Сунтаар оройуонун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар суолга-иискэ сэрэхтээх буолуу күнэ саҕаланна.
Ол курдук, балаҕан ыйын 16 күнүттэн ахсынньы ый 1 күнүгэр диэри Арассыыйа ИДьМ Сунтаардааҕы отделын Госавтоинспекция сотрудниктара, суолунан айаннааччылар олохторун, доруобуйаларын харыстыыр инниттэн, сэрэтии үлэтин уонна буруйу оҥорууну туоратарга, административнай быраабы кэһии, суол тырааныспардарыгар быһылаан тахсыбатын гына, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутттал суоһаабатын туһугар сыаллаах үлэ ыыталлар. Маны тэҥэ Госавтоинспекция хайысхатынан Судаарсытыбаннай өҥөлөрү оҥорууга гражданнар сыанабылларын таһымын үрдэтии буолар.
Бу тэрээһин иитинэн бүгүн, балаҕан ыйын 20 күнүгэр Түбэй Дьаархаҥҥа Госавтоинспекция үлэһиттэрэ нэһилиэк баһылыгын кытары көрүстүлэр, уулусса суолларын ситимин бэрэбиэркэлээтилэр, олохтоохтору кытары көрсөн тиэхиньикэлэри учуоттан устарга сайыбылыанньалары ыллылар, водительскай удостоверениелары биэриигэ, уларытарга уо.д.а боппуруоска сүбэлэри биэрдилэр. Маны таһынан уһуйаан, оскуола оҕолоругар профилактическай бэсиэдэлэри, тэрилтэ салайааччыларыгар уонна үлэһиттэригэр «Обеспечение безопасности дорожного движения» диэн тиэмэлээх төгүрүк остуол тэрийдилэр.
Елизавета ТИТОВА