Бэрт элбэхтэн тахсыбыт хас биирдии боччумнаах түгэн сөптөөхтүк сырдатыллар, сыаналанар кэмнээх-кэрдиистээх буолар, онон култуура эйгэтигэр үгүс уларыйыылар киирэр кэмнэрин үөстэригэр сылдьыбыт, буолан ааспыт, буола да турар түгэннэргэ тыа кулууптарын сайдыытыгар сыралаах кылаатын киллэрсибит, кинилэр ыытар үлэлэригэр методическай хайысха суолтатын, билигин туох-ханнык үлэ ирдэбиллэрэ туралларын билээри, биһиэхэ ыалдьыт быһыытынан Сунтаар улууһун култууратын салалтатын информационнай, методическай салаатын сэбиэдиссэйэ Галина Самойлованы киэҥ кэпсэтиигэ ыҥырдыбыт.
– Галина Афанасьевна, бастатан туран, сыралаах үлэҥ сыаналанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбуккунан итии-истиҥ эҕэрдэ! Дойду Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ааспыт 2023 сылы «Педагог уонна настаабынньык” сылын аныырга Ыйаах таһаарбыта. Хас биирдии киһи үлэтиттэн, статуһуттан, көрүүтүттэн тутулуга суох бэйэтигэр, тус холобурунан сүбэһит буолар киһилээх буолар. Эйиэхэ оннук киһи баар дуо?
– Мин, оннук киһинэн бэйэбэр — култуура эйгэтигэр 45 сыл үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэҕэ методическэй үлэ сайдыытыгар туох баар билиитин-көрүүтүн, өйүн-санаатын, үгүс сыратын уурбут, дириҥ билиилээх, ураты көрүүлээх, аныгы олох ирдэбилигэр тыа кулууптарын үлэлэригэр сөптөөх хайысхалары тобулбут, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, методист-новатор, ол саҕана өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин научнай-методическэй үлэҕэ салаатын салайааччыта Семен Васильевич Хону ааттыыбын. Үлэҕэ дьулууру, чиэһинэй быһыыны, талан ылбыт идэбэр бэриниилээх буолууну киниттэн билбитим уонна үөрэммитим. Ол курдук, Семен Васильевич мин олоҕум кэрдиис кэмигэр: өйбүн-санаабын сааһылыыр, үлэбин-хамнаспын түргэтэтэр, уларытар кэммэр, тоҕо, туох туһугар үлэлиирбин толкуйдаппыт, көрүүбүн уларыппыт, билбэтэхпин биллэрбит олус кытаанах салайааччым, ирдэбиллээх сүбэһитим, ардыгар толлор да настаабынньыгым быһыытынан аттыбар баар буолбут, биир үтүө сүбэһиттэрбиттэн биирдэстэрэ этэ. Ол эрэн, “ыаллаһан” бардахха, иннигэр туох эмэ толкуйдаах буоллахха тэҥнээҕин курдук көрөрө, элбэҕи сүбэлиирэ, ардыгар бэйэтэ да сүбэлэтэрэ.
Семен Васильевич Хон
– Галина Афанасьевна, методист быһыытынан үлэҥ хайдах саҕаламмытай?
– Бастаан, култуура эйгэтин ылар буоллахха, “Оһуохай” дьиэтигэр костюмерынан, “Ай-тал” тыйаатыр устуудьуйаҕа артыысканан, “Механизатор” кулуупка, “Партизан” киинигэр, онтон улуустааҕы култуура салалтатыгар исписэлиистэринэн үлэлии сылдьыбытым.
2000 сылларга 131-с ФЗ дойдуга киирээри турарынан, социальнай хайысхаҕа, ол иһигэр култуура эйгэтин систиэмэлэригэр тосту уларыйыылар баран эрэллэринэн, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн, Москва куоракка Бэс Чагдаҕа түһэртээн, эмтэнэр усулуобуйаны дьүөрэлээн — учууталлары, медиктэри, ол кэннэ култуура эйгэтин үлэһиттэрин үөрэхтээһин үлэтэ саҕаланар. Ити курдук, саҥалыы хайысхаҕа үлэлииргэ, сонун көрүүлэргэ, саҥа технологиялары киллэрэргэ каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ Михаил Ефимович улахан болҕомтотун уурбута. Бу түгэни, 2000 с. олунньу 29 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Акимов илии баттааһыннаах Бырабыыталыстыба 298 №-дээх Уурааҕа туоһулуур.
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 50 култуура эйгэтин үлэһиттэрэ талыллан, ол иһигэр мин, биир ый устата Москва куоракка анал үөрэхтээһини барабыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин миниистирин бастакы солбуйааччыта Н.М. Зайкова, ЗЦКО дириэктэрэ М.Р. Гоголева, исписэлиис Н.Е. Егорова барыбытын салайан, көрөн-истэн, биллэр-көстөр профессордарга үөрэттэрэн, Москва, Санкт-Петербург, Владимир, Суздаль куораттар култуураларын тэрилтэлэригэр, түмэллэргэ, тыйаатырдарга, бибилэтиэкэлэргэ сырытыннараллар.
Бу бэйэтэ туспа история биир кэрдиис кэмэ этэ… Умнуллубат түгэнинэн, Одинцово оройуонун биир оскуолатыгар тиийэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар кыттыыбыт буолбута. Быыбар түмүгүнэн, дойду Бэрэсидьиэнинэн Владимир Путин талыллыбыта.
Үөрэхтээһин быыһыгар М.Е. Николаев биир көрсүһүүбүтүгэр улахан умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта, саҥа 131-с федеральнай сокуон киирэринэн аныгылыы олох ирдэбиллэригэр олоҕуран, эппиэтинэстээх соруктары, ирдэбиллэри туруорбута. Онно биһиги, дьэ, өйдөөбүппүт – Арассыыйа субъектарыгар, ол иһигэр Саха сиригэр улахан хамсааһын бараары турарын, култуура эйгэтигэр сонун уонна уталытыллыбат саҥа соруктары киллэриигэ Ил Дархан, Култуура министиэристибэтин, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн туруоруллубут дойду бэрэсидьиэнин, Бырабыыталыстыба ыытар култуурунай бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ биһиги, бу үөрэммит дьон, бэйэбит тустаах үлэбитинэн тыа сирин култууратын сайдыытыгар сонун хайысхалары бастакынан саҕалааччылар, сөптөөх ньыманы торумнааччылар буоларбытын. Бу үөрэхтээһин кэнниттэн, 2001 с. муус устар ыйга улуустааҕы култуура салалтатын иһинэн саҥа структура — информационнай, методическай киин тэриллэн, онно дириэктэринэн анаммытым.
– Дьэ, эрэ, отой саҥалыы сонун үлэ саҕаламмыт, чопчу туох, ханнык хайысхалар тыа кулууптарыгар ол кэмҥэ киирбиттэрэй?
– Бу сыл Норуот айымньытын уонна социальнай, култуурунай үлэҕэ А.Е. Кулаковскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-методическай Киин иһинэн, Семен Васильевич Хон көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥалыы научнай, методическай үлэ хайысхалара чопчуламмыта. Ол туһуттан, култуура эйгэтин тэрилтэлэригэр саҥа законодательнай база олохтонорунан: тыа кулууптарыгар нормотворческай, бырайыактыыр, норуот төрүт үгэһин, социальнай, култуурунай үлэҕэ сонун, аныгылыы хайысхалар киирэллэринэн, бэйэни салайыныы уорганнарын кытта биир ситимнээх үлэ барарынан — өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, улуус култууратын салалталарын иһинэн саҥалыы тутуллаах информационнай, методическай кииннэр тэриллибиттэрэ.
Кулууп үлэтэ сайдыытыгар аныгылыы бырайыактар толкуйданан, маннык сонун хайысхалар олоххо киирбиттэрэ:
— 131-с ФС ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, кулууп нэһилиэккэ бэриллэринэн, бэйэтин дьылҕатын көҥүллүк быһаарынар бырааба олохтоноругар, юридическай статустаналларыгар сорук туруоруллубута;
— бэйэни салайыныыга, сайдыыга, сөптөөх үлэ ньыматын тобуларга чинчийии үлэтин киллэрии саҕаламмыта. Ол түмүгүнэн ырытыылаах анализтар тута оҥоһуллан сөптөөх хайысхалар тустаах уорганнарга, тэрилтэлэргэ бэриллэр усулуобуйалара тэриллибитэ;
— улуус, нэһилиэк баһылыктарын, дьокутааттарын култуураҕа боломуочуйаларын сүрүннээһин, кинилэргэ тестовай ыйытыктар оҥоһуллан туох өйдөммөт, кыһалҕалаах боппуруостар баалларын быһаарыы, өйдөтүү үлэтэ, сүбэ-көмө улуус дьаһалтатын иһинэн «Школа МСУ” нөҥүө кыттыһыылаах ыытыллар буолбута;
— РДНТ өттүттэн улуус, нэһилиэк дьаһалталарын уонна култуура тэрилтэлэрин икки ардыларыгар үлэҕэ сыһыаннарыгар, сөбүлэҥнэригэр араас нормативнай-правовой аакталар бырайыактара оҥоһуллан, илдьиритиллэн – улуус, нэһилиэк таһымыгар бу докумуоннар сиэссийэнэн аһардыллан, кулууптар көмүскэллээх буолууларыгар эйгэ олохтоммута;
— нэһилиэнньэ дьонун баҕатын-интэриэһин учуоттаан, аныгылыы олох ирдэбилигэр эппиэттэһэр үрдүк технологиялары, саҥа өҥөлөрү киллэрии усулуобуйаларын тэрийэр сорук турбута;
— кулууп бэйэтин боччунарыгар эппиэтинэс сүктэриллэн тастан үбү киллэрэригэр сыал-сорук туруоруллубута;
— дьон сынньалаҥын тэрийиигэ «эстетика, дизайн” өттүнэн эппиэттэһэр анал хостор оҥоһуллуулара, кулууп таһыгар араас тэрээһин ыытыллар, дьон кэлэн сынньанарыгар сөптөөх тупсаҕай тутуулара, оҕо былаһааккалара ирдэниллибитэ.
– Биир ситимҥэ сылдьыбыт тыа кулууптарын эмискэ нэһилиэк таһымыгар биэрии туох ыарахаттары үөскэппитэй?
– Бу олох ирдэбилэ этэ, ол эрэн, ону бары өйдүүр, ылынар буолбатахтара, манна элбэх күчүмэҕэйдэри көрсүбүппүт. Уруккулуу биир ситимҥэ сылдьарга үөрэммиттэринэн, үөһэттэн симиэтэнэн түһэ турар харчыга үлэлии олорор кулууптарга быдан чэпчэки этэ… Онон, сэбиэскэй бириэмэ ирдэбиллэринэн бэстибээл, кэнсиэр таһымыгар үлэлии олорбут кулууп үлэтин хайысхатын эмискэччи 180 кыраадыс уларыта тутуу ыарахаттардааҕа. Ону кытта дьон ментальноһа, ол эбэтэр олоҕу көрүүтэ-анаарыыта, үлэлии олорбут үлэтин истиилэ, ирдэбилэ таһыччы уларыйыыта күчүмэҕэйдэри, ардыгар ыарыылаах да соҕус түгэннэри үөскэппитэ баар суол… Ол курдук, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, сааһыра барбыт дьоммут компьютеризация киириитин, саҥа технологиялар, ирдэбиллэр турбуттарын уйбакка туораталаан киирэн барбыттара. Бу соторутааҥҥа диэри ырыа-тойук, үҥкүү-битии, бэстибээллэр эрэ сүрүн көрдөбүллэр эбит буоллахтарына, ити инники этэн аһарбыт үлэ саҥа хайысхалара киирэннэр, кулууп ыытар үлэтин сүрүн көрдөрүүлэрэ буолбуттара. Сорох саастаах кулууп дириэктэрдэрэ: “биһиэхэ компьютер туохха нааданый?” дииллэрэ, компьютеры аҥардастыы отчуоту бэчээттиир эрэ массыыҥка курдук көрөллөрө. Оттон, бу аныгылыы технология төннүбэттик, түргэнник киириитэ, сэбиэскэй бириэмэтээҕи «клубоведение” постулаттарын төрдүттэн уларыппыта. Компьютер кулууп ыытар үлэтигэр биир сонун, көмө сириэстибэ, интернет холбонон үрдүк технология киириитэ, Интернет-форумнар, маҕаһыыннар, сибээстэр олохтононнор саҥа кыахтары арыйарга күүс-көмө биэрбитэ, онтон да атын техническай оборудованиелар киирэннэр кулууп нэһилиэнньэҕэ оҥорор өҥөтө сылын ахсын биллэ тупсубута, сайдыбыта.
Бу ирдэбиллэр турар кыһалҕалара биир күнүнэн кэлбэтэхтэрэ, бэйэтэ туспа силистээх-мутуктаах, эриирдээх-мускуурдаах кэмнэр ааспыттарын өр үлэлээбит уонна кулууп «спецификатын» билэр дьон өйдүүллэр. Семен Хон бу маннык билиҥҥи турукка кэлэрбитин, профстандарт ирдэбиллэрэ хаһан эрэ киириэхтээхтэрин өссө 10-ча сыл иннинэ эрдэттэн өтө көрөн «как бы завоевать место под солнцем» уонна «как быть востребованным» диэн тыын боппуруостарга олоҕуран, кулууптар сабыллан хаалбаттарын туһугар туох-ханнык механизмнары тобулабытый, туох сонун тэрээһиннэри ыытан дьону бэйэбитигэр тардабытый, ханнык үрдүк технологиялары киллэрэн аныгы олоҕу кытта хардыылыыбытый, оттон, судаарыстыба үп-харчы өттүнэн эппиэтинэһин санныттан түһэрэн, бэйэбитигэр сүктэрбитигэр, хайдах харчы киллэрэн бэйэбитин бэринэбитий, о.д.а. кыһалҕалаах боппуруостарга сөптөөх усулуобуйа тэриллэригэр төһөлөөх үлэ хайысхатын, инструментарийдары киллэрбитэ, туруорсубута буолуой… Билигин санаатахха, олохтоох бэйэни салайыныы улуус, нэһилиэк таһымыгар киирэн, кэккэ кэмнэргэ олохпут тутула тосту уларыйыыларын түмүгэр, кулууп үлэтэ сылларынан хайдах систиэмэлэнэн испитин сиһилии кэпсээтэххэ, өссө сөпсөһөр, сөпсөспөт түгэннэр баалларын барытын ырытан бардахха, иһитиннэрии түмүгэ бүппэт чинчилэнэр… Тугу барытын умнан туран, олус да сыралаах үлэни ыыппыт эбиппит диэн билигин кэлэн сөҕөҕүн. Туһугар итиннэ тулуур, дьулуур, сатабыл, өй-санаа тургутуута, элбэҕи үөрэтии, ырытыһыы, билии, таһым барыта түмүллэн күүстээх сааһыланыы үлэтэ барбыта. Устуоруйа биир саамай уларыта тутуллуутун, сүүрбэччэ сылы быһа олоххо күүскэ киллэриллэ, туһанылла сылдьыбыт кэмнэрин сотуллубат кэрэһиттэрэ буоларбытынан, билигин киэн тутта саныыгын.
– Бу уларыйыылар киириилэригэр атын кулууптары сырыһыннарар кыахтаах үчүгэй көрдөрүүлээх кулууптар Сунтаар улууһугар төһө бааллар этэй?
– Семен Хон көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “пилотнай”, ол эбэтэр саҥа сүүрээннэр киириилэригэр экспериментальнай былаһаакка буолбуппут, бастыҥ улуустар ахсааннарыгар киирбиппит. Оннук аҕыйах улуус баара: Уус-Алдан, Горнай, Сунтаар, Ньурба…
2004 сыллаахтан тыа кулууптарыгар юридическай статус бэриллиилэрин боппуруостара сытыытык туран киирэн барбыттара. 131-с ФС олоххо киириитэ бэйэни салайыныыга олохтоох дьаһалта иннигэр кулууп ыытар үлэтин сүрүннүүрүгэр, үлэлиир усулуобуйаны тэрийиитигэр сөптөөх нормативнай докумуоннары ылыналларыгар сорук туруоруллубута. Оттон урут нормотворческай үлэ сойууһунай, судаарыстыбаннай таһымҥа эрэ оҥоһуллар эбит буоллаҕына, бэйэни салайыныы таһымыгар бу үлэ хайысхатын киллэрии инструментарийдарын ким да үөрэтэн-чинчийэн көрө илигэ. Бириэмэтигэр сөптөөх нормативнай үлэ барбатаҕына үөһэттэн үп- харчы түһүүтэ күчүмэҕэйдээх буолбута. РНМЦ көҕүлээһининэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин, Бэрэсидьиэн уонна Бырабыыталыстыба иһинэн баар бэйэни салайыныы Департаменын, култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэристибэтин, улуустар администрацияларын бу нормотворческай хайысха тула түмүү үлэтэ саҕаламмыта. Тыа кулууптара ырыынак усулуобуйатыгар тыыннаах хаалар усулуобуйаларын үөскэтэр соруктаах олус элбэх дөкүмүөннэр ылыллыбыттара (устааптар, араас балаһыанньалар, регламеннар о.д.). Ол курдук, улууска хас сессия ахсын култуураҕа сыһыаннаах Балаһыанньалары дакаастаан, көмүскээн аһаттарыы үлэлэрэ барбыттара. Бу бириэмэтигэр олус сыралаах үлэ этэ. Кулууп дьиэлэрин правовой тутуллара ити икки сылга куускэ оҥоһуллубуттара.
Сунтаар улууһугар 2008 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр 297 №-дээх “О создании базовых культурно-досуговых учреждений” диэн улуус баһылыгын уурааҕа тахсан, бастакы биэс инновационнай кулууптар: Кириэстээх (дир. А.Д. Платонова),Тойбохой (дир. Н.Н. Павлова), Маар Күөл ( дир. Э.Е. Егорова), Бордоҥ (дир. В.С. Спиридонов), Күндэйэ (дир. Л.В. Саввинов) нэһилиэктэригэр тэриллибиттэрэ. Саҥа үлэ хайысхалара кинилэр нөҥүө ыытыллар буолбута. Хас биирдии кулууп дуоһунаһын эппиэтинэһинэн, ыытар үлэтин соругунан тус сыаллаах айар бырайыактар (творчески-производственный проект) ирдэммиттэрэ. Бу кулууптар бэйэлэрин уопуттарынан, сонун бырайыактарынан, үрдүк көрдөрүүлэринэн улуус кулууптарын сырыһыннарар сыаллаах-соруктаах тэриллибиттэрэ. Ол курдук, үлэлэрин уопутунан өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах, былаһааккаларга, сэминээрдэргэ, улуустарынан көһө сылдьар практикумнарга кыттыыны ылаллара булгуччулаах буолбута. Ол саҕана култуура министиэристибэтин иһинэн тус сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлииллэрэ, манна хайа кыалларынан кытта сатыыллара.
Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар тыа сирин кулууптарын үлэтэ көмүскэллээх буоларыгар, «Законы о культуре» сүрүн докумуоммут баар эрээри үлэлээбэт механизмнарын хамсаттара сатаан, Семен Васильевич Күндэйэ нэһилиэгин “Ил” култуура киинин дириэктэрин Леонид Саввиновы иһитиннэрии оҥорорун бэлэмнээҥ диэбитэ. Леонид Саввинов үрдүк трибунаттан тыа сирин кулууптарын кыһалҕалаах үлэлэрин туһунан, сөптөөх өйөбүл, усулуобуйа ирдэнэрин туруорсан этинэн турардаах, ол иннигэр итинник култуура үлэһиттэрэ тахсан иһитиннэрии оҥорбуттара суоҕа…
Ол саҕана, бириэмэтигэр сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлиир, иннин солонор, үгүс кулуубу бэйэтин холобурунан сырыһыннарар кыахтаах диэн Василий Спиридонов курдук күүстээх салайааччылаах «Айыллаан» Бордоҥ кулуубун өрөспүүбүлүкэҕэ «локомотив» буолар кыаҕын таһаарыахха диэн сүбэлэһии барбыта. Инньэ гынан, «инновационнай» кулууптар истэриттэн бастакынан сонун Бырайыактарынан Мария Спиридонова атын улуус кыахтаахтарын кытта куоракка, улуустарынан анал дискуционнай былаһааккаларга иһититиннэрии оҥорор буолбута. Онтон да атын, элбэх бырайыактар Тойбохой, Кириэстээх, Маар Күөл, Кэмпэндээйи, Дьаархан, Хоро, Элгээйи о.д.а нэһилиэктэр кулууптарынан олоххо киллэриллибиттэрэ.
– Бу эйгэҕэ төһө кэм үлэлээтиҥ уонна үлэҕин төһө сөбүлүүгүн?
– Методическай үлэҕэ култуурам ыстааһыттан, саамай уһуннук сырыттым, ханна да халбаҥнаабакка 23-с сылбын үлэлиибин. Бэйэтин бириэмэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, туспа суоллаах-иистээх улуустааҕы “РИнфо” информационнай, методическай киин диэн этибит, билигин даҕаны билинэллэр. Семен Васильевич уурайбытын кэннэ, бу үлэни метод.отдел быһыытынан, ыытыллар ис хоһоонун сүтэрбэккэ, сөптөөх ньыманы, хайысханы биэрэрбитинэн, прикладной хайысхалаах ыйынньыктары, брошюбралары таһаарарбытынан инники күөҥҥэ сылдьабыт. Ити чааһыгар, эһиэхэ тэҥнэһэр методическай сулууспа суох диэн РДНТ да өттүттэн уонна атын да улуустар этинэллэрин истэн үөрэбит, инникитин үлэлииргэ, сайдарга, сөптөөх хайысханы тарҕатарга итинник сыанабыл биһиэхэ биир төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Дэлэҕэ даҕаны, “Хон кыргыттара” диэн билиниэхтэрэ да, бириэмэтигэр, миэстэтигэр ахтан, санаан аастахха…
Төһө да түбүктээк, сылаалаах буоллар үлэбин аһара сөбүлүүбүн, бу отой билэр, анаарар, ырытыһар, өйүм тобуллар, көрүүбүн тарҕатар, баары дакаастаһар, кырдьыгы туруулаһар, наада буоллаҕына бодо киирсиһэр бэйэм эйгэм. Быһата, өй-санаа арыллар түгэҕэ көстүбэт айымньылаах хонуум буолар.
– Тылыҥ тамаҕыттан иһиттэххэ, Семен Васильевич Хон эйиэхэ олус улахан сабыдыаллаах эбит, кини киһи, сүбэһит, үлэһит быһыытынан хайдах этэй?
– Олус билиилээх, ирдэбиллээх, ханнык баҕарар таһымҥа ылыннарар тыллаах, ылыммыт соругун олоххо киллэрэр, ураты аналитическай толкуйдаах, сатабыллаах салайааччы, дьону бэйэтин тула түмэр күүстээх лидер этэ. Ити курдук, бу биир киһи, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, тыа кулууптарын сайыннарар эрэ сыаллаах методическай үлэни күүскэ тутан, көмүскэллээх буоларбытыгар сөптөөх соруктары тобуларга саҥа үлэ хайысхаларын ирдэбилгэ туруоран, хонтуруолга тутан олорбуттаах…
Биһиэхэ сүбэлэһэ, сүбэлии, сонун хайысхалары киллэрэргэ кэпсэтэ Семен Васильевич элбэхтик кэлэн барбыта, араас таһымнаах сэминээрдэр бараллара. Итинник түгэннэргэ, «тойоҥҥут” Хон баран иһэр диэн буолара, дьэ, оччоҕо кытаанах тилигирэһии саҕаланара. Кини иһэр кофетыттан, сөбүлээн тардар табаҕыттан саҕалаан пепельницатыгар тиийэ буларбыт, сэминээр буолар былаһааккатын бэлэмниири, дьону түмэрбит туһунан этэ да барбаккын.
Кини ураты ньымалааҕа: бэйэбит тус уоппуппутугар баар үтүө үлэ түмүктэрин тарҕатарга, кыһалҕалары туоратарга сөптөөх хайысха толкуйдатан, бэйэбитинэн ону чинчиттэрэн (нэһилиэнньэҕэ опрос бөҕөтө ыыттарарбыт), сайыннаттаран, араас сонун Бырайыактары толкуйдатара.
Култуура министиэристибэтин ыҥырыытынан хас да төгүл миигин уонна Саргылана Конобулованы Семен Васильевич метод.кииннэр мустар түһүлгэлэригэр, НПК-ларга, сэминээрдэргэ — үлэбит уопутуттан элбэх ырытыылаах иһитиннэриилэри, рекомендациялары оҥортороро. Семен Васильевич итинник бэйэбитин саҥардан, толкуйдатан, чинчиттэрэн, метод.үлэ элбэх боппуруоһугар анаарар, анаалыстыыр толкуйбутун уһугуннаран, сайыннарар сөптөөх ньымалары туһанар эбит, аны санаатахха… Бастаан, тиэмэтин толкуйдаан баран, маннык боппуруостар, хайысхалар таарыллыахтаахтар диэн схематын биэрэн эрэ кэбиһэрэ, дьэ, ол кэннэ мэйииҥ буһуор диэри толкуйдууруҥ! Төһөлөөх элбэҕи ааҕыммыппыт, хаһыспыппыт буолуой, дьэ ити курдук бэйэбит күүскэ «самообразование» барар этибит. Биһиги тус көрүүлэрбитигэр болҕомто ууруллан, тупсарыллан өрөспүүбүлүкэҕэ методическэй брошюралар тахсан тураллар.
Ыкса алтыһыым, аһаҕастык астына кэпсэтиим кини айар суруйууларыттан, кинигэлэрин ырытыһыыттан саҕаламмыта. Манна мин кинини методист эрэ буолбакка, бэйэбэр соһуччу чаҕылхай суруйааччы, олус уйан, чараас дууһалаах эстет быһыытынан сөҕө, долгуйа арыйбытым… Аан бастаан, “Путь к Олимпу” диэн кинигэтин ааҕан долгуйбуппуон… Хас биирдии бичийиитин, били бэйэтэ сөбүлээн туттар тылынан “всеми фибрами клетки” ылынан, өйүм-санаам түмүллэн, умсугуйан туран биир тыынынан ааҕан бүтэрбитим. Уруккута олус ирдэбиллээх, ардыгар кытаанах тылларынан хаарыйталаан саҥарар толлор “тойоммут” кытаанах уобараһа миэхэ биир түгэнинэн төннүбэттии ыһыллыбыта. Эчи сөхпүппүөн, кини бу түгэнтэн ыла отой таһыччы ураты өттүнэн көстүбүтэ, атын харахпынан көрбүтүм уонна сүгүрүйбүтүм. Сүгүрүйбүтүм – тылын баайыгар, чараас уйулҕатыгар, сүгүрүйбүтүм – тыа кулуубун идэтийбит үлэһитин ОЛИМП курдук үрдүк кирилиэскэ ытыннарбытын, сүгүрүйбүтүм – суруйар улуу дьоҕуругар, ураты көрүүтүгэр уонна сүгүрүйбүтүм – мэтэдьиис уонна суруйааччы улуу талааныгар! Ааттаах астык кинигэ этэ, бу иннинэ ким да Хон курдук, тыа кулуубун үлэһиттэрин хоһуйан, сыралаах үлэлэрин сырдатан үйэтитиигэ хаалларбыта суох эбээт…
Кэлин суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан, ытыктыыр, сүгүрүйэр настаабынньыгым кэс тылын этэр курдук маннык диэбиттээҕэ: “Дорообо. Эһиги методическэй үлэ олох тыытыллыбатах хайысхатын сайыннарарга дьоһуннаахтык толкуйдуоххутун наада. Кэлэр эдэр кадровай көлүөнэлэргэ информативнай, методологическэй нэһилиэстибэ буолар гына оройуон таһымыгар биллибит, бэлиэтэммит кулуубунай уонна методическэй үлэлэр саамай суолталаах, сыаналанар бырайыактарын “структурно, мотивационно и содержательно” электроннай биэрсийэҕэ уонна кумааҕыга тиһэн, хайдах гынан уонунан сылларга сүппэттэрин курдук архивациялыыр туһунан толкуйдаа. Мин ити бырайыагы өссө 2011 с. хаамтара сатаабытым… Эх, Галина, хомоҕой да тыллааххын сээркээн сэһэнньит курдук, чахчыта, эн, последняя из метод.долины диэтэхпинэ өһүргэнимэ. Мин бэйэм чааһа ол ааспыт кэмнэргэ тэрийбит, ыыппыт үлэбин ити эһиги курдук үрдүктүк сыана биэрбэппин уонна ити эһиги билиҥҥи сааһырбыт метод/көлүөнэ кэннэ, аныгы биһиэхэ өйдөммөт атын мораль, этика «сыаннастарынан» бүрүммүт ыччаттар бу үлэҕэ туһалаах методология диэн сыаналыахтара, туһаныахтара диэн олох түүлбэр да киллэрбэппин. Хата, эһиги ол кэмнэргэ ыытыллыбыт метод/үлэ, олоххо киирбит бырайыактары, бииргэ үлэспит кэллиэгэлэриҥ туһунан оройуон практига, реализатор быһыытынан кинигэтэ суруйан үлэлиир эйгэҕэр бэлэхтэ хааллар”.
Төһөлөөх бэйэтин бириэмэтигэр күүстээх метод/үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ барбытын, туох ситиһиилэр, кыайыылар, кыһалҕалар, харгыстар, өйөммөтөх-өйдөммөтөх түгэннэр баалларын быыһыгар кэпсэтэрбит, үксүн оспуордаһарбыт, тыл тылга киирсибэт да түгэннэрдээх этибит, ол эрэн, син биир уопсай өйдөбүлгэ кэлэрбит, сүбэлэһэрбит, сонун саҥа хайысхалары ырытыһарбыт. Билигин, ол түбүктээх кэмнэри ким сырдатыа, Семен Хон хаалларбыт баай научнай-методическэй нэһилиэстибэтин дириҥник ырытан, билим таһымыгар таһааран үөрэтэн, сайыннаран, үйэтитэр, тарҕатар суолга таһаарыа эбитэ буолла… Семен Васильевич саамай таһаарылаах, туһалаах кэмнэрэ сырдатыллыахтаахтар, ол туора сотуллуо суохтаах. Суруллубут суоруллубат диэбиттии, баһаам элбэх суруйбут методическэй брошюралара хаттаан тиллэн, тыа кулууптара хайысхаларын булуналларыгар, сөптөөх ньыманы тобулалларыгар, саҥалыы үлэ көрүҥнэрин эбии киллэрэллэригэр, баай култуурунай нэһилиэстибэ быһыытынан хас биирдии кулууп дьиэтин үлэһитин остуолугар мэлдьи сытар, туһаныллар, инникини түстүүр методическэй ыйынньык буолар кэмэ кэллэ дии санаабаккыт дуо, култуура эйгэтин үлэһиттэрэ…
Семен Васильевич бу сиртэн барбыта биир сылыгар анаан, кини үрдүк аатыгар сүгүрүйэн, ытыктыырбытын биллэрэн, Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылыгар, 2023 сыл ахсынньы 7-8 күннэригэр Сунтаарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи «В МИРЕ КУЛЬТУРЫ СЕЛА» диэн форуму киэҥ далааһыннаахтык тэрийэн ыыттыбыт. Форум иһинэн элбэх тэрээһин толкуйданан барда: «Листая страницы истории методической работы» методическэй хабааннаах брошюралар, кинигэлэр, аудио-видео таһаарыылар быыстапкалара; I өрөспүүбүлүкэтээҕи «ХОНОВСКИЕ ЧТЕНИЯ» билим кэмпэриэнсийэтэ; II ааптарыскай «Лучший менеджер клубной деятельности» диэн кулууп үлэһиттэрин идэтийбит таһымнарын тургутар күрэһим. Тыа кулууптарын үлэтин сүрүннүүр методическай үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ салгыы хайдах салалларыгар «На пути к эффективной деятельности» диэн киэҥ ырытыһыылаах кэпсэл олохтонно. Билиҥҥи балысхан олоххо, уларыйыылар киирэ турар кэмнэригэр тыа култууратын сайдыытыгар сөптөөх, хайысханы, ньыманы тобулбут методист-новатор үтүө үрдүк аатыгар сүгүрүйэн бу тэрээһин ыытылынна.
Семен Хон баай айар, култуурунай, научнай-методическэй нэһилиэстибэтин сөргүтэр, сайыннарар, тарҕатар сыаллаах-соруктаах «ХОНОВСКИЕ ЧТЕНИЯ» билим кэмпэриэнсийэтэ, кулууп үлэһиттэрин идэтийбит таһымнарын тургутар күрэс сайдар кэскилэ инникилээх уонна салгыы өссө кэҥээн тэриллиэ диэн эрэллээхпин.
– Галина Афанасьевна, чахчы да култуура эйгэтигэр сайдыы, үлэ тутулун уларытыыга күүскэ үлэлэһэр киһи быһыытынан сүрдээх интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээниҥ иһин махтал.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат