитэ баар. Элгээйигэ Түгүнүүрэпкэ саҥа өйдөбүнньүк туттарбыта.
Георгий Кардашевскай норуот уус-уран айымньытын бары сүрүн көрүҥнэригэр (жанрдарыгар): ыһыах, үҥкүү тойуктара, домохтор (поэмалар), чабырҕахтар, таабырыннар, былыргы сэһэннэр уонна үһүйээннэр, өс хоһоонноро, саха остуоруйалара диэн түһүмэхтэринэн күүскэ үлэлээн испитэ мунньуллубут архыыбыгар чуолкайдык көстөр. Биир улахан анал паапкаҕа – көрүҥнэринэн хас биирдии түһүмэҕинэн ааттаан араартаан, страницатын суруйан, барытын улахан скрепкаларынан туттартаан кинигэ буоларга бэлэм ырытыылары суруйбут матырыйааллара сыталлар.
Г.Р. Кардашевскай киһи кэрэтэ, үтүө суобастааҕа, санаатын кистээбэккэ ханна баҕарар хорсуннук этэрэ, суруйара диэн бары бэлиэтииллэрэ. Итинтэн сылтаан тус олоҕор, айымньылаах үлэтигэр элбэх харгыстары көрсүбүтэ. Ол курдук, Бүлүүгэ райкомҥа пропаганда уонна агитация отделыгар инструктордыы сылдьан, кэргэнин быраата сэриигэ сылдьан, билиэн түбэспитин хаайбыттарын көмүскэһэн мунньахха тыл этэр. Георгий Романович сэрии инбэлиитин буолбакка, кылаассабай өстөөҕү, таҥнарыахсыты көмүскэһэр курдук көрүллэн, 1947 с. партия чилиэниттэн уһуллар уонна анал кэтэбилгэ, учуокка сылдьар. Сталин өлбүтүн эрэ кэннэ, уон сылы нөҥүөлээн, 1957 с. партийнай билиэтин төттөрү биэрэллэр. Бу партийнай билиэтин, Элгээйигэ үлэлии сылдьар бириэмэтигэр, райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Матвеев туттарар. Биһиги улууспутугар саха биир чулуу киһитин үтүө аатын төннүүтэ итинник этэ… Аны, 1968 с. тохсунньу 10 күнүгэр ССРС прокуратуратыгар саха либеральнай интэллигиэнэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүрү реабилитациялааһын туһунан туруорсубутун иһин 1971 с. Саха судаарыстыбаннай университетыттан уураппыттара. Ити курдук кини тус олоҕор элбэх ыарахаттара, харгыстары да көрүстэр, олоххо бэйэтин көрүүтүн уларыппатах үтүө суобастаах, олус билиилээх киһи этэ.
Бэйэтэ ааттаах поэт эбит, оннооҕор, Эллэй суруйбут айымньыларын көрөн аҕыйаҕы өссө эбэн хомуурунньуккун таһаартар, көмөлөһүөм диэбитэ баар, ол эрэн, ити улахан кэтэбилгэ, манабылга киирэн айымньылара тахсыбакка хаалбыттара.
2021 с. муус устар 24 күнүгэр Георгий Романович Кардашевскай төрөөбүтэ 105 сылыгар олоҕун кэпсиир “Күлүмүрдэс күнүскүбэр” дьүһүйүүнү уонна Саха сирин комсомола тэриллибитэ 100, Элгээйи нэһилиэгэ тэриллибитэ 250, Саха сирин комсомолецтарыттан биирдэстэрэ Николай Түгүнүүрэп төрөөбүтэ 115 сылларыгар «Сындыыс сулус буолан күлүм гынан ааспыта”, суруйааччы “Сэмэнчик”, “Ааныска” кэпсээннэриттэн, дьон ахтыыларынан таҥыллыбыт испэктээги Элгээйитээҕи “Оһуор” култуура киинэ (дир. Владимир Семенов), талааннаах култуура эйгэтин үлэһиттэрэ, туруорааччы режиссер Эльвира Николаева, нэһилиэк бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Татьяна Семенова бииргэ айымньылаахтык үлэлээн нэһилиэк олохтоохторугар таһааран, дьон сөҕүүтүн-махтайыытын ылыан ылбыттара. Итини тэҥэ, Элгээйи нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын (баһылык Гаврил Яковлев) уонна Элгээйи орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын (дириэктэр Софья Игнатьева) өйөбүллэринэн “Биһиги Кардашевскайбыт” диэн кинигэ күн сирин көрбүтэ. Г.Р. Кардашевскай олоҕун, үлэтин билиһиннэрэн, аатын элгээйилэр үйэтиттилэр!
Кардашевскай ситэ үөрэтиллибэтэх архыыбыттан: Түгүнүүрэп ситэ тахсыбатах айымньыларын кыыһа РФ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Нам улууһун Ытык киһитэ Галина Кардашевская булан, киниэхэ ыалдьыттыы тиийэ сылдьар Сунтаардааҕы үөрэх түмэлин салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Альбина Иванованы, бэйэтэ этэринэн «хорохоот оруолун” толотторон элбэх матырыйаалы Сунтаарга култуура салалтатыгар ыытар. Бу мантан сэдиптээн, атын архыып тэрилтэлэриттэн матырыйааллары эбэн-сабан Түгүнүүрэп иккис кинигэтэ “Сунтаар – Олоҥхо дойдута” көмүс серияҕа киирсэн быйыл тахсан эрэр. Галина Кардашевская бу кинигэ тахсыытыгар, бастааҥҥыттан хорутуулаахтык ылсыһан сыратын-сылбатын ууран туран күүскэ үлэлээбит Сунтаардааҕы кииннэммит библиотечнай үлэ бэтэрээнигэр Надежда Кузьминаҕа улахан махталын биллэрэр. Ону тэҥэ, бу кинигэ тахсыытыгар кыттыспыт култуура салалтатын начальнигынан таһаарыылаахтык үлэлии олорбут Тускулаана Горохова-Кобельяноваҕа, кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэригэр Изабелла Жирковаҕа, Татьяна Семеноваҕа, Эльвира Николаеваҕа үтүө санаааларын тириэрдэр.
Георгий Романович Кардашевскайга, кини сырдык аатыгар улуус аатыттан махтанарбытын, сүгүрүйэрбитин биллэрэбит!
Галина САМОЙЛОВА, Сунтаар улууһун култууратын салалтатын информационнай,
методическай салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.